"Киинэбэр дэриэбинэ оҕотун олоҕун көрдөрүөхпүн баҕарабын..."
Аттыбар олорбут бастакы кылаас үөрэнээччилэрэ: "Бүгүн хайыһар бырааһынньыга", - дэһэллэр. Кырдьык, оҕо аймахха анаан ыытыллар күрэхтэһии сылын аайы буолар.
Бу тэрээһиҥҥэ штатифтаах, хаартыскаҕа түһэрэр аппарааттаах кыыс сылдьарын бары да көрдөхпүт буолуо. Күн тохтоло суох, ардыгар халыҥ хаары кэһэ сылдьан үлэлээтэ. Мин өссө кинини Ытык Күөлтэн кэлбит эдэр кэрэспэдьиэн оҕо сылдьар быһыылаах диибин. Кини хайдах үлэлиирин, дьону, күрэхтэһээччилэри хаартыскаҕа түһэрэрин кэтиибин. Онтон аттыбар чугаһаабытыгар ыҥыран ылан кэпсэттим.
Аата Аина Нестерова диэн. Москва куоракка Аныгы искусство институтугар" үөрэнэр устудьуон кыыс буолан биэрдэ. Хайыһар күрэхтэһиитин хаартыскаҕа түһэрэ, уһула кэлбит. Дэбдиргэҕэ нэдиэлэ курдук буолбут, үөрэнээччибит Кеша Никифоров туһунан киинэ оҥорон эрэр эбит. Ол туһунан кэпсэтистибит. Сүрдээх үчүгэй былааннаах. Ону кылгастык сырдатта, институтун туһунан да кэпсээтэ.
Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрээт, институкка киинэ уонна телевидение режиссёрун үөрэтэр салааҕа киирбит. Бөлөҕөр соҕотох саха. Институт үрдүнэн биэс саха оҕото үөрэнэ сылдьар диэтэ. Устудьуоннары аатырбыт режиссер Алексей Ханютин, биллиилээх артыыстар Дмитрий Певцов, Ольга Дроздова, Любовь Казарновская курдук биллиилээх дьон үөрэтэллэр эбит.
"Кеша Никифоровы хайдах буллуҥ?" диэн ыйытыыбар "ийэм көмөлөһөн", - диэтэ.
"Дэриэбинэ оҕотун олоҕун көрдөрүөхпүн баҕарабын. Кеша наһаа үчүгэй, үлэһит киһи. Олох ыраас, дьиҥ сахалыы тыыннаах эйгэҕэ олорор диэн көрдүм. Олохпут балысхан сайдыытын төлөпүөн, көмпүүтэр эрэ нөҥүө билэн олорор эбит дии санаатым. Дьиҥэ, дэриэбинэҕэ наһаа үчүгэй, таас оскуолалааххыт. Куорат оҕотуттан төрүт хаалсыбат усулуобуйалаах. Кеша үөрэнэр, консультацияҕа, эбии араас дьарыкка сылдьар. Кини үүнэригэр, сайдарыгар туох баар барыта баар эбит, оннооҕор бу күрэхтэһии буола турар. Ол гынан баран маннык үчүгэй эйгэҕэ олорор тыа оҕото модернизация кыһалҕатыгар хайдах киириэҕэй уонна кини онно бэлэмнээх дуо диэн көрдүм. Кининэн билиҥҥи глобализация үйэтигэр дэриэбинэ дьылҕатын арыйар санаалаахпын. Киинэ көрөөччүнү толкуйдатар буолуон баҕарабын. Үчүгэй өрүтэ баһыйар буолуохтаах. Оҕоҕо, ыччакка сырдыгы саҕар буолуон баҕарабын",- диэн кэпсээтэ Аина .
Мин кинилиин кэпсэтэммин барыта этэҥҥэ буолуон баҕардым. Киинэ оҥоһулуннун, көрөөччү «үчүгэйинэн» сыаналаатын. Киинэ дьоруойа Кеша эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттардын.