Киинэ павильона тутуллуоҕа
Элбэх хайысхалаах киинэ павильона Дьокуускай куорат 68-с кыбаарталыгар тутуллуоҕа диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Киинэ павильонун 2027 сылга диэри тутарга Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудахтаата. Куорат маастар-былааныгар олоҕуран, тутуу учаастага – киин куорат 68-с кыбаарталын территорията.
Мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, кэнники сылларга Саха сирин киинэ хампаанньаларын өҥөлөрүнэн, саха киинэтэ киэҥник тарҕанна уонна аптарытыата үрдээтэ.
«Биллэн турар, ити дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Дьокуускайга киинэ павильонун тутуу туһунан сорудаҕын төрүөтүнэн буолла», - диэтэ Ил Дархан уонна билигин итинник киинэ павильоннара Москваҕа уонна Санкт-Петербурга эрэ баалларын бэлиэтээтэ.
Мунньах түмүгүнэн, Айсен Николаев сорудаҕынан, территория былаанын уонна тыырыытын, итиэннэ архитектурнай эскиһин бырайыага оҥоһуллуоҕа, туһааннаах кадастровай үлэ ыытыллыаҕа. Эбийиэк тутуута 2025 сылга былааннанна.
«Ил Дархан Айсен Николаев киинэ индустриятын оҥоруу экономическэй өрүтүгэр улахан болҕомтону уурар. Киинэ павильона олохтоох оҥорон таһаарааччылары эрэ буолбакка, атын регион бэрэстэбиитэллэрин эмиэ түмэр сиринэн буолуон баҕарабыт. Ити киинэ оҥоруута эрэ буолбатах, туризм уонна өҥө таһымын эмиэ үрдэтэр былааннаахпыт. Улахан сорук турда, бырайыак үлэҕэ киирдэҕинэ экономическэй өттүнэн таһаарыылаах буоларыгар эрэнэбин», - диэтэ өрөспүүбүлүкэ инновацияларга, цифровой сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирэ Василий Ефимов.