Киин уокурук «Спецнаһа» оҕо балаһааккатын өрөмүөннээтэ
«Спецназ» сүрүн соруга – баҕа өттүнэн уокурук олохтоохторугар тупсаран оҥорууга, бастатан туран, оҕо балаһааккаларын өрөмүөннээһиҥҥэ көмө. Предпринимателлэр, уопсастыбанньыктар, управа үлэһиттэрэ уонна тэрилтэлэр өрөмүөнү босхо, төлөбүрэ суох ыыталлар.
Бу күннэргэ «Спецназ» 50-с кыбаарталга 36-с нүөмэрдээх «Надежда» орто оскуола уонна Петр Алексеев уул., 75 икки ардыларыгар баар оҕо балаһааккатын өрөмүөннээтэ.
«Өрөмүөн үлэтэ 8 күн барда. Мантан саас, хаар уулуннаҕына, бу оҕо балаһааккатыгар саҥаттан кумах кутуохпут, кырааскалыахпыт. Чугаһынааҕы дьиэлэр олохтоохторун субуотунньукка кытталларыгар ыҥырабыт. «Спецназ» быйыл уокурукка өссө хас даҕаны эбийиэги өрөмүөннүүр былааннаах. Биһиги көҕүлээһиммитин куорат олохтоохторо өйөөтөхтөрүнэ үөрэбит эрэ», - диэтэ Юрий Семенов.
Киин уокурук салайааччыта «Спецназ» бырайыак кыттааччыларыгар – ИП Сибиряков Айаал Тимофеевичка, Корнилов Андрей Евгеньевичка, Кузьмин Маркел Петровичка уонна уокурук көхтөөх олохтоохторугар махталын тиэртэ.