27.09.2021 | 10:00

Киин куорат оскуолалара уонна эбии үөрэхтээһинин тэрилтэлэрэ дистанционнай көрүҥҥэ көстүлэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат оскуолалара уонна эбии үөрэхтээһинин тэрилтэлэрэ ОРВИ-нан ыалдьыы элбээбитинэн сибээстээн дистанционнай көрүҥҥэ көстүлэр. Бу туһунан Уокуруктааҕы дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.    Балаҕан ыйын 25 күнүгэр куораттааҕы уокурук Санитарнай-эпидемияны утары хамыыһыйатын баһылыгы социальнай боппуруостарга солбуйааччы Наталья Степанова салайан ыыппыт мунньаҕар  оскуолаларга уонна эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр 1-тан 11(12) кылаастарга диэри үөрэх балаҕан ыйын 25 күнүттэн алтынньы 8 күнүгэр диэри дистанционнай көрүҥҥэ көһөрөр быһаарыныы ылылынна. 
Бу дьаһал оҕолор ортолоругар тыынар уорганнар вируснай инфекциялара киэҥник тарҕанан санитарнай-эпидемиологическай быһыы-майгы мөлтөөбүтүнэн сибээстээн, СӨ судаарыстыбаннай Кылаабынай санитарнай бырааһын 2021 сыл балаҕан ыйын 24 күнүнээҕи суругар олоҕуран ылыллыбыт. 
Дьокуускай куоракка 2021 сыл 37-с нэдиэлэтин  түмүгүнэн ОРВИ-нан ыалдьыы 8171 түбэлтэтэ регистрацияламмыт

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...