11.09.2021 | 13:17

Киин куорат мураллара

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Кэнники аҕыйах сылга Дьокуускай дьиэлэрэ стрит-арт көмөтүнэн улаханнык уларыйдылар. Олохтоох уонна тас дойду худуоһунньуктара олус чаҕылхай, киһи өйүгэр хатанар ойууларынан куорат тас көстүүтүн киэргэттилэр.
Хаһыаппыт бу нүөмэригэр 2016 сылтан Дьокуускайга оҥоһуллубут мураллары сырдатабыт. 
Мурал – дьиэ эркинигэр эбэтэр иһигэр уруһуйданар уустук ойуу.

«Айыыһыт»

Ханна баарый? Лермонтов уул., 56, Щорс күөлүн кытыытыгар.

2018 с. тоҕус этээстээх дьиэ истиэнэтигэр чаҕылхай стрит-арт уруһуйу Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын сүрүн худуоһунньуга, Арассыыйа уонна Саха сирин искусстволарын үтүөлээх деятелэ Лена Гоголева оҥорбута.

Щорс күөл кытыытыгар оҥоһуллубут мурал худуоһунньук бастакы монументальнай үлэтэ буолар. Манна худуоһунньук Александр Григорьев уонна альпинист Александр Шкатулк тэҥҥэ үлэлээбиттэрэ.

Андрей Адно үлэтэ

Ханна баарый? Лермонтов уулуссатыгар баар католическай таҥара дьиэтин урукку дьиэтэ.

Худуоһунньук-графитист Андрей Адно үлэтин саамай кэрэхсэбиллээҕинэн ааттыахха сөп. Кини урукку католическай церковь дьиэтин эркинин уруһуйдаабыта. Омос көрдөххө, олуона соҕус эрээри, бу стрит-арт истиилэ буолар.

«Чаппараах»

Ханна баарый? Ломоносов уул., 31/3.

Ааптардар – Самсон Атасыков уонна Степан Данилов. Уолаттар үлэ саҕаланыан иннинэ дьиэ олохтоохторун кытта көрсүһэн сүбэлэспиттэрэ, кинилэри кытта эскииһи бииргэ талбыттара. Ойуу саха чаппарааҕын көрдөрөр.

«Хотугу матыыптар»

Ханна баарый? Лермонтов уул., 58/2.

2017 сыллаахха атырдьах ыйыгар Москва худуоһунньуга Евгений Желваков оҥорбут үлэтэ. Бу уруһуй сүрүн идиэйэтэ – сир ийэ уобараһа, олоҕу көрдөрөр дьахтар.

«Аан Алахчын Хотун»

Ханна баарый? Киров уул., 21.

Дьокуускай саамай биллэр мурала 2016 сыллаахха оҥоһуллубута. Худуоһунньук Кыыдаана Игнатьева Аан Алахчын Хотуну ойуулаабыта. Дьон-сэргэ өйүгэр-санаатыгар хатанар үлэ диэн бэлиэтиир тоҕоостоох.

Дьокуускай уруһуйдаах мурал

Ханна баарый? Киров уул., 21/1.

Кыыдаана Игнатьева өссө биир композицията. Бу ааптар 2015 сыллаахха сакааска уруһуйдаабыт хартыынатын ситэрэн оҥорбута.

«Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо персонажтарынан

Ханна баарый? Ойуунускай уулуссатыгар олорор дьиэ кытыыта.

Икки дьиэ фасадын худуоһунньук Андрей Степанов үлэлэрэ киэргэтэллэр. Бу кэннигэр эргэ дьиэ саһан турар.

«Чороон уонна сэлиилэр»

Ханна баарый? Ломоносов уул., 29/1.

Бу дьиэни улахан чороон уонна сэлии кыыл киэргэтэллэр. Үлэ ааптара –  Агостино Якурчи. Кини саха норуотун баай историятын уонна култууратын сыныйан үөрэппитин туһунан бэйэтин аккаунугар кэпсээбитэ. Худуоһунньук үлэлэрэ Римҥэ, Парижка, Берлиҥҥэ уонна Европа атын куораттарыгар бааллара биллэр.

«Дьокуускайтан сылдьабын»

Ханна баарый? Октябрьскай уулуссата, «Саха» НКИХ дьиэтэ.

Бу үлэни «Битва блогеров» бырайыак кыттыылаахтара оҥорбуттара. Стрит-арт бастаан утаа элбэх дьону сэргэхсиппитэ.

Кузьмин уулуссатыгар

Ханна баарый? Кузьмин уул., 10.

Үлэ ааптара – худуоһунньук Софья Шилова. Бу аптека дьиэтэ. Софья Дьокуускайдааҕы художественнай училищены уонна Арктикатааҕы култуура уонна искусство институтун бүтэрбитэ.

«Ситим»

Бу эбийиэк Кальвица уулуссатыгар баар. Ааптара – талааннаах, эдэр худуоһунньук Сахаайа Сыромятникова. Мурал аныгылыы уобараһынан, символларынан толоруллубут. Билигин интэриниэт ситимэ, төлөпүөнэ, тэлэбиидэнньэтэ уонна гаджета суох сатаан олорбоппут. Муралга өйдөөн көрдөххө, урукку уонна саҥа тэлэбиисэрдэр, төлөпүөннэр бааллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....