23.07.2023 | 12:00

Киин куорат күөх кубогар — Сайсары уокуруга

Киин куорат күөх кубогар — Сайсары уокуруга
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Былырыыҥҥыттан саҕалаан Дьокуускай куоракка «Киин куорат күөх кубога» куонкурус өрө күүрүүлээхтик ыытыллар. Куонкуруска сайаапкалары от ыйын 16 күнүгэр диэри ылан бүтэрдилэр. 
Күрэх икки түһүмэҕинэн ыытыллар. Бастакы түһүмэх территорияларынан арахсан от ыйын 17-28 күннэригэр бара турар. Манна биһирэммиттэр салгыы иккис түһүмэххэ тахсаллар, иккис түһүмэх атырдьах ыйын 2-18 күннэригэр буолар.

Тэрийээччилэр иһитиннэрбиттэринэн, саамай элбэх сайаапка Сайсары уокуругун олохтоохторуттан киирбит. Онтон сиэттэрэн уокуруктан күрэххэ кыттыыны ылар тэрилтэлэр, олохтоохтор, урбаанньыттар тиэргэннэрин хаартысканан билиһиннэрэбит.

«Биһиги уокурукпутуттан «Киин куорат күөх кубога» күрэххэ 32,  ол эбэтэр былырыыҥҥытааҕар элбэх сайаапка киирдэ. Бу түгэни нэһилиэнньэ күрэҕи сөбүлээбит, көдьүүстээҕинэн ааҕар диэн сыаналыахха сөп. Бары кыттааччыларга ситиһиилэри баҕарабыт»,– диэн Сайсары уокурун исписэлииһэ Борис Илларионов иһитиннэрэр.

1. Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) тулаайах, көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолор интэринээт-оскуолалара сибэккинэн симэммит. Петуния, астра, флокс, бархатцы уо.д.а. дьэрэкээн сибэккилэр көбүөрдэрэ оҕолор сүрэхтэрин сылааһынан угуттууллар. 
2. «Чочур Муран» этнографическай комплекс тиэргэнэ көрүөхтэн кэрэ.  Комплекс иһигэр киэргэл сибэккилэри, оту-маһы сэргэ эмтээх үүнээйилэри олордор эбиттэр. 
3. Хаартыскаҕа Гимеин уулуссатын, 2 дьиэтигэр олорор Евдокия Петровна Дунаева тиэргэнэ көстөр. Евдокия Петровна сүрэҕин сылааһынан киэргэппит дьоҕус саадыгар үөр чыычаах кытта мустар. 
4. Бу көстөр тиэргэн – сибэкки маҕаһыынын иннэ. Урбаанньыт чахчы олус кыһамньылаахтык сыһыаннаспыта ыраахтан харахха быраҕыллар. Хас биирдии дьоҕус маҕаһыын, киоска хаһаайына куораты көҕөрдүүгэ маннык сыһыаннаһара буоллар, Дьокуускай куорат чахчы да ирбэт тоҥ саамай кэрэ, күөх куората буолуо этэ. 
5. «Кэскил» оҕо уһуйаана хас биирдии эппиэтинэстээх тэрилтэ быһыытынан сыл аайы тиэргэнин сибэккинэн симиир. Аны күһүн кырачааннар сибэкки саарыстыбатыгар үктэнниннэр диэн, көҕөрдүү үлэтигэр дьоһун болҕомто ууруллар. 
6. П.И. Мельников аатынан ирбэт тоҥу үөрэтэр институт быйылгы күрэххэ эмиэ кыттыыны ылар. Манна бааллар петуния арааһа, шафран, роза сибэккилэр, дьаабылака, кедр мастар.
7. Сэргэлээх шоссетыгар 34 №-дээх интэринээт-оскуола тиэргэнэ. 

Туймаадам устунан дьаарбайа хаамабын,
Араас өҥ сибэкки киэргэлин сөҕөбүн,
Лыах кынат чэпчээммин өрүтэ көтөбүн,
Күөх сайын сиппитин дьэ өйдөөн көрөбүн.
Аҕыс ый усталаах тымныыкан дойдубар
Сайына кылгаһын адьаһын умнабын,
Куйааһа бүппэтэх от ыйын уһатан,
Тоҥ тааһы ириэрэр чэчиктэн үөрэбин.
Харахпын симэммин хантайан турабын,
Ахтылҕан дыргыл мүөт сытынан тыынабын,
Ис куттуун сылыйан, оҕолуу сырдыыбын,
Алааһым аартыгар тиийбиккэ дылыбын.

Хоһоон ааптара оскуола тьютора 
Индиана Феофанова

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...