16.09.2023 | 10:00

«Киин куорат күөх кубога» түмүктэннэ!

«Киин куорат күөх кубога» түмүктэннэ!
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Ааспыт сылтан Дьокуускайга «Киин куорат күөх кубога» куонкурус ыытыллар. Тэрилтэлэри, көхтөөх олохтоохтору түмэр күрэх киэҥ сэҥээриини ылла, тапталлаах куораппыт нэһилиэнньэ бүттүүнэ биир интэриэстээх буолуохтааҕын бигэргэттэ. Быйылгы күрэх  түмүгэ таҕыста, кыайыылаахтары наҕараадалааһын үгэс быһыытынан Куорат күнүгэр буолан ааста.  
Санатан аастахха, куонкурус бастакы түһүмэҕэр барыта 274 сайаапка киирбитэ. Онтон 112 кыттааччы атырдьах ыйын 2-18 күннэригэр ыытыллыбыт иккис түһүмэххэ ааспыта. 

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев, Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Егор Кардашевскай, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Евдокия Евсикова уонна  куорат хаһаайыстыбатын салайар сулууспа салайааччыта Владимир Аммосов кыайыылаахтарга Кубоктары, махтал суруктары уонна өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар.

Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев бу дьоро күҥҥэ мустубут дьону киин куорат төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна көҕөрдүү үлэтигэр кыттыбыттарга барҕа махталын биллэрдэ:

– «Киин куорат күөх кубога» күрэҕи иккис сылын ыыттыбыт уонна кэлэр да сылларга тиһигин быспакка тэрийиэхпит. Көҕөрдүү үлэтэ куоракка тупсаҕай эйгэни тэрийиигэ дьоһун суолталаах. Дьокуускайбыт кыраһыабай, кэрэ көстүүлээх буоларыгар кыһаллыбыт дьоҥҥо, кыттааччыларга махталбын биллэрэбин. Сылтан сыл аайы кыттааччы ахсаана элбээн, композицията ыараан, бииртэн биир кэрэ сир элбээн иһэрин бэлиэтии көрөбүт. Дьон-сэргэ ис дууһатын ууран туран  сибэкки, мас олордоро – бу хайҕаллаах дьыала.

Итиэннэ куорат олохтоохторун эһиил ыытыллар көҕөрдүү күрэҕэр өссө көхтөөхтүк кытталларыгар ыҥырда.

Евдокия Евсикова, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы:

– Биһиги бары куораппыт киэркэйэ, тупса, чэчирии туруон баҕарабыт. Сорохтор тулабыт өрүү чээлэй күөх, кыраһыабай буолуон баҕараллар,  ону таһынан ыра санаа эрэ оҥостубакка, толкуйдаабыттарын олоххо киллэрэн, бэйэлэрин кыахтарынан сибэкки, мас олордор дьон бааллар. Дьэ, оннук дьон бу күрэххэ кытталлар. Эһиги баар буолаҥҥыт тапталлаах куораппыт тупсар, киэркэйэр.

Сайдар-үүнэр аартыктары арыйар 

Биһиги күрэх кыайыылаахтарын кытта Куорат күнүгэр көрсөн кэпсэттибит.

П.А. Ойуунускай аатынан Дьокуускай куорат аэропорда –  «Цветущий город. Крупное предприятие» номинация кыайыылааҕа:

«Дьокуускай аэропорда» АУо бу күрэх тэриллиэҕиттэн кыттыыны ылар. Үһүс сылын Гагаринскай уокурук улахан тэрилтэлэрин истэригэр бастыҥ аатын сүгэр, онтон куорат үрдүнэн былырыын иккис миэстэ буолбут буоллахпытына, быйыл, дьэ, кыайыылааҕынан таҕыстыбыт.

 Аэропорт киин куораппыт аана буоларын быһыытынан, сылтан сыл тупсан, сайдан иһэр. Билигин сири-уоту тупсарыы бырагыраамата олоххо киирэ турар, ол үлэ чэрчитинэн вокзал болуоссата хас да кэрдииһинэн саҥардыллыахтаах, быйыл көҕөрдүүгэ улахан үлэ ыытылынна. Ол курдук, аэровокзалга киириигэ 1500-тэн тахса үүнээйилээх саҥа ландшафтнай композиция оҥоһулунна. Тиит мастаах аллеяны, элбэх сыллаах сибэккилэри уонна сэппэрээктэри олортубут, ону сэргэ партийнай газон ыһылынна. Бу композицияны хараҥаҕа тыгар шардар, вазоннар киэргэттилэр. Ландшафтнай оҥоһууну “Көрсүһүү уонна арахсыы саада” диэн сибэкки композицията сүрүннүүр. Манна күөх сибэккинэн сүүрүгүрбүт үрүйэни, таастаах кытылы бэлиэтии көрүөххэ сөп. Эһиил элбэх сыллаах үүнээйилэр, онуоха ыһыллыбыт газон оннуларын булан, өссө үчүгэйдик силигилиэхтэрэ диэн күүтэбит. Дьокуускай куорат дьаһалтата биһигини уонна да атын тэрилтэлэри маннык кэрэҕэ угуйар, үтүөҕэ көҕүлүүр күрэхтэри өссө да ыыта турарыгар баҕарабыт. Бары бииргэ кыһаллан куораппыт ыраас, күөх буоларын туһугар үлэлиэҕиҥ!

 

Дьокуускай куорат «Журавлик» оҕо уһуйаана, салайааччы Людмила Николаевна Герасимова:

Биһиги уһуйааммыт «Киин куорат күөх кубога» күрэххэ иккис сылын ситиһиилээхтик кыттар. Быйыл «Солнцемания» номинация кыайыылаахтарынан буоллубут. Былырыын киин уокурукка «КохиМания» номинацияҕа бастакы миэстэни ылбыппыт. Ол да иннинэ куоракка ыытыллар күрэхтэргэ өрүү кыттар этибит уонна бириистээх миэстэлэргэ тиксээччибит. Маннык күрэхтэргэ кыттарбытыгар уһуйаан бүттүүн кэлэктиибэ көхтөөхтүк кыттар, маны сэргэ төрөппүттэрбит эмиэ бэйэлэрин баҕаларынан кылааттарын киллэрэллэр.

Сайынын үлэһиттэр сибэккилэри дьуһуурустубалаан көрөллөр-истэллэр, уу куталлар, сыыс отун ыраастыыллар. Иитиллээччилэрбит сибэккилэри көрөн наһаа үөрэллэр, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһаллар, сибэккилэр ааттарын, өҥнөрүн-дьүһүннэрин билэ үөрэнэллэр, хайдах үүнэллэрин кэтээн көрөллөр.

Быйыл сайын биһиги уһуйааммыт территориятыгар барыта 1500 сибэкки арассаадатын олортубут. Ол курдук, петунья араас көрүҥүн, шафран, бархатцы, георгин, астра, кохия, өҥнөөх хаппыыста, циния, анютины глазки, львиный зев, календула, алиссум курдук үүнээйилэри. Ону таһынан анал балаһааккаҕа подсолнух хас да көрүҥүн олортубут, өлгөм үүнүүнү ыллыбыт.

Маннык күрэхтэри куораппытыгар СӨ Ил Дархана Айсен Николаев куораты салайан олорор кэмигэр ыытар буолбута. Бу үчүгэй саҕалааһыны билиҥҥи куораппыт салалтата салҕыыра –  хайҕаллаах суол. Биһиги уһуйааммыт кэлэктиибэ инникитин бу күрэххэ өссө ситиһиилээхтик кыттар былааннаах.

Татьяна Федоровна Мартынова, Өрөспүүбүлүкэтээҕи анал (коррекционнай) оскуола-интэринээт дириэктэрэ:

2001 сылтан биһиги оскуолабытыгар экологическай куруһуок үлэлиир. Улахан дьон, төрөппүттэр уонна оҕолор – бары сибэкки, мас олордуутугар, көҕөрдүүгэ көхтөөхтүк кытталлар. Онтон сиэттэрэн «Айылҕаны кытта дьүөрэлэһии» диэн айар бөлөхпүтүн тэрийэн таһаарбыппыт. Үлэ интэринээт иитиллээччилэрин үлэҕэ уонна кэрэҕэ сыһыарар сыалтан тэриллибитэ. Бөлөххө үлэ сылы быһа барар. Саас сиэмэни ыһыыга сүҥкэн үлэ барар, сайынын көрүү-истии, күһүн  оскуолаҕа кылааһынан бастыҥ киэргэтиигэ күрэх ыытыллар, үүнүүбүтүн хомуйабыт.

Оскуола саадын тупсарыыга уонна киэргэтиигэ  2011 сылтан дьарыктанабыт. Бастакы сылларга саады тэрийиигэ элбэх үлэ ыытыллыбыта. Ол курдук гравийы, өрүс кумаҕын, мас аҕалан олордубуппут. Биһиги саадпытын ураты, хатыламмат үлэлэр киэргэтэллэр.

Сылын аайы куорат ыытар күрэхтэригэр кыттабыт, куруук инники күөҥҥэ сылдьабыт. Куорат дьаһалтата көҕөрдүүгэ улахан болҕомтотун уурара олус үөрдэр. Ол курдук, төрөөбүт куораппыт сыллата кыралаан тупсан иһэр.

Айталина Кротова, Дьокуускай куорат 10 №-дээх “Туллукчаан” уһуйаанын сэбиэдиссэйэ:

Ааспыт  субуотаҕа, Дьокуускай куорат күнүгэр, «Киин куорат күөх кубога» күрэхпит күүтүүлээх-кэтэһиилээх түмүгэ биллэн, «Цветущий сад» номинацияҕа 1 миэстэни ыллыбыт!

Уһуйаан салайааччыта буоларым быһыытынан, хас биирдии көмөлөспүт, күүс-көмө буолбут үлэһиппэр, чуолаан Мария Иннокентьевнаҕа, Парасковья Ивановнаҕа, Сильвия Михайловнаҕа, Елена Николаевнаҕа, эр дьоммутугар, сибэкки олордуутугар, арассаадаҕа, уу кутуутугар, көрүүгэ-харайыыга кыттыспыт дьоммор барҕа махталбын тиэрдиэхпин баҕарабын.

Уһуйааммыт иһин-таһын кэрэ сибэккилэринэн киэргэтии, көҕөрдүү, тупсарыы үлэтэ “Нескучный сад” диэн ааттанан тахсыбыта. Хас саҥа үөрэх сылын ахсын салайааччы быһыытынан бэйэ-бэйэтигэр майгыннаабат, хатыламмат, саҥаттан саҥа бырайыак үлэҕэ киирэригэр кыһаллабын, күүспүн-санаабын уура сатыыбын. Уһуйааҥҥа сылдьар оҕолор, төрөппүттэр, үлэһиттэр баҕа санааларын өйөөн, ону өссө тупсаран, илдьэ кэлбит үгэстэрбитин тутуһан, эбии саҥаны киллэрэн биэрэрбин сөбүлүүбүн. Быйыл биһиги кимтэн да көмөлөһүннэрбэккэ, үлэһиттэр бэйэбит 6 тыһыынчаттан тахса сибэккини, 42 араас көрүҥү үүннэрдибит.

Сыл аайы сибэккилэрбит, үүнээйилэрбит сиэмэлэрин хомуйабыт, эһиилги сылга өссө элбэх, сонун сибэккилэри үүннэриэхпит диэн баҕа санаанан салайтарабыт. Быйыл Киин уокурук управата петуния сиэмэтэ биэрбитин олордон, үүннэрэн, сороҕун арассаада оҥорон бэйэлэригэр биэрбиппит. Бу күрэхпит биир ирдэбилинэн онлайн куоластааһын этэ, онно көхтөөхтүк кыттыбыт, куоластаабыт төрөппүттэрбитигэр улаханнык махтанабыт уонна тапталлаах куораппыт киэркэйэрин туһугар сыралаах, көхтөөх үлэбит сөпкө сыаналаммытыттан олус үөрэбит! Бу кыайыыбыт – “Туллукчаан” уһуйаан бары үлэһиттэригэр, тапталлаах куораппыт төрөөбүт күнүгэр улахан бэлэх буолла!

Санатан эттэххэ, бу 2023 сылга биһиги уһуйааммыт тиэргэнэ бүтүн дойду үрдүнэн ыытыллыбыт “Лучший зимний двор России” федеральнай күрэххэ “Бастыҥ кыһыҥҥы киэргэммит олбуор” диэн номинацияҕа кыайыылааҕынан тахсыбыта. Бу күрэҕи “Биир ньыгыл Арассыыйа” партия, Арассыыйа тутууга министиэристибэтэ, территория сайдыытын пуондата иилээн-саҕалаан ыыппыттара. Барыта 2425 сайаапка киирбититтэн (ол иһигэр Саха сириттэн 300-тэн тахса) биһиги уһуйааммыт кыайыылаах үрдүк аатын ылбыта! Бэс ыйыгар бэлэхпитин – 120 тыһ. солк. сертификаппытын ылан, үөрүүбүт муҥура суох.

Сыл аайы биһиги уһуйааммыт таһын киэргэтии, тупсарыы үлэтин олох эрдэ, олунньу ыйтан, саҕалыыбыт. Быйыл, холобур, тиэргэммитигэр иитиллээччилэрбит баҕа санааларын толорон, фонтан оҥордубут, кумах куттубут. Былырыын Ленин болуоссатын эргэ билиитэтин биэрбиттэрин, хата, бэркэ тутуннубут. Ону таһынан олбуорбутун араас бэйэлээх скульптуралар, айылҕа матырыйаалыттан оҥоһуктар, саҥа ураһа киэргэттилэр.

Дьиҥинэн, биһиэхэ, үлэһиттэргэ, күрэххэ кыайыыбыт наһаа улахан сыал-сорук буолбатах ээ, саамай сүрүнэ – уһуйааммыт кэрэ көстүүлээх, оҕолор, төрөппүттэр, улахан да дьон үөрэ-көтө кэлэр, сынньанар, сайдар сирдэрэ, кииннэрэ буоллун диэн баҕа санаалаахпыт. Куорат  киинигэр турар уһуйааммыт Дьокуускай биир кэрэ миэстэтэ буоларыттан биһиги сүрдээҕин астынабыт-дуоһуйабыт.

Инникитин тиэргэммитин тупсарыыга, киэргэтиигэ, сайдыы өттүгэр былааммыт элбэх.

Екатерина Большедворская, Дзержинскэй уулууссаҕа турар «Гурман» маҕаһыын салайааччыта:

Мин Дьокуускай куоракка төрөөбүтүм, олоробун. Дьиэ кэргэним, оҕолорум, сиэннэрим бары манна улааппыттара, олороллор. Өскөтүн мин бу куорат сиригэр-уотугар олорор буоллахпына, тупсарыыны бэйэбиттэн саҕалыахтаахпын дии саныыбын. Ким эрэ биһиэхэ кэлэн оҥоруохтааҕын кэтэһиэ суохтаахпыт. Ол инниттэн бэйэм дьиэм таһын, үлэлиир тиэргэммин сыл ахсын сибэккинэн симиибин, ким эрэ кэлэн оҥоруохтааҕын күүппэппин.

Тирэх маһы (тополь) икки сыл анараа өттүгэр олордубуппут, хаһан улааталларын, хайдах моһуоннаах буолалларын олус долгуйа күүтэбит, сирбит-уоппут таһын киэргэтиҕэ диэн бигэ эрэллээхпит.

Быйыл 2000 кэриҥэ сибэккини олортубут, саҥа сибэкки уурар иһиттэри ылаттаатыбыт. Үлэһиттэрбит бары сирбит-уоппут ыраас, тупсаҕай буоларыгар кыһамньыларын уураллар, куораппыт тулалыыр эйгэтэ тупсаҕай буоларыгар сэмэй кылааттарын киллэрэллэр. 

Махаматсоли Талипов, “Фортуна” маҕаһыын хаһаайына, урбаанньыт:

Дьокуускай куорат салалтата маннык хабааннаах күрэхтэри ыытара олус хайҕаллаах. Түгэнинэн туһанан, биһиги дьоҕус тэрилтэбит үлэтин үрдүктүк сыаналаабыттарыгар махталбытын биллэрэбит.

Наталья Воронова, «Киин куорат күөх кубога» күрэххэ ИЖС номинация кыайыылааҕа:

Дьэ, күрэхпит түмүктэннэ! Наһаа үөрэн сылдьабыт. Биһиги Строительнай уокуругар саҥа тыыны киллэрдибит, ону олохтоохтор да бигэргэтэллэр. Кыбаартал “кирдээх”, “бадарааннаах”, “ыһыллаҕас” дииллэрин кыратык эмэ тупсаҕай гынныбыт ини дии саныыбыт.

Сайсары уокуруга – чөмпүйүөн!

Уокуруктар икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэххэ 2023 сыллааҕы чөмпүйүөн аатын Сайсары уокуруга ылары ситистэ. Куорат саамай күөх уонна элбэх сибэккилээх түөлбэтигэр көһө сылдьар кубогы туттардылар.

Борис Илларионов, Сайсары уокуругун эдэр исписэлииһэ:

Уокурукпут тупсаҕай, күөх буоларын туһугар үлэлээбит, күрэххэ кыттыыны ылбыт олохтоохторбутугар, урбаанньыттарбытыгар улахан махталбытын тиэрдэбит. Бары бииргэ үлэлэһэн, уокурукпут сыллата уларыйан, тупсан иһэр. Тапталлаах куораппытыгар көҕөрдүү үлэтигэр улахан болҕомто уурулларыттан үөрэбит.

Санатан эттэххэ, куонкурус сүрүн сыала-соруга – тэрилтэлэр тиэргэннэригэр көҕөрдүү үлэтин уонна тупсаран оҥоруу хаачыстыбатын үрдэтиини ситиһии, эбийиэктэри киэргэтиигэ уонна көҕөрдүүгэ уопуту тарҕатыы, атастаһыы, саҥа, сонун ньымалары киллэрии, аныгы хайысхалары көрдөрүү, куорат уокуругар тупсарыы үлэтин тэтимирдии.

Куорат олохтоохторун, көхтөөх тэрилтэлэрин, урбаанньыттарын кыайыыгытынан эҕэрдэлиибит, бу тэтимҥитин ыһыктыбаккытыгар баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...