19.05.2023 | 00:26

Киин куорат күөх Кубога саҕаланна

Киин куорат күөх Кубога саҕаланна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сааскы көҕөрдүү хампаанньата саҕаланна. Былырыын көҕүлэммит «Киин куорат күөх Кубога» бырайыакка кэккэ уларыйыылар киирдилэр.
Сүрүн уларыйыылар кыттааччылар үлэлэрин көрүү болдьоҕор сыһыаннаах. Ол курдук, бастакы түһүмэх от ыйын 17-28 күннэригэр, иккис түһүмэх атырдьах ыйын 2-18 күннэригэр сыҕарыйан биэрбит. Ону таһынан «Цветущий двор» номинацияны үс бөлөххө араарбыттар:
- элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэлэр уонна Салайар хампаанньаларҤ
- чааһынай дьиэлэр;
- ТОС-тар уонна ТСЖ-лар.
Маны сэргэ былырыыҥҥы кохия сиббэккинэн киэргэтиигэ «КохиМания» күрэх оннугар «СолнцеМания» диэн подсолнух сибэккинэн киэргэтии күрэҕэ киирэн биэрбит. 
Күрэх бирииһин уопсай пуондатын кээмэйэ 700 тыһ. солк. тэҥнэһэр. 
Оттон Үөрэх управлениета «Чэлгийэ силигилээ, тапталлаах Дьокуускайым!» аахсыйаны көҕүлээбит. Управление начаалынньыга Мария Петрова бэлиэтээбитинэн, аахсыйаҕа үөрэх кыһалара бары кыттыахтарын сөп.
Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа салайааччыта Владимир Аммосов көҕөрдүү үлэтин ыстаабын мунньаҕар иһитиннэрбитинэн, быйыл киин куоракка 11 тыһыынча кэриҥэ мас арааһын уонна 1,5 мөлүйүөн курдук сибэкки олордор былаан баар. 
Ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ үүнээйи буора атыылаһыллан, управаларынан тарҕатыллан эрэр эбит. Бу саас оҕо саадтарыгар уонна оскуолаларга 8 тыһыынча кэриҥэ хаа петуния сибэкки сиэмэтин биэрбиттэр. Ону оҕолор үлэнэн иитии иитинэн ыһан, үүннэрэн бэлэмнээбит буолуохтаахтар. Мантан сайын арассаадаларын бэйэлэрин оскуолаларын тиэргэнигэр таһааран олордуохтаахтар. 
Бэлиэтээн эттэххэ, «Киин куорат күөх Кубога» аахсыйаны таһынан Үөрэх управлениета «Чэлгийэ силигилээ, тапталлаах Дьокуускайым!» диэн бэйэтин бырайыагын көҕүлээбит. Управление начаалынньыга Мария Петрова бэлиэтээбитинэн, аахсыйаҕа үөрэх кыһалара бары кыттыахтарын сөп.
Маны сэргэ көҕөрдүү үлэтин чэрчитинэн уопсастыбаннай миэстэлэргэ туруорарга сибэкки олордор вазоннар атыылаһыллыбыттар.
Оттон олордуллубут үүнээйилэргэ «Якутдорстрой» АУо куйаас кэмҥэ нэдиэлэҕэ түөртэ, сылаас күннэргэ нэдиэлэҕэ үстэ уу кутар графига бигэргэтиллибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...