26.08.2022 | 12:00

Киин куорат күөх кубога

Киин куорат күөх кубога
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Баһылык Евгений Григорьев көҕүлээһининэн быйылгыттан «Киин куорат күөх кубога” бастыҥ көҕөрдүүгэ, сибэккинэн симээһиҥҥэ күрэх буола турар.
Күрэххэ тэрилтэлэр, оскуолалар, көхтөөх гражданнар, куорат олохтоохторо кыттыыны ылаллар. Бэлиэтээн эттэххэ, сыл аайы ыытыллыахтаах күрэх кыайыылаахтарын Куорат күнүгэр наҕараадалыыр үтүө үгэс олохтонуохтаах.

81 кыттааччы күрэх иккис түһүмэҕэр таҕыста

Владимир Аммосов, «Куорат хаһаай-ыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ салайааччыта:

Күрэхпит бастакы түһүмэҕэр 220-тэн тахса сайаапка киирбититтэн 81 кыттааччы иккис түһүмэххэ таҕыста. Кинилэр күрэх балаһыанньатынан 8 номинация иһин киирсиэхтэрэ. Куорат дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттара, Куорат уопсастыбаннай палаататын чилиэннэрэ уонна One Click Yakutia портал исписэлиистэрэ састааптаах хамыыһыйа атырдьах ыйын 29 күнүгэр диэри күрэххэ кыттар эбийиэктэри көрөр. Оттон куорат олохтоохторо бастыҥ эбийиэктэри One Click Yakutia  портал нөҥүө өйүөхтэрин, сыаналыахтарын сөп.

Күрэххэ, биллэн турар, ким баҕалаах, профессиональнай көҕөрдүүнэн дьарыктаммат дьон кыттар. Ол эрээри хас биирдии үлэ, эбийиэк кэрэтинэн, тупсаҕайынан, куораппыт сайдарын туһугар кыһамньылаах, эппиэтинэстээх сыһыанынан сөхтөрөр.

 

 

Уопсай интэриэс нэһилиэнньэни түмэр

Саргылана Васильева, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата, «Киин куорат күөх кубога» дьүүллүүр сүбэтин чилиэнэ:

«Киин куорат күөх кубога» күрэххэ кыттыбыппыттан олус үөрэбин. Билигин күрэх иккис түһүмэҕэ буола турар, онно 81 кыттааччы таҕыста. Ааспыт өрөбүллэргэ Гагарин уонна Строительнай уокуруктар кыттааччыларын тиэргэннэрин көрдүбүт. Бу уокуруктартан аэропорт, хас даҕаны оскуола, оҕо уһуйааннара, предпринимателлэр уонна биирдиилээн дьон кыттыыны ыллылар. Сыанабыл номинацияларынан ыытыллар. Дьүүллүүр сүбэ күрэххэ айымньылаах сыһыаны, тэрилтэлэр уонна үлэ кэлэктииптэрэ көхтөөх кыттыыларын учуоттуур. Куорат олохтоохторо, тэрилтэлэр маннык күрэхтэргэ кыттан, куораппыт инники сайдыытыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Тоҕо диэтэххэ сарсыҥҥы бары өттүнэн табыгастаах, тупсаҕай, кэрэ көстүүлээх куораппыт хас биирдиибититтэн тутулуктаах.

Көҕөрдүү күрэҕэ тапталга үөрэтэр

Наталья Луковцева, Куорат уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ, күрэх дьүүллүүр сүбэтин чилиэнэ:

«Киин куорат күөх кубога» күрэҕи куорат олохтоохторо сөбүлээтилэр. Күрэх куоракка кэрэ, тупсаҕай миэстэ ахсаанын биллэ элбэттэ, территориялары көҕөрдүүгэ саҥа ньымалары баһылыырга көҕүлээтэ, бастыҥ уопуту тарҕатыыга тирэх буолла.

Мин сыллата бэйэм баҕабынан 203-с микрооройуон олохтоохторун кытта көҕөрдүүгэ, оройуоммут тупсаҕай буоларыгар сэмэй кылааппын киллэрэбин. Көҕөрдүү, тупсарыы, сибэккини көрүү-истии – бу барыта улахан үлэттэн тахсарын эт хааммынан билэбин. Быйылгы күрэххэ кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар киин куораппыт сайдарыгар, тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар сүҥкэн кылааттарын иһин махтанабын. Күрэх олус үрдүк таһымҥа бара турар,  нэһилиэнньэ, тэрилтэлэр даҕаны көхтөөх кыттыыны ыллылар, үтүө суобастаахтык сыһыаннастылар. Тэрийээччилэргэ эмиэ маннык үчүгэй көҕүлээһиннэрин иһин махталбын тиэрдэбин. Күрэх сыллата үгэскэ кубулуйан, кыттааччы ахсаана элбииригэр баҕарабын. Маннык хабааннаах күрэхтэр бэйэ олорор куоратыгар тапталы уонна харыстабыллаах сыһыаны иҥэрэллэр.

 

 

«Агролабораторияттан» саҕалаан

— Марианна Иванова, Дьокуускай куорат 203-с микрооройуонун «Сардаана» уһуйаанын салайааччыта:

Биһиги, Дьокуускай куорат «Сардаана» № 24-дээх уһуйаан, бастакы түһүмэҕи аастыбыт. Сыл аайы, оҕолорбут айылҕаҕа чугас буоллуннар диэн, «Детская агролаборатория» бырайыакпыт чэрчитинэн уһуйааммыт территориятын сибэккинэн симиибит, оҕуруот аһын үүннэрбиппит иккис сыла буолла. Бу күрэххэ кыттарга оҕолорбут, төрөппүттэрбит, кэлэктиип бары үөрэ-көтө олунньу ыйтан былааннаан үлэбитин саҕалаабыппыт. Күһүн аайы бэйэбит олордубут сибэккибит сиэмэтин ылан, саас арассаада ыһабыт. Оҕолорбут олордубут сиэмэлэрэ күнтэн күн тыллан иһэриттэн үөрэллэрэ, долгуйаллара, бүөбэйдииллэрэ көрөргө олус үчүгэй. Быйыл арассаадабытын бэс ыйын 6 күнүгэр таһырдьа таһаарбыппыт. Куоракка олорор оҕолорго айылҕаны кытта алтыһыы, кэрэ эйгэни кэрэхсии көрө улаатыы дириҥ иитэр-үөрэтэр суолталаах. Бу маннык күрэхтэр өссө да буола турдуннар, хас биирдии тэрилтэ бэйэтин тэлгэһэтин кэрэчээн сибэккилэринэн киэргэттин. Оттон өлгөм үүнүү, кэрэ клумба элбэх үлэттэн тахсар. Куораппыт үүнэ-сайда турарыгар, сайын аайы сибэккинэн чэлгийэригэр уһуйаан оҕотуттан саҕалаан бары бииргэ кыһалларбыт олус үөрүүлээх!

Биһиги тэлгэһэбититтэн быйыл өлгөм үүнүүнү ыллыбыт: оҕурсу - 67 киилэ, помидор – 23 киилэ, арбуз – 3 устуука, кохия – 26 устуука, космея – 19 устуука, подсолнух – 73 устуука, астра – 10 устуука, циния – 5 устуука, амарант хвостатый – 3 устуука, петунья - 3000, моркуоп, хортуоппуй, күөх  луук, укроп, салат.

Оҕолорбут куорат үбүлүөйдээх күнүн көрсө балаҕан ыйын 2 күнүгэр «Урожай күнэ» диэн тэрээһиҥҥэ кыттыахтара, үлэлэрин түмүгүн  көрүөхтэрэ.

Куорат тупсаҕай буолуута бэйэбититтэн тутулуктаах

Надежда Климовская, “Цветик-семицетик” 23 №-дээх оҕо уһуйаанын салайааччыта:

“Цветик-семицетик” 23 №-дээх оҕо уһуйаана Губинскай уокурук оҕо саадтарын ортотугар ыытыллыбыт күрэххэ кыайан, «Киин куорат күөх кубога» кыттар чиэскэ тиксибитэ.

Оҕо саадын кэлэктиибэ куорат таһымнаах күрэххэ кыттан, олус астынан, үөрэн сылдьар. Быйыл территорияны тупсарыыга, көҕөрдүүгэ улахан үлэ ыытылынна. Ол курдук, уһуйаан территориятын иһигэр араас тематическай муннуктары оҥортоото, экологическай ыллыктары, клумбалары тупсардыбыт, сибэккилэри олортубут, “Посади своё дерево” уһуйаан выпускниктарыгар үгэс буолбут аахсыйаны ыыттыбыт, экологическай иитии соруктарын олоххо киллэрдибит. Биллэн турар, тупсаҕай, эстетическэй зонаны тэрийиигэ элбэх үлэ ыытылынна.

Күрэх иккис түһүмэҕин түмүгэ тахсарын олус долгуйа күүтэбит. Бары кыттыбыт тэрилтэлэргэ, бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрбитигэр  дьолу-соргуну уонна ситиһиини баҕарабыт!

Биһиги санаабытыгар, маннык күрэхтэр олус наадалар. Биһиги эмиэ куораппыт тупсаҕай, кыраһыабай буолуон баҕарабыт.

Бу курдук киин куорат историятыгар бастакы «Киин куорат күөх кубога» күрэх олохтоохтор куораттарын таптыылларын, кини кэрэ, тупсаҕай көстүүлээх буоларыгар тус бириэмэлэрин, билиилэрин, кыахтарын ууран туран үлэлэһэргэ бэлэмнэрин көрдөрдө.

«Дьүүллүүр сүбэ таһаарар түмүгүттэн тутулуга суох хас биирдии кыттааччыга махтанабын. Кыттааччылар чахчы олорор сирдэрин, тиэргэннэрин, үлэлиир миэстэлэрин таптыылларын, сыаналыылларын көрдөрдүлэр», - диэн турар Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев.

Атырдьах ыйын 2-29 күннэригэр диэри уокуруктар бэрэстэбиитэллэрэ уонна уопсастыбанньыктар күрэх хамыыһыйатын кытта хас биирдии үлэни сыаналыы сылдьаллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...