22.09.2021 | 16:00

Киин куорат 2032 сылга диэри сайдар саҕахтара

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат Дууматын 31 (уочараттаах) сессията ааспыт нэдиэлэҕэ ыытыллыбыта. Онно өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев куорат инники уон сыл сайдыытыгар дьоһун суолталаах Ыйаахха илии баттаата. Ол эбэтэр “Дьокуускай куорат – Саха Өрөспүүбүлүкэтин киин куоратын 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан” докумуоҥҥа. Бу барыта куорат инфраструктуратын тупсарыыга, хаачыстыбатын үрдэтиигэ, дьон-сэргэ олоҕун уйгутун үрдэтэр усулуобуйаны тэрийиигэ туһаайыллар. 
Ыйаах туһунан Дьокуускай куораппыт Дууматын салайааччылара, дьокутааттара бэйэлэрин санааларын үллэстэллэр.

Соруктары ситиһиэхпит!

Альберт Семенов, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлэ:

— Бу докумуон нэһилиэнньэ олоҕун хаачыстыбата тупсарыгар ананар. Аан дойдуга биир бастыҥ хотугу куораттар ахсаннарыгар киирэргэ улахан сорук турар.

Стратегическай Ыйаах Дьокуускай куорат бигэ туруктаахтык, холкутук уонна айымньылаахтык сайдарыгар туһуланар. Куорат тупсаҕай уонна эстетическэй тэрээһиннэрин тэрийиигэ ананар.

Дьокуускай куорат Дуумата кэлэр сылга 200 сылын бэлиэтиир. Тапталлаах Дьокуускайбыт саҥа историятын быһаарыах тустаахпыт.

Өрөспүүбүлүкэ салалтата уонна Ил Дархан көмөтүнэн киин куорат дьаһалтата, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутааттарын куорпуһа уонна куорат олохтоохторо бары биир киһи курдук былааннаммыт соруктары ситиһиэхпит диэн эрэнэбин!

 

17 тыһыынча үөрэх миэстэтэ көрүлүннэ

Евдокия Евсикова, Дьокуускай куорат Дууматын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы:

Ыйаах – Дьокуускай 2032 сылга диэри сайдыытын туһунан олус  дьоһун суолталаах докумуон. Манна куораппыт 10 сылга сайдыытын приоритетнай хайысхалара быһаарылыннылар!

Миигин 2026 сылга диэри уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр 17 тыһыынча саҥа үөрэх миэстэтэ тэриллиитэ, ону тэҥэ оҕо уһуйааннарыгар эбии 5 тыһыынча миэстэ көрүллүүтэ олус үөртэ. Маны таһынан хапытаалынай өрөмүөн, модернизация уонна үөрэх эбийиэктэрин саҥардыы эмиэ Ыйаахха киирдэ.

Киин куорат 400 сылыгар ирбэт тоҥҥо бастыҥ куорат быһыытынан тупсуохтаах, дьон олороругар тоҕоостоох усулуобуйа тэриллэрэ күүтүллэр.

Куорат дьоно-сэргэтэ, ыалдьыттара! Бары биир санаанан Дьокуускайбыт өссө тупсарын, бастыҥ куорат аатын ыларын туһугар олоруохха, үлэлиэххэ, сайдыахха.

 

Куорат өссө тупсарыгар түмсүөхпүт диэн  эрэнэбин

Николай Васильев, Дьокуускай куорат Дууматын олохтоох бэйэни салайыныыга, сокуоҥҥа уонна регламеҥҥа бастайааннай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ:

Ыйаах киин куорат аныгы инфраструктуратын тэрийиигэ, куорат олоҕун таһымын үрдэтиигэ, дьон олороругар табыгастаах усулуобуйаны тэрийиигэ, ону сэргэ киин куорат хас биирдии олохтооҕун интэриэһигэр сөп түбэһиннэрэн сайыннарар усулуобуйаны уонна кыаҕы үөскэтиигэ ылылынна.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга куорат олохтоохторун иннигэр туруорбут соруктарын быһаарыыга куорат дьоно, олохтоохтор, бары биир санаанан салайтаран тапталлаах куораппыт өссө тупсарыгар, бэйэ дьонугар үтүөнү оҥороругар кыһамньыбытын ууруохтаахпыт.

 

Барыбытыгар улахан эппиэтинэс

Лена Афанасьева, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата:

— Ыйаахха киин куорат 2032 сылга диэри сайдыытын стратегическай хайысхалара быһаарылыннылар.

Айсен Сергеевич бэйэтин этиитигэр кэлэр уон сылга Дьокуускай куорат олоҕун уонна киһи хапытаалын хаачыстыбатынан дойдуга биир бастыҥ куорат буолуохтаах диэтэ. 2032 сылы дьон-сэргэ туһугар холку, тупсаҕай, эйэлээх куорат буолан көрсөр соруктаахпыт. Итиниэхэ, бастатан туран, Дьокуускай — каартаҕа көстөр сир эрэ буолбакка, бу биһиги өрөспүүбүлүкэбит нэһилиэнньэтин үс гыммыт биирин ордуга диэн өйдөбүл улахан суолталаах буолуоҕа.

Дьокуускай куорат 2032 сылга диэри Ил Дархан Ыйааҕар олоҕуран сайдыахтаах. Онон Бырабыыталыстыбаҕа уонна куорат дьаһалтатыгар улахан эппиэтинэс сүктэрилиннэ.

 

Былаан кэскиллээх буоллун!

Алевтина Эверстова, Дьокуускай куорат Дууматын предпри-нимательствоҕа, промышленноска, эргиэҥҥэ, тырааныспарга уонна инновацияҕа бастайааннай хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ:

– Эһиил Дьокуускай куорат Дуумата 200 сылын бэлиэтиэҕэ. Муниципальнай дьокутааттар үлэлэрин сүрүн сыала-соруга – биһиги төрөөбүт куораппыт олоҕо-дьаһаҕа тупсарын, бары өттүнэн табыгастаах буоларын туһугар, дьон интэриэстэрин көмүскүүргэ уонна туруулаһарга ананар. Айсен Сергеевич бэйэтин этиитигэр дьиҥнээх дьыалаларга усулуобуйа олохтонуохтааҕын эттэ.

Сыалы олоххо киллэрэргэ чуолкай былаан наада.

Ыйаах суолтата сүрдээх улахан. Олоххо улам-улам киириэҕэ.  Арассыыйа биир бөдөҥ куоратын ахсааныгар туруулаһарга үлэлиэхтээхпит. Улахан стратегия дьоһуннаах быһаарыылары, этиилэри ирдиир. Биһиги улахан сорукпут – бу былаан олоххо киириитэ. Итиэннэ бары үтүө санааларбытын дакаастыыр туһугар кыһамньыбытын ууруохтаахпыт.

Барыта  табыллыа, орун-оннугар буолуо диэн эрэллээхпин. Маны таһынан регион баһылыгыттан дьоһуннаах өйөбүл баар, уокуруктааҕы дьаһалтаны кытта күүскэ үлэлэһэбит.

Онон тугу толкуйдаабыппыт, санаабыппыт барыта дьон туһугар табылыннын. Куораппыт киһи олороругар табыгастаах, ыраас, сырдык куорат аатын ыллын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....