Киин куоракка урбаанньыттары эҕэрдэлээтилэр
Урбаанньыттары куорат баһылыга Евгений Григорьев, СӨ Урбааҥҥа, эргиэҥҥэ уонна туризмҥа миниистирэ Тимур Ханды, Куорат Дууматын Бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов, СӨ Урбаанньыттар бырааптарын көмүскүүр уполномоченнай Альбина Кычкина, СӨ Эргиэн-промышленнай палаататын бэрэсидьиэнэ Марина Богословская эҕэрдэлээтилэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 40 тыһыынчаттан тахса урбаан орто уонна дьоҕус субъектара бааллар, итиннэ 100-тэн тахса тыһыынча киһи үлэлиир. Евгений Григорьев бэлиэтээбитинэн, Дьокуускайга 20-чэ тыһыынча урбаан орто уонна дьоҕус субъектара үлэлииллэр.
«Дьокуускай сайдыытын стратегиятыгар ураты болҕомтону урбаанньыт ахсаанын элбэтиигэ уонна үлэлэрин таһымын үрдэтиигэ уурабыт. Атыы-эргиэн уонна уопсастыбаннай аһылык эйгэтигэр көрдөрүү тупсан иһэр. Бу тренд инники өттүгэр ити таһымыттан намтыа суохтаах», - диэтэ Евгений Григорьев.
Куорат баһылыга ордук көхтөөх урбаанньыттарга наҕараадалары туттартаата. Өрөспүүбүлүкэ киин куоратын сайыннарыыга кылааттарын, нэһилиэнньэ олоҕо тупсарын хааччыйалларын, идэлэрин толору баһылааһын уонна өр сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин иһин Олохтоох дьаһалта Бочуоттаах грамоталарынан «Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката» АУо генеральнай дириэктэрэ Наталья Дягилева, «Цуцик» маҕаһыын дириэктэрэ Игорь Петров, «Эникс» ХЭТ толорооччу дириэктэрэ Николай Никифоров, «Копиртехсервис» ХЭТ старшай менеджерэ Андрей Третьяков, урбаанньыттар Галина Брикова, Зоя Никанорова, Александр Соловьев наҕараадалыннылар.
Итини таһынан урбаанньыттарга муниципальнай уонна судаарыстыбаннай наҕараадалары туттардылар.