27.10.2023 | 10:00

Киин куоракка сылаас тохтобул элбиир

Быйыл күһүн Кулаковскай уулуссатыгар («Университет») уонна Красильников уулуссатыгар («Автодорожнай факультет») сылаас тохтобуллар аһыллыбыттара. Күн бэҕэһээ саҥа сылаас тохтобуллары илэ харахпытынан тиийэн көрдүбүт, дьон санаатын билистибит.
Киин куоракка сылаас тохтобул элбиир
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Нэһилиэнньэҕэ табыгастаах усулуобуйа

Биһиги тыйыс килиимэттээх усулуобуйаҕа олоробут, онон оҕо уонна аҕа саастаах дьоҥҥо, куорат бары олохтоохторугар табыгастаах усулуобуйаны тэрийии хайаан да болҕомто киинигэр турар.

2023 сылга киин куоракка «Тырааныспар инфраструктуратын кэлим сайыннарыы» муниципальнай бырагыраама иитинэн уонна «Куттала суох хаачыстыбалаах суоллар» национальнай бырайык чэрчитинэн уон саҥа сылаас тохтобул киирэрэ былааннанар.

«Сылаас тохтобуллары тутуу үлэтэ бастакы сылын ыытыллыбат. Ааспыт сылга 30 сылаас тохтобул тутуллубута, быйыл өссө эбии киириэхтэрэ. Бастатан туран, социальнай эбийиэктэри кытта кэккэлэһэ сылаас тохтобуллары тутабыт. Биһиэхэ, тыйыс килиимэттээх дойду олохтоохторугар, сылаас тохтобуллар тутуллан киирэллэрэ хайаан да наада. Дьокуускай куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ күүстээх үлэни тэрийэн ыытабыт»,диэн бэлиэтиир Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы Антон Алексеенко.

«Университет» сылаас  тохтобула

«Университет» сылаас  тохтобула уурбут-туппут курдук тупсаҕай оҥоһуулаах. Бэрт ыраас уонна киэҥ-куоҥ ыскамыайкалар кэчигирэһэн тураллар. Саҥата бэрт буолан буоллаҕа, дьон харыстабыллаахтык сыһыаннаһара, бэл диэтэр, сыттыын-сымардыын да уратыта тута харахха быраҕыллар. Тохтобул иһигэр уопсайа түөрт камера холбонон турар, инньэ гынан, оптуобус кэлбитин-барбытын кэтии-маныы олорорго табыгастаах эбит. Уулусса барыта көстөн турарын курдук өстүөкүлэ түннүктэрдээх. Аны туран, сайын куйааска холбонор кондиционердаах. Хас ыскамыайка муннугун кытта кэккэлэһэ төлөпүөн ииттэрэргэ розеткалар бааллар. Кистэл буолбатах, сылаас тохтобулларга сыт-сымар түргэнник иҥэр, ол инниттэн салгыны ыраастыыр тустаах аппарааттар кытта туруоруллубуттар. Туох эмит куттал суоһуур түбэлтэтигэр быыһыыр сулууспа анал кнопката көстүүлээх сиргэ баар.

«Бу саҥа сылаас тохтобулу тутан киллэрбиттэрэ хайҕаллаах быһыы. Мантан кыһын университет устудьуоннара да, үлэһиттэрэ да абыранабыт», – диэн 17-с оптуобуһу күүтэ турар Елена санаатын үллэһиннэ.

Өссө биири биһирээбитим диэн, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо анал пандус уурбуттар. Онон, саастаах дьон, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон харгыһа суох сылаас тохтобулга киирэр кыахтаммыттар.

«Автодорожнай факультет» сылаас тохтобула

Салгыы Автодорожнай уокурукка тиийэн, «Автодорожнай факультет» сылаас тохтобулун көрдүм. «Университет» тохтобулуттан туох даҕаны уратыта суох буолан биэрдэ. Ол эрээри, мин көрдөхпүнэ, иэнинэн арыый даҕаны кыараҕас курдук. Иһигэр үс ыскамыайка, аныгы истииллээх бөх дьааһыга, видеонан кэтээн көрүү  холбонон турар.

«Кыһыны көрсө манна саҥа тохтобулу туруорбуттара олус үчүгэй. Ыарахан, тыйыс сиргэ олооробут, онон маннык сылаас тохтобул баар буолара хайаан да наада. Мантан кыһын таһырдьа туруохтааҕар сылааска олорон эрэ, эбиитин төлөпүөн ииттэрэ-ииттэрэ, оптуобустарбытын маныахпыт. Түгэнинэн туһанан, куорат дьаһалтатыгар уонна уокурук салайааччытыгар махтанабын», – диэн оптуобуһу кэтэһэ олорор Егор махталын биллэрдэ.

 

Аныгылыы тупсаҕай көрүҥнээхтэр

Сылаас тохтобуллар Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын сакааһынан олоххо киирэр, сүрүн сакаасчыт –  «Главстрой» МХТ.

Бу икки саҥа тохтобулу «Аартык-Строй» ХЭТ тутан киллэрбит. Санатан эттэххэ, Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев дьаһалта мунньаҕар оптуобус сылаас тохтобулларын болдьоҕун иннинэ, ол эбэтэр кэлэр ый 15 чыыһылатыгар диэри киллэрэргэ соруктаабыта.

«Билигин  сарсыарда номнуо тымныйар буолла. Оҕолор сылаас тохтобулларга туран, оптуобустары кэтэһиэхтээхтэр”, – диир куорат баһылыга Евгений Григорьев.

Манна даҕатан эттэххэ, кэлэр сылларга Дьокуускайга сылаас тохтобул ахсаанын 100-кэ диэри тириэрдии былааннанар. Саҥа тохтобуллар национальнай бырайыак иһинэн үлэҕэ киириэхтэрэ. Бу туһунан баһылык быһа биэрии кэмигэр иһитиннэрбитэ. Саҥа тохтобуллары вандаллары утары бөҕөргөтүүлэринэн хааччыйыы улахан соруга турар.

Ону сэргэ, быйыл сылаас тохтобуллар киириэхтэрэ: Сэбиэскэй Аармыйа 50 сыла уулуссаҕа – «Рихарда Зорге»  (куорат диэки өттүгэр), Бабушкин уулуссатыгар – «Бабушкина», Челюскин уулуссатыгар – «Челюскина», «Эргэ Табаҕа», « 3 №-дээх полиция отдела», Ленин проспегар «Лена» киинэ тыйаатыра», «Доҕордоһуу болуоссата», Октябрьскай уулуссаҕа «Киин» киинэ тыйаатыра», Ленин проспегар «Центральнай киинэ театра».

Сылаас тохтобуллар ханан баалларый?

Алтынньы 20 күнүнээҕи туругунан киин куоракка 28 сылаас тохтобул үлэлии турар:

1. «Автодорожнай факультет» (Красильников уул. Лермонтов уул. айанныыр суол)

2. «Университет» (Кулаковскай уул., 42а)

3. «10 №-дээх оскуола» (Кальвица уул.)

4. «Үлэ кыбаартала» (Труд уул.)

5. «Аммосов скверэ» (Кулаковскай уул.)

6. «Борисовка–3 » (Бүлүүлүүр суол, 5 км)

7. «Свердлова» (Лермонтов уул., 36)

8. «Тыа хаһаайыстыбатын техникума» (Поярков уул.)

9. «Аччыгый Марха» (Мархинскай уул.)

10. «Лера» авторынок (Окружной шоссе 4 км);

11. «Силуэт» (Киров уул.)

12. «Оскуола-интэринээт» (Бүлүүлүүр суол);

13. «Дьиэ-уот департамена» (Лермонтов уул.)

14. «Областной балыыһа» (Стадухин уул.);

15. «Саҥа килиэп собуота» (Очиченко уул., 3/2)

16. «Алмаасэргиэнбаан» (Хабаров уул.)

17. «Иккис даамба» (Хатыҥ Үрэх шоссетын 6-с км)

18. «Институт мерзлотоведения» (Мерзлотнай уул.);

19. «Кыайыы болуоссата» (Хабаров уул.);

20. «Гагарин скверэ» (Можайскай уул.);

21. «Спорт оскуолата» (Дзержинскэй уул.);

22. «Новинка» (Семен Данилов уул.)

23. «Курнатовскай» (Курнатовскай уул.)

24. «Советскай» (Ильменскэй уул., 27);

25. «Жорницкай» (Жорницкай уул.,7);

26. «Очиченко» (Очиченко уул., 5/1);

27. «Спид-киин» (Очиченко уул., 1);

28. «Авиагруппа” (Улуу Кыайыы 50 сыла уул.).

Убаастабыллаах куорат олохтоохторо!

Куораппыт сылаас тохтобулларыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахха;

Бөҕү-сыыһы анал бөх дьааһыгар быраҕыахха;

Баһаартан сэрэхтээх буолуохха;

Табахтаамаҥ, аһыы утаҕы иһимэҥ;

Тохтобул иһигэр сокуону кэһимэҥ;

Бэйэ-бэйэҕэ үтүөтүк сыһыаннаһыахха;

Өйдөөҥ! Хас биирдии тохтобул эбийиэгэр видеонан кэтээн көрүү уонна анал кэтиир сулууспа үлэлиир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....