24.05.2023 | 14:35

Киин куоракка — Сайылык күнэ

Быйыл Ньукуолун күнүгэр түбэһэр Сайылык күнүн көрсө ыам ыйын 21 күнүгэр Орджоникидзе болуоссатыгар бырааһынньыктааҕы сэргэх тэрээһин буолан ааста. Сайылык күнэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр 2018 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан олохтоммута.
Киин куоракка — Сайылык күнэ
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев эҕэрдэлээтэ.

4 араас хайысхалаах балаһаакка үлэлээтэ. “Саха мааны таҥаһа” балаһааккаҕа атыыны-эргиэни сэргэ саха таҥаһын быыстапката тэриллэн, дьон болҕомтотун тарта.

"Саха төрүт оонньуулара" балаһааккаҕа көхтөөх оонньуулар, күөн күрэстэр, спорт национальнай көрүҥнэригэр тэтимнээх күрэхтэһиилэр, норуот үгэс буолбут көрдөөх оонньуулара ыытылыннылар.

“Байанай түһүлгэтигэр” ордук эр дьон, бултка тардыһар күүстээх аҥаардар интэриэһиргээн тоҕуорустулар.

«Сайылык» балаһааккаҕа ыалдьыттар бэлэмнэммит декорацияҕа хаартыскаҕа хатаннылар. Маны тэҥэ кинигэ быыстапката уонна кырачааннарга араас маастар-кылаастар буолан аастылар.

Сүрүн сыанаҕа уус-уран кэлэктииптэр күүстэринэн «Аламай күнүнэн!» бырааһынньыктааҕы сахалыы тыыннаах кэнсиэр буолла.

Бырааһынньык «Күөххэ үктэнии» сиэрин-туомун толоруунан уонна «Самаан сайын» диэн саха эстрадатын сулустарын кэнсиэринэн түмүктэннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...