01.11.2023 | 10:00

Киин куоракка «Казанскай» сквер уонна Муса Джалиль пааматынньыга аһылыннылар

Киин куоракка «Казанскай» сквер уонна Муса Джалиль пааматынньыга аһылыннылар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьокуускайга, алтынньы 31 күнүгэр, «Казанскай» сквер аһылынна уонна татаар улуу поэта, буойун, Сэбиэскэй Сойуус Героя Муса Джалиль пааматынньыга туруорулунна диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ. Сквер Дьокуускайдааҕы художественнай училище учаастагар баар.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ премьер-миниистир солбуйааччыта, аан дойдутааҕы Татаардар конгресстарын национальнай сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Василь Шайхразиев салайааччылаах делегация кытынна.

«Бу күннэргэ, хаһааҥҥытааҕар даҕаны ордук, национальнай лидербит, Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин тула түмүстүбүт. Бүгүн Сэбиэскэй Сойуус улуу уола, Сэбиэскэй Сойуус Героя Муса Джалиль пааматынньыгын арыйдыбыт. Кини «Я песни посвятил своей стране, жизнь отдам своему народу» хоһоонун тылларын саныыбыт. Билигин уолаттарбыт анал байыаннай эпэрээссийэҕэ эмиэ итинник сарсыҥҥы дьолбут, кэскилбит, оҕолорбут уонна сиэннэрбит эйэлээх-иллээх сиргэ олороллорун, бэйэлэрин устуоруйаларынан киэн тутталларын курдук кытталлар», - диэтэ Василь Шайхразиев.

Кини Айсен Николаев уонна Рустама Минниханов икки өрөспүүбүлүкэ бииргэ үлэлэһэллэрин сайыннарыыга, Татарстан уонна Саха сирин норуоттара доҕордоһууларын бөҕөргөтүүгэ сүҥкэн кылааттарын киллэрэллэрин бэлиэтээтэ.

«Саха сирэ Татарстан Өрөспүүбүлүкэтин, норуотун кытта уруккуттан сылаас сыһыаннаахтар. «Туган Як» уопсастабыннай тэрилтэ көҕүлээһининэн, Татарстан уонна Саха сирин салалталарын өйөбүлүнэн «Казанскай» сквери арыйыы – ити Саха сирэ атаҕар турар устуоруйатыгар чаҕылхай суолларын хаалларбыт, аныгы Саха сирин сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит татаар норуотун бэрэстэбиитэллэригэр өйдөбүнньүк бэлиэтэ. Кэлэр өттүгэр бииргэ үлэлээһиммитин сайыннарарга туһуламмыт өссө элбэх, интириэһинэй уопсай бырайыактар баар буолалларыгар эрэнэбин», - диэтэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников.

Сквергэ култуурунай, сырдатар уонна маассабай тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...