Киин куоракка «Ас-үөл - 2023» дьаарбаҥка саҕаланна
Быйылгы быыстапка-дьаарбаҥка агропромышленнай комплекс декадатын чэрчитинэн тэриллэр. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы Артем Александров бэлиэтээбитинэн, быйылгы тэрээһин, элбэх дьон сылдьар усулуобуйатын тэрийэр курдук, саҥа форматынан барыаҕа.
«Өрөспүүбүлүкэ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ сылын аайы быыстапка-дьаарбаҥканы тэрийэр. Тэрээһин Саха сирин аска-үөлгэ салаатын бары кыттыылаахтарын – регион араас муннуктарыттан оҥорон таһаарааччылары, фермердэри, агрооскуолалары түмэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ быыстапка тэрийээччилэрэ – «Якутские продукты» СХПК саҥардыллыбыт концепциянан уонна бырагырааманан күүскэ үлэлииллэр, сонун сүүрээннэри киллэрэллэр. Дьаарбаҥка Комсомольскай болуоссакка уон күнү быһа сарсыарда 10 чаастан киэһэ 19 чааска диэри үлэлиэҕэ. Тэрээһин чэрчитинэн маастар-кылаастар, дегустациялар, саҥа бородуукталары билиһиннэрии, быыстапкалар, кэнсиэр бырагыраамалара буолуохтара», - диэтэ Артем Александров.
Бырагыраамаҕа олоҕуран төгүрүк остуоллар былааннаннылар. Итиннэ исписэлиистэр уонна экспертэр уопут атастаһыахтара, итиэннэ бастыҥ бородуукталар хаачыстыба күрэҕэр кыттыахтара. Үгэс быһыытынан, дьаарбаҥка АГАТУ ипподромугар ат сүүрүүтүнэн түмүктэниэҕэ.