Киин куоракка археологтар үлэлииллэр
«СӨ Арктикатааҕы научнай-чинчийэр киинэ» ГБУ научнай үлэһитэ Елена Николаевна Соловьева бу миэстэ куорат историческай чааһыгар киирэрин бэлиэтиир:
— Биһиги сабаҕалааһыммытынан, бу миэстэҕэ дьон номнуо 17-с үйэ бүтүүтүттэн саҕалаан олохсуйбут. Биһиги сорукпут – кинилэр хаалларбыт култуурунай араҥаларын үөрэтии. Биллэрин курдук, 19-с үйэ бүтүүтүгэр – 20-с үйэ саҥатыгар бу сир иккис гильдиялаах атыыһыт Михаил Гаврильевич Васильев уһаайбатыгар киирэрэ. Оттон кини иннинэ манна ким олорбутун, туох тутууну ыыппытын үөрэтии – биһиги биригээдэбит соруга.
Билигин манна 35 киһилээх биригээдэ үлэлиир: булумньуларын тутатына ыраастыыллар, испииһэккэ киллэрэн иһэллэр. Биһиги хаһыаппыт бэҕэһээ археологическай хаһыылар хайдах баран иһэллэрин билсэ сырытта.
Уруккуну эргиллэн көрдөххө...
Елена Соловьева:
— Биһиги билигин үөһээҥҥи дьапталҕаны хаһа сылдьабыт, ол эбэтэр 19-с, 20-с үйэлэр. Онон билиҥҥитэ сэбиэскэй кэм кэрэһиттэрэ маллар көстөллөр. Ол да буоллар арыый былыргы мал-сал көстөр түгэннээх.
— Ону эһиги хайдах быһаараҕыт?
— Иһит-хомуос, харчы, биллэн турар, сыллара ыйылла сылдьар. Сүрүннээн 20-с үйэ иккис аҥаарыгар тахсыбыт харчыны балайда буллубут, ол быыһыгар биир Екатерина II саҕанааҕы Сибиир харчыта көһүннэ. Ону таһынан фарфор, фаянс иһиттэр кырамталарын буллубут, тэриэлкэлэр, чааскылар, бүлүүһэлэр буолуохтарын сөп. Хомойуох иһин, бу маллары чөлүгэр түһэрэр олус уустуга биллэр, онон чопчу туох иһит буолалларын этэртэн туттунабыт. Тус бэйэм санаабар, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ сылдьыбыт эбэтэр көһөн барыыга хаалбыт иһиттэр буолуохтарын сөп.
Биһиги турар учаастакпытыгар өр сылларга элбэх тутуу ыытыллыбыт. Ол иһин булуллубут мал-сал быыкаа фрагменнара эрэ ордубуттар. Ол да буоллар санаабытын түһэрбэппит, булумньуларбытын төһө кыалларынан чөлүгэр түһэрэ сатыахпыт.
— Салгыы булумньуларгытын ханна харайаҕыт?
— Ыраастыыбыт, манна тута миэстэтигэр сууйабыт-сотобут, быһаарыы сурук оҥоробут, нүөмэрдиибит уо.д.а. Күһүөрү, хаһыы үлэтэ түмүктэммитин кэннэ, лабораторияҕа илдьэн, чинчийии үлэтин ыытыахпыт.
— Бу миэстэҕэ эрдэ туох турбутай?
— Чопчу хас сыллаахтан хас сыллаахха диэри турбутун этэр кыаҕым суох эрээри, 80-с сылларга манна икки этээстээх мас дьиэ турбутун этиэхпин сөп. Ол дьиэ ураты сиэдэрэй оҥоһуулаах эбит — балконнаах уонна таас верандалаах. Бу дьиэни бэрт соторутааҥҥа диэри 30-с сыллардааҕы тутуу дии саныырбыт, докумуоҥҥа киирэ сылдьар чахчыларынан. Билигин биллибитинэн, бу эҥэр өссө 17-с үйэ бүтүүтүттэн саҕалаан дьон олохсуйбут эбит. Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат олохтооҕо Екатерина Адзимованы ыҥыран, онуоха бигэргэтиини ыллыбыт. Екатерина биэс сааһыгар диэри манна олоро сылдьыбыт эбит.
— Елена Николаевна, чинчийиинэн хаһааҥҥыттан дьарыктанаҕын?
— 1988 сыллаахха университеты бүтэрбитим, онтон 10 сыл үрдүк үөрэх кыһатыгар археологиянан дьарыктаммытым. Ити кэннэ, 90-с сыллар бүтүүлэригэр, университеттан баран, сүүрбэччэ сыл оскуолаҕа учууталынан үлэлээбитим.
“Дьокуускай куорат XVII-с – XX-с үйэ саҥатынааҕы историческай чааһын култуурунай араҥата” аатынан биллэр эбийиэк билигин СӨ Култуура нэһилиэстибэтин харыстыыр департаменын көрүүтүгэр турар.
Археологтар тугу буллулар?
Валерий Охлопков СӨ Арктикатааҕы научнай-чинчийэр киинигэр лаборанынан үлэлиир. Эдэр чинчийээччи быйыл магистратура салаатын бүтэрбит.
— Эһиги манна тугу көрдүүгүт?
— Биһиги көрдүүрбүт диэн — 17-с, 18-с, 19-с үйэлэргэ дьоннор туох маллаах-саллаах олорбуттара. 17-с үйэни булар ыарахаттардаах, ол да буоллар эрэлбитин сүтэрбэппит.
2020 с. Ярославскай уулуссаҕа Арбитражнай суут дьиэтин миэстэтигэр чинчийии үлэтин ыыта сылдьыбыппыт. Билигин быдан киэҥ учаастакка үлэлиир буоламмыт, булумньу да көстөрө элбэх. Ярославскай уулуссатыгар 300 кв. м иэннээх сиргэ үлэлээбит буоллахпытына, манна түөрт төгүл улахан сир.
— Булбут малларыҥ туһунан кэпсиэҥ дуо?
— Бытархай харчы уонна клеймолаах фаянс иһит кырамтата элбэх. Инньэ гынан, холобура, 20 см аллараа түстэхпитинэ ханнык кэмҥэ, үйэҕэ, бириэмэҕэ кэлбиппитин чопчу билэбит.
— Билигин ханнык үйэҕэ сылдьаҕыт?
— 19-с үйэ бүтүүтэ уонна 20-с үйэ бастакы аҥаара диэххэ сөп. Холобура, бу сарсыарда биир үлэһиппит муостан оҥоһуллубут тиис суунар суокканы булла. Маннык суоккалары 20-с үйэ ортотугар диэри оҥорор, туттар этилэр.
— Мал-сал төһө үчүгэй туруктаах сытар эбит дии санаатыҥ?
— Урукку чинчийиилэри кытта тэҥнээтэххэ, быдан үчүгэй туруктаах маллары буллубут. Онон булумньуларбытын быыстапкалыахпыт уонна нүөмэрдээн пуондаҕа киллэриэхпит.
Хаартысканан кэпсиибит