Киин куоракка анимация бастакы бэстибээлэ ыытылынна
«Быйыл аан бастакы бэстибээли ыытабыт. Балтараа сыл анараа өттүгэр сахалыы мультфильмнары оҥорор буолбуппут, онон кылгас кэм иһигэр улахан бэстибээли тэрийэммит үөрүүбүт улахан. Бу бэстибээл сылын аайы ыытыллар буолуоҕа диэн эрэнэбит», — диэтэ «Саха» НКИХ генеральнай дириэктэрэ Олег Марков.
Бэстибээл тэрийээччитэ – сахалыы кулунчук уонна кини доҕотторун туһунан «Тооку» мультсериалы оҥорбут «Саха» НКИХ. Быйыл хампаанньа 60 сылын туолла.
Саха сирин вице-премьера Сергей Местников бэлиэтээбитинэн, региоҥҥа төрөөбүт тыллары харыстыыр уонна сайыннарар судаарыстыбаннай бырагыраама үлэлиир. «Былырыын, өрөспүүбүлүкэ Ил Дарханын сорудаҕынан, ити судаарыстыбаннай бырагыраама үбүлээһинэ 100 мөлүйүөн солкуобайга диэри улаатта. Урут бырагыраама чэрчитинэн биир эрэ бырайыак – учебниктары оҥорон таһаарыы эрэ олоххо киирэр эбит буоллаҕына, билигин 55 араас бырайыак үлэлиир, ол иһигэр интэриниэт туонатыгар контент оҥоруута», — диэн иһитиннэрдэ Местников.
Бэстибээл чэрчитинэн анимационнай үлэлэр, мультсериаллар сценарийдарын, постердар, көстүүмнэр дизайннарын куонкурустарын түмүктэрин иһитиннэрдилэр.
Итини таһынан, маастар-кылаастар куонкурустара, исписэлиистэр лекциялара, презентациялар, оонньуулар буоллулар.