05.08.2022 | 18:00

Киин куоракка — 75 тиэргэн

Киин куоракка — 75 тиэргэн
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Быйыл сайын Дьокуускай куоракка 75 тиэргэн территориятыгар тупсарыы үлэтэ ыытылла турар. Ол эбэтэр 75 тиэргэҥҥэ сырдатыы, көҕөрдүү үлэлэрэ барар, саҥа асфальт, тротуар тэлгэнэр, оҕо оонньуур, спордунан дьарыктанар балаһааккалара туруоруллаллар. Быһата, нэһилиэнньэ бары араҥатыгар олорор дьиэ тиэргэнигэр сынньанар, спордунан дьарыктанар усулуобуйа олохтонуохтаах.

«Главстрой» МХТ иһитиннэрбиттэринэн, киин куорат тиэргэннэрин тупсарыы үс бырагырааманан үбүлэнэр. Үлэ уопсай суумата 669 363 897,08 солк. тэҥнэһэр, ол иһигэр:

✓ «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» федеральнай бырагырааманан – 236,96 мөл. солк.;

✓ СӨ баһылыгын «Мин тиэргэним» өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааматынан – 150,04 мөл. солк.;

✓ «Киин куораты тупсарыы үс сыла» Дьокуускай куорат бырагырааматынан – 281,26 мөл. солк.

«Бүгүҥҥү күҥҥэ тротуардары тэлгэтии, оҕо уонна спортивнай балаһааккалар, дьоҕус архитектурнай формалар акылааттарын түһэрии, аспааллааһын үлэлэрэ толоруллаллар. Урукку бүрүөһүнү көтүрүү, төҥүргэстэри хостооһун, бордюр таастарын, уу лотуоктарын ууруу үлэлэрэ түмүктэннилэр», — диэн иһитиннэрэр «Главстрой» МХТ.

«Главстрой» МХТ бэлиэтээбиттэринэн, үлэ 58 эбийиэккэ ыытылла турар. Ол курдук, «Основа» ХЭТ Автодорожнай уонна Киин уокуруктарга туһааннааҕынан 78,88 мөл. солк. уонна 90,00 мөл. солк. суумаларга уопсайа 19 тиэргэни оҥорон саҕалаабыт. «Кинг-95» ХЭТ Гагаринскай уокурукка уонна Хатас нэһилиэгэр холбоон 18 эбийиэккэ 165,35 мөл. солк. суумалаах үлэни ыытан эрэр. Итиэннэ Строительный уокурукка «Сахакапитал» 172,17 мөл. солк. суумалаах хантараакка 22 тиэргэни тупсарыыны саҕалаабыт.

Бу нэдиэлэни ааспакка атын уокуруктарга эмиэ былааннаммыт үлэлэр саҕаланыахтаахтар. Чуолаан «Основа» ХЭТ Губинскай, Октябрьскай уонна Промышленнай уокуруктарга эбии 16 тиэргэҥҥэ 157,00 мөл. солк. суумалаах үлэтин саҕалыахтаах.

Үлэ уопсай болдьоҕо алтынньы 31 күнүнэн быһыллан турар, ол эрээри 15 эбийиэк Куорат күнүгэр бүтүөхтээх.

Тиэргэннэри тупсаран оҥоруу хаамыытын хаартыскалар кэпсииллэр. Санатан эттэххэ, үлэ алтынньы 31 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх.

Автодорожнай уокурук, Крупская уул., 21, 23, Чкалов уул., 1

 

Киин уокурук, Короленко уул., 19-1, 21, 21-1

Строительнай уокурук, Жорницкай уул., 7-4...7-6, 7-9...7-12, 7-18...7-20, 7-31, Рыдзинскай уул., 18-1...18-12

 

Гагаринскай уокурук, Кузьмин уул., 26-3, 28-3, 30-2, 30-3, 34, 34-1

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...