06.05.2022 | 11:00

Киин куоракка 75 территория тупсарыллыаҕа

Киин куоракка 75 территория тупсарыллыаҕа
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Быйыл Саха сиригэр «Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырайыагынан 37 муниципальнай тэриллиигэ 124 тиэргэн территорията уонна дьоҕус паарка тупсаран оҥоһуллуоҕа. Икки түһүмэхтээх сүүмэрдиир куонкуруска 140-тан тахса өрөспүүбүлүкэ олохтооҕо кытынна. Ити туһунан быһа эпииргэ  СӨ Архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениетын салайааччыта Ирина Алексеева иһитиннэрбитэ.

Санатар буоллахха, Уһук Илиҥҥи куораттар тиэргэннэрин тупсарыы бырагыраамата вице-премьер, Арассыыйа бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев сорудаҕынан олоххо киирэр. Ити быһаарыы VI-с Илиҥҥи экономическай форумҥа ылыныллыбыта.

Саха сиригэр тиэргэннэр Кэбээйи, Сунтаар, Нам, Мэҥэ Хаҥалас, Уус Майа, Таатта, Уус Алдан, Хаҥалас, Амма, Ньурба, Томпо, Өймөкөөн, Үөһээ Бүлүү, Нерюнгри, Өлүөхүмэ, Мииринэй, Ленскэй, Горнай, Чурапчы, Алдан, Бүлүү оройуоннарыгар уонна Дьокуускай куоракка, Жатайга тупсарыллыахтара. Тутуу үлэтэ ыам ыйыттан саҕаланыахтаах.

Бастакы түһүмэххэ, олохтоохтор куоластааһыннарын түмүгүнэн,  83 муниципальнай тэриллииттэн 157 тиэргэни уонна дьоҕус паарканы тупсарарга сайабылыанньа киирэн, биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа көрүүтүгэр ыытыллыбыт. «Родные города и села» бырайыак биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйа мунньаҕын түмүгүнэн аадырыстаах испииһэккэ 124 территория киирбит.

Архитектура управлениета бырайыактааһын ирдэбиллэригэр уонна сметаларга типовой быһаарыылары оҥорбут. Компетенция киинин кытта консультациялары ыыппыт, территориялар дизайн-бырайыактарын дьүөрэлээбит. Итини сэргэ оҕолорго аналлаах уонна спортивнай тэриллэр испииһэктэрэ чопчуламмыт.

Бырайыактарга сырдатыы уонна көҕөрдүү, доруобуйаларыгар хааччахтаах дьоҥҥо табыгастаах усулуобуйаны тэрийии, оонньуурга уонна спордунан дьарыктанарга аналлаах зоналары оҥоруу киирбит. Итини таһынан, регион килиимэтин уратыта эмиэ учуоттаммыт, тоҕо диэтэр тиэргэннэр куораттарга уонна бөдөҥ сэлиэнньэлэргэ эрэ буолбакка, уһук сытар нэһилиэнньэлээх пууннарга эмиэ бааллар.

Архитектура управлениета уонна СӨ «LETO» куорат эйгэтин боппуруостарыгар Компетенция киинэ тиэргэннэр уонна дьоҕус пааркалар типовой быһаарыыларын талан, үс тииптээх территориялары чопчулаатылар:

Бастакы тииптээх — аҕыйах оонньуур тэриллээх дьоҕус тиэргэн территориялара;

Иккис тииптээх – спортивнай зона уонна воркаут-тренажер эбииликтээх орто тиэргэн;

Үһүс тииптээх – воркаут-тренажеры кытта спордунан дьарыктанар уонна оонньуур тэриллээх зоналар.

«Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырайыак чэрчитинэн киин куоракка туох үлэ былааннаммытын туһунан «Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Михайлович Варламовтан сиһилии кэпсииригэр көрдөстүм.

Алексей Варламов, «Главстрой» МХТ дириэктэрэ:

- «Формирование современной городской среды на территории городского округа «город Якутск» на 2020 – 2024 годы» 2021 сыл ахсынньы 14 күнүнээҕи 224 №-дээх муниципальнай бырагыраама бырайыагын дьүүллэһиигэ Уопсастыбаннай хамыыһыйа боротокуолунан 2022 сылга элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэрин аадырыстаах испииһэктэрэ бигэргэтилиннэ, куоракка 75 тиэргэн территорията тупсаран оҥоһуллар буолла.

Ити тэрээһин олоххо киирэригэр быйылгы сылга көрүллүбүт уопсай суума 669 363 897,08 солкуобайга тэҥнэһэр, ол иһигэр 2021 сыллааҕы дотация суотугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 140 990 837,08 солкуобай уонна үс кэнники сөбүлэҥ түмүгүнэн уопсайа – 528 373 060,00 солкуобай (өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн) 150 045 000,00 солкуобай, федеральнай бүддьүөттэн – 236 955 000,00 солкуобай, олохтоох бүддьүөттэн – 141 373 060,00 солкуобай көрүлүннэ.

Дьокуускай куорат уокуругун ороскуотугар бэриллэр субсидияны биэрэр туһунан 2022 сыл олунньу 8 күнүнээҕи 5-9ДМО №-дээх Сөбүлэҥинэн, тэрээһиннэргэ 168 849 700,00 солкуобай көрүлүннэ, ол иһигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн 150 000 000,00 солкуобай, олохтоох бүддьүөттэн – 18 849 700,00 солкуобай (Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үпкэ министиэристибэтин уонна Олохтоох дьаһалта икки ардыгар). Сөбүлэҥ индикатора – 17, сириэстибэлэр тиэрдилиннилэр.

Аныгы куорат эйгэтин оҥорор муниципальнай бырагыраамалары өйүүр 2022 сыл олунньу 1 күнүнээҕи 98701000-1-2022-005 №-дээх Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн бэриллэр субсидиялар Сөбүлэҥнэринэн, тэрээһиҥҥэ 30 600 000,00 солкуобай, ол иһигэр судаарыстыбаннай бүддьүөттэн– 45 000,00 солкуобай, федеральнай бүддьүөттэн – 4 455 000,00 солкуобай, олохтоох бүддьүөт сириэстибэтиттэн – 556 179,78 солкуобай көрүлүннэ (СӨ Архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениетын уонна Олохтоох дьаһалта икки ардыгар). Сөбүлэҥ индикатора – 1, сириэстибэлэр тиэрдилиннилэр.

«Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн» бырайыак олоххо киириитигэр 2022 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн субсидия биэриитин туһунан Сөбүлэҥ бырайыагар олоҕуран 328 923 360,00 солкуобай, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн – 232 500 000,00 солкуобай уонна олохтоох бүддьүөт сириэстибэтиттэн 96 423 360,00 солкуобай субсидия көрүлүннэ (СӨ Архитектураҕа уонна куораты тутууга управлениетын уонна Олохтоох дьаһалта икки ардыгар). Сөбүлэҥ индикатора – 75. сириэстибэлэр тиэрдилиннилэр.

Билиҥҥи туругунан, сакаасчыкка 669 363 897,08 солкуобай суумалаах сириэстибэ тиэрдилиннэ. Былааннаммыт 75-тэн 59  тиэргэн территориятын тупсаран оҥорууга уопсайа 506 416 618,64 солкуобай суумалаах муниципальнай хантараактар түһэрсилиннилэр:

- Строительнай уокурукка 22 тиэргэн территориятын тупсарыыга бырайыак докумуоннарын бэлэмнээһиҥҥэ, тутууга, саҥардан оҥорууга уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэрин хапытаалынай өрөмүөнүгэр "САХАКАПИТАЛ" ХЭТ кытта 2022 сыл кулун тутар 14 күнүгэр С-01/2022 №-дээх 172 168 808,00 солкуобай суумалаах муниципальнай хантараак түһэрсилиннэ;

- Гагаринскай уокурукка уонна Хатас сэлиэнньэтигэр 18 тиэргэн территориятын тупсарыыга бырайыак докумуоннарын бэлэмнээһиҥҥэ, тутууга, саҥардан оҥорууга уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэрин хапытаалынай өрөмүөнүгэр "Кинг-95" ХЭТ кытта 2022 сыл кулун тутар 18 күнүгэр С-04/2022 №-дээх 165 358 921,76 солкуобай суумалаах муниципальнай хантараак түһэрсилиннэ;

- Автодорожнай уокурукка 8 тиэргэн территориятын тупсарыыга бырайыак докумуоннарын бэлэмнээһиҥҥэ, тутууга, саҥардан оҥорууга уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэрин хапытаалынай өрөмүөнүгэр "Основа" ХЭТ кытта 2022 сыл муус устар 16 күнүгэр С-06/2022 №-дээх 78 888 888,88 солкуобай суумалаах муниципальнай хантыраак түһэрсилиннэ;

- Киин уокурукка 11 тиэргэн территориятын тупсарыыга бырайыак докумуоннарын бэлэмнээһиҥҥэ, тутууга, саҥардан оҥорууга уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэрин хапытаалынай өрөмүөнүгэр "Основа" ХЭТ кытта 2022 сыл муус устар 16 күнүгэр С-07/2022 №-дээх 90 000 000,00 солкуобай суумалаах муниципальнай хантараак түһэрсилиннэ.

Хаалбыт 16 тиэргэннэринэн билиҥҥи кэмҥэ «ГлавАПУ» МБТ бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннары уонна экспертизаны оҥоруунан дьарыктанар. «Закупкалары» биллэрии ыам ыйыгар ыытыллыаҕа. Хантараактарга илии баттааһын уонна тутар-таҥар үлэлэри саҕалааһын бэс ыйыгар былааннанна. Тиэргэннэри тупсаран оҥоруу үлэтин  туһунан сиһилии кэпсээтэххэ, итинник.

«Главстрой» МХТ дириэктэрэ Алексей Варламов информациятынан, куорат уокуругар тиэргэн территорияларын тупсарыы үлэтэ 2022 сыл сэтинньи 1 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...