18.04.2024 | 12:00

«Киэҥ киэли кистэлэҥэ» Александр Манжурьев айар быыстапката

СӨ Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэлигэр худуоһунньук, скульптор, ювелир Александр Манжурьев “Киэҥ киэли кистэлэҥэ” диэн айар үлэтин быыстапката арылынна.
«Киэҥ киэли кистэлэҥэ» Александр Манжурьев айар быыстапката
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Александр Владимирович Манжурьев 1971 с. Бүлүү улууһугар төрөөбүтэ. 1991 с. Намнааҕы художественно-педагогическай училищены, 2000 с. Илиҥҥи-Сибиирдээҕи култуура уонна ускуустуба судаарыстыбаннай академиятын  бүтэрбитэ. Бэйэтин үлэтигэр худуоһунньук араас матырыйаалы туттар: боруонса, үрүҥ, кыһыл көмүс, мас, сэлии муоһа, күндү таастары. Александр Манжурьев үлэлэрэ өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр түмэллэргэ, Европа, Индия, АХШ, Кытай уонна Япония чааһынай кэллиэксийэлэригэр хараллаллар.

Быыстапка арыллыытыгар Саха тыйаатырын артыыстара “Тулаайах оҕо” испэктээктэн быһа тардыыны оонньоон көрдөрдүлэр. Александр Владимирович испэктээккэ анаан дьоруойдар таҥастарын-саптарын айан таһаарбыта биллэр.

«Александр Манжурьев былыргы уустар, худуоһунньуктар, норуот маастардарын суолларын-иистэрин ситимнээн, норуоппут сүдү баайын салҕаан, аныгылыы көрөн, XXI-с үйэҕэ хатыламмат уонна кэрэ оҥоһуктары оҥорон тиэрдэр. Кини Далан «Тулаайах оҕо» айымньытын тыынын, ис хоһоонун биэрэр үтүө айымньылары оҥорон таһаарбытыгар биһиги махтанабыт», — диэн СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев бэлиэтээтэ.

Александр Манжурьев уран тарбахтаах, бэйэтэ туспа көрүүлээх, ураты буочардаах худуоһунньук. Олоҥхо, остуоруйа, фольклор муҥурун булларбат тиэмэлэрэ киниэхэ чугастара сөхтөрөр. Ол курдук быыстапкаҕа “Күлүк”, “Күн дойдутугар айан”, “Куоҕас суола”, “Уйа”, “Күлүмэн”, “Биһик”, “Кийиит”, “Аан Алахчын хотун” илин кэбиһэр уонна да атын үлэлэрэ турдулар.

“Саха сирэ былыргыттан үрүҥ көмүс уустарынан аатырар. Кырдьык, ханна да тиий, ханнык баҕар түмэлгэ сырыт, Саха сирин биллэр маастардарын үйэлээх, кэрэ, күүстээх айымньыларын көрсөҕүн. Уонна бу үгэстэр Александр Манжурьев айар үлэтигэр саҥаттан үөскүүллэр”,— диир Влада Тимофеева, НХМ дириэктэрэ.

Быыстапкаҕа киирэр ааҥҥа чуораанчыктар ыйанан тураллар. Хас биирдии ыалдьыт ону чугдаардан, өһүөннээх күүстэртэн харыстанар.

“Киэҥ киэли кистэлэҥэ” быыстапка НХМ сүрүн дьиэтигэр ыам ыйын 19 күнүгэр диэри салҕанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....