КИҺИ ТАҤНАР ТАҤАҺЫН БАРЫТЫН ТИГЭБИН
Мин иистэнэр, уһанар дьону, бэйэм ол чааһыгар тугу да сатаабат буоламмын, олус ытыктыы, сөҕө көрөбүн. Кинилэр айан-тутан таһаарбыт оҥоһуктара, иистэрэ хайа баҕарар киһи сүрэҕин уулларар, кэрэхсэтэр буоллаҕа.
Бүгүн кэпсиир киһим Уус Алдан Суоттутуттан төрүттээх, 30-тан тахса сыл үөрэх эйгэтигэр үлэлээбит, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Бэрэсидьиэнин профтехүөрэхтээһиҥҥэ Гранын хаһаайката, икки оҕо иһирэх ийэтэ, хас да сиэн эйэҕэс эбэтэ Прасковья Владимировна Бочкарева. Кини иис абылаҥын, айар-тутар үлэтин туһунан билиһиннэрэр.
Эдэр сааспыттан иитиэхтии сылдьыбыт дьарыктарбынан утумнаахтык дьарыгыраммын дуоһуйа, астына сылдьабын. Оҕо эрдэхпиттэн ийэм үүтүн кытта эбэлэрим барахсаттар көмүс тарбахтарын талаана киирэн хаалбыта, оскуолаҕа үлэлиир сылларбыттан, үүйэ хаайа тутан да биэртэ. Бэл диэтэр, биир кэмҥэ Томскай куоракка технологическай институкка баран иһэн, чуут тохтообутум. Макраме, быысапка, оҕуруо, баайыы, түүлээхтэн тигии, саҕынньах, бэргэһэ, этэрбэс, эппиккэ дылы, киһи таҥнар таҥаһын барытын тигэн кэллим. Бу түһүмэхтэри барытын ааспыт буоламмын, кыл барахсаны өрүүгэ олох төбөм оройунан түспүтүм. Ол эмиэ остуоруйалаах этэ. Кэргэним Егор Степанович намыһах хаан баттааһыннаах буолан интэриэһиргээн, араадьыйаҕа дьон кэпсиирин истэн, “миэхэ кыл бэргэһэ наада эбит, оҥор” диэн кэбиспитэ. Толоругас баҕайы киһи аан бастаан кылы туттаҕым ол. Нэмиэттэрин (болванкаларын) түргэн үлүгэрдик оҥоро охсон биэрбитэ. Ону, күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри тутан баран ыһыкта иликпин.
Бастаан иккиэн “маннык буолар эбит, маннык тутар эбиппит, итинэн тик” дии олорорбут бу баарга дылы. Ити курдук кыл-сиэл алыптаах дьарыгар сиэтэн киллэрбитэ. Бэйэтэ кылбын нарылаан, сууйан-сотон, булан-талан бэлэмнээн биэрэр этэ. Кэлин, доҕорум суох буолбутугар, бу дьарыгым баччааҥҥа диэри “аһата” сылдьыаҕын билбит курдук. Эчи, туттара ырааһа, мындыра, барыта орун-оннугар, киһи санаата сытар гына туттуулаах этэ. Ол курдук бастакы үлэлэрим – эр дьон төбөтөөҥкүлэрэ буолбуттара. От-мас үлэтигэр сылдьар үөлээннээхтэрбит, сылгыһыттар, суоппардар, тырахтарыыстар олус сөбүлээн кэппиттэрэ, махтаммыттара. Ити төбөтөөҥкүлэри оҥоро олорон “творческайым оонньоон” тугу эрэ уларыппыт киһи дии саныыр буолбутум. Бастакы ажур дуомнаах сэлээппэбин оҥорбутум. Онтон ыла онус сылыгар барбыт эбит, кыл мындыр алыбыгар ылларбытым. Сэлээппэ бөҕөтүн оҥордум, айдым ини, айбатым ини. Араас моһуоннаах, өрүүлээх сэлээппэлэрбин ыһыах түһүлгэлэригэр көрөн астынабын. Араастаан дьоһумсуйа кэтэн аттыбынан аастахтарына, хайҕаппыт саҕа сананан “дьөһөгөйүм оҕотун бэлэҕин өссө да дьоруолатан, санаам нууралын сыыйа тардан, кимҥэ да иһиллибэт, бэйэм дууһабар эрэ туойар тойугун чугдаардыахпын, ону дьоммор утары уунуохпун баҕаран, кыдьыгыран ахан кэлэбин ээ” диибин.
Ииһим таапачыкаттан саҕаламмыта
Олох кыра эрдэхпиттэн иистэммитим. Бастакы ииһим үҥкүүлүүргэ чешка оннугар кэтэр таапачыка уонна “солнце” дьууппа этилэр. Балары 4-с кылааска сылдьан иистэнэр массыынанан тикпитим. Тарбах тигиилээх да буоллар, санаабар, бэртээхэйдик табыллыбыта. Иискэ учууталбынан ийэбин Лазарева Марфа Николаевнаны ааттыыбын. Кини маннык тик диэн хаһан да үөрэппэтэҕэ да буоллар, элбэх оҕолоругар иистэнэрин көрө сылдьаммын үөрэммит эбиппин. Арай аан бастаан быыкарайка диэни ийэм дьүөгэтэ Заровняева Анастасия Николаевна, чүөчэ Настаа, таапачыка маннык быһыллар диэн кумааҕыга быһан көрдөрбүтэ, онтон ыла ииһим саҕаламмыта. Санаатым да бэйэбэр, ийэбэр, балтыларбар былаачыйаны биир түүн иһигэр тигэр этим. Бэйэбин өйдүүр буолуохпуттан иистэнэбин. Ийэм арай “киһи сатыырын киһи сатыахтаах” диирэ өйбөр хаалбыт. Урукку кэм сиэринэн илиинэн оҥоһук бары көрүҥүн сатыыр буоламмын, бу кылбар түргэнник киирбитим.
Көлүөнэнэн бэриллибит талаан
Бу иис сатабылым хаанынан кэлбит быһыылаах. Ийэбинэн хос эбэм Лазарева Екатерина Федоровна көмүс сабынан быысапкалыыра үһү. Манна даҕатан эттэххэ, хос эһэм Лазарев Николай Константинович диэн 2-с гильдиялаах атыыһыт эбитэ үһү. Ийэм ийэтэ Сивцева-Лазарева Марфа Петровна, аҕам ийэтэ Сивцева-Татаринова Прасковья Семеновна иккиэн иистэнньэҥ ааттаахтара диэн кэпсииллэр.
Дьону киэргэтэрбиттэн үөрэбин
Биэнсийэҕэ тахсаат даҕаны ииспинэн дьарыгыран барбытым. Ону билэр буоланнар, элбэхтик сакаастыыллар.
Дьону киэргэтэрбин наһаа сөбүлүүбүн. Бу киһиэхэ маннык моһуоннаах, оннук өҥнөөх, бу матырыйаал барсыан сөп эбит диэн тута харахпар көрөбүн уонна тикпитинэн барабын. Үгүс дьон бэйэҥ хайдах тигэргинэн тик диэн этэллэр. Итэҕэйэллэр.
Дьон мин үлэм түмүгүттэн үөрэн-астынан бардахтарына кинилэрдээҕэр ордук үөрэбин.
Быыстапкаларга улаханнык кыттыбаппын. Биллэ-көстө сатаабаппын. Бэйэм кыахпынан иистэнэбин, айабын. Арай улууспар ыытыллыбыт В.В. Никифоров-Күлүмнүүр тэрийиитинэн Саха сирэ Нижнэй Новгород куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы художественнай- промышленнай быыстапкаҕа аан маҥнай кыттыыны ылбыта 120 сылыгар анаммыт “Уус Алдан уран уустарын түһүлгэтигэр” бастакыбын кыттаары, “Сиэдэрэй сэлээппэ” анал аакка тиксибитим уонна былырыын эмиэ “Уус Алдан уран уустарын түһүлгэлэригэр” “Кыл сиэл алыба” номинацияҕа мэҥэ сурук туппутум.
Махтал мааны тыллара
Томпо оройуонугар кэнники сылларга дьон сахалыы таҥнар буолбуттара олус кэрэхсэбиллээх. Мин былырыын сайын хайаан да сахалыы таҥастаах самаан сайыммын көрсүөм, ыһыахтыам диэн толкуйданным. Талан-талан, дьонтон ыйыталаһан, санаа атастаһан баран, Бочкарева Прасковья Владимировнаҕа сибээскэ тахсаммын, хара сиэлтэн сэлээппэ оҥороругар көрдөспүтүм, бэйэм хайдах сэлээппэни баҕарарбын тиэрпитим. Прасковья Владимировна санаабын истэн, сөбүлэһэн, бэрт түргэнник санаам хоту оҥоро охсон, санаабыппыттан өссө ордук тупсаҕай көрүҥнээх, кэрэчээн сэлээппэни оҥорон ыытан, кылы, сиэли баһылаабытын өссө төгүл итэҕэйбитим. Баҕа санаам итинник түргэнник табыллыбытыттан бэйэм да соһуйбутум.
Быйыл сайын Кабардино-Балкарияҕа Нальчик куоракка санаторийга бу кэрэчээн сэлээппэбин кэтэн барбыппыттан олус астынан кэлбитим. Элбэх киһи интэриэһиргээн ыйытта, сөхтө-махтайда. Бу хайҕабыл тыллар барыта көмүс илиилээх, уран тарбахтаах маастарбар Прасковья Владимировнаҕа ананаллар. Киниэхэ өссө төгүл махталбын тиэрдэбин уонна үлэҥ сөптөөхтүк сыаналанарыгар баҕарабын! Өссө да маннык айа-тута сырыт, кэрэ үлэлэргинэн, оҥоһуктаргынан сахаҥ дьонун үөрдэ тур!
Саввина Р.И., Томпо оройуона, Хаандыга бөһүөлэгэ.
Улаханнык убаастыыр дьүөгэбэр, Прасковья Владимировнаҕа улахан махтал!
Бэйэм баҕабынан, икки өҥү наһаа сатабыллаахтык дьүөрэлээн туттан, миэхэ сөрү-сөп, нарын-намчы кыл сэлээппэни тутан олус диэн үөрдүм.
Хаһан да хатыламмат дьикти кэрэ сэлээппэлэргинэн, иискинэн оҕолоргун, сиэннэргин,чугас дьонноргун, доҕотторгун, дьүөгэлэргин, Далбар хотуттары үөрдэ, сөхтөрө тур.
Эн тикпит таҥастаргын, өрбүт сэлээппэлэргин көрө-көрө наһаа үөрэбит, сүрдээҕин астынабыт, эйигинэн киэн туттабыт.
Бу курдук илиигин араарбакка, өссө да араас кэрэ оҥоһуктары тигэ, айа тур!
Эҕэрдэни кытта Ньурба Өҥөлдьөтүттэн Оксана Афанасьевна.
Прасковья Владимировна бастакы сэлээппэлэриттэн биири мин кэппитим буолуо. Бастакы сиэл сэлээппэм үрүҥ өҥнөөх.Үөһэ өттүгэр төбөнү салгылатар хайаҕастардаах. Сэлээппэ кытыыта бэйэтиттэн оһуордаах. Прасковья сэлээппэни өрөрүгэр туох баар сүрэҕин, илиитин сылааһын уурар буолан, кэтэргэ олус үчүгэй. Онтон иккис сэлээппэм кугас өҥнөөх сиэлтэн өрүллүбүт. Олох куруһуба курдук. Дьиктитэ баар, кытыытыгар оһуокайдыы сылдьар дьон көстөллөр. Бу сэлээппэни кэттэхпинэ, олох санаам сырдыыр, кэннибэр кынат үүммүт курдук чэпчэкитик дугуйан хаамабын. Прасковья Владимировна сэлээппэлэрэ олох хатыламмат оһуордаахтар, быһыылаахтар. Маннык сэлээппэлэри өрөр киһи норуот маастара аатын ылара буоллар, өссө да айыа-тутуо этэ.
СӨ үөрэҕириитин туйгуна, үлэ бэтэрээнэ Иванова В.К.
Дьэ, ити курдук саха сэмэй дьахтарын, уран иис маастарын кытта кэпсэттибит, махтал суруктарын аахтыбыт.
Саха талааннаах киһитэ, быһый буоллун, күүстээх буоллун, уус, иистэнньэҥ буоллун, былыр-былыргыттан олус көрсүө, сэмэй буолар диэн сурукка тиһэллэр, кэпсииллэр. Кинилэр хаһан да баардарын-суохтарын көрдөрө сылдьыбаттар, талааннарынан өттөйбөттөр, төттөрүтүн кистии сатыыллар. Ол курдук Прасковья Владимировна “биллэ-көстө сатаабаппын” диэн этиитэ кини сэмэй киһи буоларын, дьону үөрдэр аналлааҕын, иистэнэн дуоһуйуу эрэ ыларын туоһулуур.
Онтон бу суруйуубунан, кини чахчы талааннаах, бэйэтигэр буолбакка, дьон туһугар үлэлиир, иистэнэр киһи “Норуот маастара” ааттанар кэмэ кэлбит диэн этиэхпин баҕарабын. Кини талааныгар сүгүрүйэн туран кэскиллээх айар үлэни, саха норуотун махталын өссө да ыла турарыгар ис сүрэхпиттэн баҕарабын.