27.09.2021 | 19:00

Киһи киһиэхэ эрэммэт кэмэ...

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Аныгы үйэҕэ эн илэ өйгүнэн айбыккын эбэтэр илиигинэн оҥорбуккун сирэйэ-хараҕа суох “миэнэ” диэн бэйэлэригэр иҥэринэр дьон элбэх. Эбэтэр сорох суобаһа суохтар оҕолуу кэнэн, көнө майгылаах киһини итэҕэйэр, эрэнэр эрэ диэн албынныахтарын, талбыттарынан туһаныахтарын, куукула курдук сөбүлээбиттэринэн салайыахтарын сөп.

«Көмөлөһүннэрбит»

Галя (аата уларыйда) атын дэриэбинэҕэ көһөн тиийбит. Саҥа үлэһит ким тугун-ханныгын билбэтэ чуолкай. Оччолорго эдэрэ да бэрт буоллаҕа. Соруйбуттарын барытын тук курдук толорон иһэрэ. Галина өй хаата буолан, сурук-бичик үлэтин, отчуоту ааһан иһэн дайбыыр эбит. Ону көрөн, биир кэллиэгэтэ “дьүөгэ” буола охсубут. Аля (аата уларыйда) кини дьиэтигэр субу-субу ыалдьыттыыра, өссө арыы, үүт, сүөгэй тутуурдаах тиийэрэ. Саҥа көһөн кэлбит киһи дьүөгэм барахсан өйүүр диэтэҕэ. Алевтина эҕэ-дьэҕэ буолан, илин-кэлин түһэн ханна барытыгар Галя аттыгар сылдьара. Онтон сыыйа-баайа кимэн киирэн испит. Бастаан курсовойугар “көмөлөһүннэрбит”, реферат суруйтарбыт. Галя кэтэхтэн үөрэнэр, өссө үлэлиир, икки оҕолоох дьүөгэтин төһө кыайарынан өйөөбүт, биир даҕаны көрдөһүүтүн быһа гымматах. Алята сессия бүтүөр диэри хаста да “көмөлөһүннэрбит”. Ити курдук кэм-кэрдии ааспыт. Саас Аля дьүөгэтигэр дипломнай үлэбин оҥорон биэр диэн көрдөспүт. “Оҕолорум тугу да гыннарбаттар, дэлби сылайабын, ноҕуруусканы тулуйбаппын, кэлин ыарытыйар буоллум”, – диир үһү. Галя аһынан, күнүстэри-түүннэри аны онно түһүммүт. Ити курдук Алябыт үөрэҕин ситиһиилээхтик бүтэрбит. Аны улам-улам үөһүгэр киирэн, Галяҕа отчуоттарын оҥорторор буолбут. “Наһаа маладьыаскын! Сыыппараны баҕас хайдах баҕарар дьаарыстыыгын”, – диэн өссө хайҕал тылларынан хадаҕалыыр эбит.

Арай бииргэ үлэлиир кэллиэгэлэрэ Галяҕа сибигинэйэн: “Ити дьахтартан сэрэн, албын саһыл курдук. “Көмөлөһүннэрэбин” диэн тугун барытын оҥорторо сатыаҕа. Өссө кэннигиттэн саҥара сылдьыаҕа”, – диэн сэрэппит. Онтон ыла Галя Аляны чугаһаппат буолбут. “Дьүөгэтэ” ону өйдөөн, аны кини туһунан араас сураҕы тарҕатар буолбут. “Ол ордук хомолтолоох этэ”, – диэн билигин Галина кэпсиир.

Ыйыппакка, ааптар аатын ыйан туран

Бастакы түгэн. Былырыын дуу, икки сыллааҕыта дуу, бииргэ үлэлиир кэллиэгэм: “Айыына, ити хаһыакка (аатын эппэппин) эн кэпсээннэриҥ дуо?” –диэн ыйыппыта. “Билбэппин. Онно тугу да ыыппатаҕым, кинилэргэ суруйбаппын ээ”, – диэн соһуйбутум. Онтон сибиэһэй нүөмэри киллэрэн көрдөрбүтэ. Кырдьык, мин кэпсээннэрбин бэчээттээбиттэр эбит. Хата, А.Ксенофонтова диэн илии баттааһыннаах. Ол эрээри... мин ыыппатаҕым, хантан ылбыттара буолуой? Кинигэбиттэн быһыылаах эрэ диэн түмүккэ кэллим.

Иккис түгэн. 4-5 сыллааҕыта этэ дуу, арай күһүн, үөрэх саҥа саҕаламмыт күннэригэр, биир билэр учууталым бассаапка суруйар: “Айыына, 4 кылаас учебнигар эн остуоруйаҥ киирбит дуо? Бу КТП оҥоро олоробун”, – диэн баран, хаартыскаҕа түһэрэн ыытта. Мин харахпын тиэрэ көрөн кэбистим – кырдьык, хаһан эрэ суруйбут остуоруйам учебникка киирэ сылдьар! Аатым баар. “Үөрэх министиэристибэтэ бигэргэппит буоллаҕына, үчүгэй дии, үөрүөхтээх буоллаҕыҥ дии”, – диэтэ.

Айымньыбын уорбут...
Үһүс түгэн. Былырыын урукку үлэбэр литературнай куонкуруска киирбит үлэлэри сыымайдыы олорон, арай хайдах эрэ билэр баҕайы строкаларбар хараҕым иҥиннэ. Аахпытым – 2015 с. бэйэм илэ өйбүнэн, эт мэйиибинэн суруйбут кэпсээним! Айымньы аата уларыйбыт. Ааптара – ол кыттааччы аата! Дьэ, буоллаҕа! Дьон суобаһа суоҕуттан сөхтүм, хомойдум. Ол иһин бу суруйарга, санаабын үллэстэргэ сананным. Арай куонкуруска миэстэлэстин? “Айымньыта” ханна эрэ бэчээттэннин? Миэнэ дии сылдьыам дуо? Дьиҥэр, сурунаалга бэчээттэммит кэпсээн, онон холкутук дакаастыыр кыахтаахпын эрээри... кирдээх дьыала эбит. Аматын да иһин... Дьэ, сирэйэ-хараҕа да суох дьон! Биллэн турар, ол үлэ сүүмэрдээһини ааспатаҕа, дьүүллүүр сүбэҕэ тиийбэтэҕэ.

Итэҕэйэри, эрэнэри туһанан
Төрдүс түгэн. Аны туран, 2012 сыллаахха дуу, биир үтүө күн редакциябытыгар эдэр кыыс киирэн кэллэ. “Суруйар, айар киһи наада. Оонньуу толкуйдуохтаахпыт. Баһаалыста, көмөлөс. Мүччүргэннээх сырыылаах, сытыы сюжеттаах. Дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах”, – диэтэ. Өссө ботуччу гонорары төлүөх, оонньуу таҕыстаҕына бэлэхтиэх буолла. Оччолорго эдэрбин, дьоҥҥо итэҕэйэбин, туохха барытыгар “ээҕи” кытта сылдьабын. Аҕыйах күнүнэн остуоруйабын суруйан, киниэхэ электроннай почтатыгар ыыттым. Бүттэ. Кыыс сүттэ. Онтон сотору кэминэн “Саҥа күн» биэриигэ ыалдьыттыы олорорун көрдүм. Хата, маладьыаһыҥ, ааппын ааттаата ээ. Ол эрээри, ууга тааһы бырахпыттыы сүппүтэ. Мэлигир. Гонорар да суох, оонньуута да суох. Туох диэхпиний? Суох буоллаҕа. 
Иллэрээ сыл күһүн биир биллэр продюсер, артыыс, ырыаһыт ааттаан-суоллаан кэлэ сылдьыбыта. Оҕолорго сахалыы мультик бырайыагын оҥороору, идиэйэ көрдүүллэрин кэпсээбитэ.  “Куонкуруска кыттаары гынабын, эйигин ыйан ыыттылар, көмөлөс, сүбэлээ”, – диэн көрдөспүтэ. Дьэ, ол сырыыга отоойкоҕо олорбут уопуттаах киһи тугу да айан, оҥорон, остуолга ууран биэрбэтэҕим, көннөрү тылбынан сүбэлээбитим. 

Сааппат сирэйдэр, “сүбэлээччилэр”

Людмила:

Дьэ, буолааччы. Оннооҕор биир идэлээх дьон оннук гыналлар. Киһи хомойор эрэ.

 

Татьяна Васильевна, суруналыыс:

– Мин эмиэ дьон суруйбуппун итинник сирэйэ-хараҕа суох уоран ылан бэчээккэ таhаарбыттарыгар түбэспиттээхпин. Хомойуу, кэлэйии... Кэлин “туох барыта уопут, киhи барыта учуутал” диэн санааҕа кэллим.

 

Надежда Михайловна, педагог:

Мин ийэбэр эмиэ босуобуйа бэлэмниириҥ буоллар, олус туһалаах уоппуккунан үллэстиэҥ этэ диэн өйүн сүүйэн, суруйтаран баран “сүбэлээбит” киһи ааптардаах, аҕам түүннэри-күнүстэри уруһуйдаабыт уруһуйдара “сүбэһиппит” кэргэнэ илии баттааһыннаах кинигэ тахсыбыта. Ити 2000 сыл саҕана. Дьонум көнөлөрө, “конфликтнайдара” суох буолан бэркиһээн эрэ хаалаахтаабыттара. Саатар ол уруккуттан билэр, билсэр киһибит хайдах итинник сыһыаннаһаахтаабыта буолла, сааппат сирэй...

 

Хаартыскалар куйаар ситимиттэн ылылыннылар.

 

Уопсайынан, бу кылгас холобурдары аахтахха, киһи кимиэхэ да итэҕэйбэт, эрэммэт кэмэ кэлбит диэххэ сөп. Бу “потребительскай” өйдөөх-санаалаах уопсастыба кэмэлдьитэ дуу, сиэр-майгы сатарыйыыта дуу? Бука, КИҺИ КИҺИТЭ, СУОБАС диэн өйдөбүллэрбит сыыска-буорга тэпсиллээри, умнуллаары гыммыттар быһыылаах... 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...