Киһи кэрэхсиир кэрэмэс дьоно
Быйыл дойдубутугар Дьиэ кэргэн сыла, Сахабыт сиригэр Оҕо саас сыла биллэриллэн, ыалы өйүүр дьаһаллар, дьиэ кэргэн олоҕо бигэ буоларыгар холобур буолар ыаллары сырдатыы күүскэ бара турар. Бүгүн кэпсиэхтээх ыалбыт Федоровтар дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Миитэрэй Куонаанабыс Федоров саха биир дьоһун-мааны ыалын туллар тутааҕа, тумус киһитэ эрэ буолбакка, бар дьон туһугар үйэтин тухары үрүлүйэ-харылыйа үлэлээбит, онон өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар сэмэй кылаатын киллэрбит киһи.
Итини кини үрдүк аата – СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, СӨ ытык кырдьаҕаһа, олохтоох суолталаах персональнай пенсионер, Мэҥэ Хаҥалас улууһун уонна Бэдьимэ нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Ньурба улууһун муниципальнай тэриллиитин сайдыытыгар кылаатын иһин анал бэлиэ хаһаайына, Ньурба улууһун уонна Хорула нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо – ырылыччы туоһулуур. Бу буолар – бар дьонун, төрөөбүт дойдутун билиниитэ уонна үрдүк сыанабыла, кэннигэр хаалларар үтүө аата.
Быйыл ытык кырдьаҕас самаан сайын үгэнигэр сүһүөҕүн үрдүгэр сүүрэ-көтө сылдьан 90 сааһын көрүстэ. Ыччаттарын тэрийиитинэн бу сааһын кини хаҥыл хаҥаластар киин куораттарын аттыгар баар аатырар "Нараада" туркомплекска бэлиэтээтэ. Дьоро күҥҥэ төрөөбүт-төлөһүйбүт Хорулатын, Ньурбатын, үлэһит уонна ыал буолбут Чурапчытын, салайааччы буола үүммүт Мэҥэ Хаҥалаһын, Дьокуускайын ааттара ытык киһибит араас кэмнэргэ салайар үлэлэргэ утумнаах үлэтинэн, өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар киллэрсибит кылаатынан бэлиэтэнэн, Өлүөнэ Эбэ киэҥ дуолугар элбэхтэ дуорайда, махталлаахтык ахтылынна. Улуу эбэ доллоһутар киэҥ көстүүтүгэр дьүөрэлии Миитэрэйбит киэҥ-холку, сэмэй олоҕун кэрэ кэрчиктэрэ кэлбит дьоҥҥо кэһии курдук кэпсэннэ, ытыска уурардыы, сиһилии сэһэргэннэ: хаһан эрэ үрэх баһыгар Хорула нэһилиэгин Ураһалаах түбэтигэр оттуур ходуһа ортотугар төрөөбүт биир оҕо, биир киһи, биир аҕа, биир эһэ, биир эр киһи – олоҕун устатыгар көрсүбүт ыарахаттара уонна олору туорааһына, үүнэн-сайдан, үлэһит, салайааччы, ыал-күүс буолуута бүттүүнэ. Куонаанабыс түөрт кыталык кыргыттара, сиэн ыччаттара дьиэ кэргэттэриниин сэлэлии хааман киириилэрэ, ытык киһилэрин олоҕун кэрэһилиир документальнай киинэлэрэ, флешмобтара, кэлбит дьон кэпсээннэрэ, тотоойу баай сандалылара уо.д.а. барыта ис киирбэх, истиҥ уонна аҕаҕа, эһэҕэ, ытык киһиэхэ махтал, таптал тыынынан илгийэр дьоһун тэрээһин. Үөрүү-көтүү, эҕэрдэ өрөгөйдөөх чааһыгар Миитэрэй Куонаанабыска СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин аата туттарылынна. Олоҕун эрэллээх аргыһа, араҥаччылыыр аанньала Мария Афанасьевна доҕорун бу дьоллоох сааһыгар кыранан тиийбэтэҕэ хомолтолоох...
Алтыспытым тухары Федоровтар олоххо тардыһыыларын күүһүн, ыраас, сырдык энергияларын, барыга көхтөрүн, бигэ көрүүлээхтэрин сөҕөбүн. Кинилэр олоҕу муоһалыыр, сайыннарар, иилиир-саҕалыыр үтүөкэн дьоҕурдаахтар. Ол майгылара барытыгар көстөр: дьиэлэригэр, оҕолоругар, олорор куораттарыгар, төрүт сирдэригэр-уоттарыгар ураты тапталлаах, айымньылаах сыһыаннарыгар. Мария Афанасьевна – олоххо айымньылаах сыһыаннаах, араас үтүө дьарыктаах, туохтан да иҥнэн-толлон турбат, чахчы да баһаатай майгылаах туруу дьорҕоот киһи этэ. Тыа балыыһаларыгар, куорат уонна өрөспүүбүлүкэ суолталаах балыыһаларга былдьаһыкка сылдьар медсестра. Хаһаайка быһыытынан киһи мээнэ тэҥнэспэт хоһууна. Ону ааһан массыынаны талбытынан ыһан-хомуйан кэбиһэр түргэн туттунуулаах маастар, суоппар этэ диэн үөлээннээхтэрэ ахталлар. Чурапчы көһөрүллүүтүгэр аас-туор олох кыһарҕанын этинэн-хаанынан билэн улааппыт киһи өрүү көмөлөһө-өйүү сылдьар үтүө майгылааҕа. Ийэлэрэ баарына “кыһыл көмүс сыбаайбаларын» түөрт кыталык кыргыттарыныын, сиэн ыччаттарыныын, аймах-билэ дьоннорунуун бэлиэтээбиттэрэ... Оттон Миитэрэй налыччы туттунуулаах, лоп-бааччы көрүҥнээх, наллаан кэпсэтэрин сөбүлүүр, сөхтөҕүнэ биитэр сэргээтэҕинэ, ис-иһиттэн үөрэн, сирэйдиин сырдаан турар буолар. Олохтоох толкуйдаах, ырааҕы эҥсэн барыллыыр-анаарар, дьоҥҥо тылын сатаан тиэрдэр, ылыннарар, үөскүүр кыһалҕалары туоратыыга бигэ быһаарыылары тобулар буолан, өр сылларга салайар-тэрийэр үлэҕэ үлэлээтэҕэ.
Федоровтар Дьокуускай куоракка бэйэлэрэ олорор Автодорожнай уокуруктарын, куорат мээрийэтин актыбыыстарынан биллэллэрэ-көстөллөрө. Дэлэҕэ даҕаны саҥастарын Мария Афанасьевнаны куоракка олорор хорулалар киэн туттан, сөҕөн, Мээрийэ Маарыйа диэн ааттыахтара дуо?... Кинилэр Бүлүүлүүр суол аартыга туох да бэлиэтэ, оҥоһуута суох диэн үчүгэй бэлиэни, сквери оҥорууну туруорсаннар, ону мээрийэ өйөөн, «Бриллиантовай сэргэ” диэн дьоһун стеланы уонна сквери туппуттара, куорат олохтоохторо таптаан сылдьар, айанньыт тохтоон ааһар кэрэ миэстэтинэн буолбута. Итинтэн да атын араас тэрээһиннэрэ бүгүҥҥэ диэри эдэр ыалларга, ыччаттарга үтүө холобур буолаллар.
Миитэрэй 1953 с. Ньурба 1 нүөмэрдээх орто оскуолатын кэнниттэн Омскайга тыа хаһаайыстыбатын институтун 1958 с. кыһыл дипломунан ученай-агроном идэлээх бүтэрбитэ. Эдэр уол Чурапчыга үлэлии барыыта инники үлэтин, бүтүн олоҕун дьоллоох түөрэҕинэн буолбута. Миитэрэй Чурапчыга тыа хаһаайыстыбатын инспекциятын кылаабынай агрономунан саҥа ананан үлэлии тиийэригэр бу эмчит идэлээх, сэрии саҕана Кэбээйигэ көһөрүллүүгэ сылдьыбыт бэйэтигэр дьүөрэлии эмиэ тулаайах Мария Портнягина диэн бэрт сытыы-хотуу, чобуо кыыһы сөбүлүү көрөн, 1961 с. холбоспуттара.
Ити оройуоннар, холкуостар холбоһуулара, бөдөҥсүйүүлэрэ, онтон аҕыйах сылынан арахсыылара бара турар кэмигэр түбэспитэ. Агроном үлэлииригэр олус куураайы сирдээх Чурапчыга оройуон кылаабынай агрономунан, «30 тыһыынчалаахтар» ыҥырыынан Сылаҥҥа, Мугудайга, Одьулууҥҥа старшай агрономунан, онтон Ленин аатынан холкуос бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, иккистээн оройуон кылаабынай агрономунан Чурапчы сирин-уотун баһыттан атаҕар диэри арсыыннаабыта. Ыраах-чугас оройуоннарга баран оттооһуну, былааны толорууну тэрийии, севообороту тутуһуу, ыраас паарга ыһыы, суортаммыт сиэмэнэн олордуу уо.д.а. курдук агротехническэй ирдэбиллэри олоххо киллэрии, тыаны солотон бааһыналары оҥорторуу курдук балысхан үлэлэргэ элбэх сыратын уурбута. Чурапчы «Украинатыгар» Одьулууҥҥа 1000 т. батар механизированнай ыскылаат өрөспүүбүлүкэҕэ аан бастакынан тутуллубута. «Натааһа Чараҥа» диэн 400 гектар иэннээх бааһына гектарыттан 18-20 центнер бурдук хомуллан, ханна да баппакка, самосвалынан ыалларга күүспүтүнэн сүөкэттэрэн турабыт”,– диэн ахтар Миитэрэй Куонаанабыс.
Чурапчы, Таатта оройуоннарын уунан хааччыйыы боппуруоһугар Миитэрэй Федоровы Наукалар академияларын Саха сиринээҕи филиалыгар Дьокуускайга ыытаннар, научнай үлэнэн дьарыктаммыта. Үлэ себестоимоһа үрдүк буолан, бу оччолорго кыаллыбатаҕа. Салгыы кини 1970 с. Минсельхоз бирикээһинэн Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Герой Попов аатынан сопхуос дириэктэрин солбуйааччынан, онтон сирэй дириэктэринэн алта аҥаар сыл ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Оройуон сири кытта үлэҕэ хаалыылаахтар ахсааннарыгар этэ. Наука, уопут бастыҥ холобурдарыгар тирэнэн, интенсивнэй технологияны, хортуоппуйга, бурдукка идэтийбит механизированнай звенолары тэрийиигэ, кииннээһини, сиэмэ хаачыстыбатын тупсарыыга үлэлэри былааннаахтык олоххо киллэриитэ түмүктээх буолбута. Герой Попов аатынан сопхуос бары үлэҕэ бастыҥ көрдөрүүлэнэн 1972 с. САССР Бочуотунай грамотатынан, САССР Бочуотун кинигэтигэр киллэриинэн наҕараадаламмыта, 1976 с. оройуон сопхуостарын ортолоругар кыайан, аан маҥнай көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяҕа тиксибитэ.
Кэлин бу сопхуоска Миитэрэй Федоров 2,5 сыл босхоломмут партком сэкирэтээринэн быыбардаммыта. Салгыы 1976-1985 сс. партия обкомугар тыа хаһаайыстыбатын отделыгар анаабыттара. Тоҕус сыл өрөспүүбүлүкэ таһымыгар уопутун, үлэҕэ тэтимин өссө күүһүрдэн, сири кытта үлэҕэ эрэ буолбакка, тыа сирин кэлимсэ сайдыытыгар улахан болҕомтотун уурбута. Биэнсийэҕэ тахсарын чугаһыгар Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын научнай-чинчийэр институтун генеральнай дириэктэрин хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан үлэлээбитэ.
Партия обкомугар үлэлиир сылларыгар төрөөбүт Хорулатыгар көмөлөһөөрү, үрдүк күүрүүлээх электролиния тардыллыыта атахтанар туруктаммытыгар, тыа хаһаайыстыбатын миниистирин хапытаалынай тутууга солбуйааччыта Ю.Д. Трофимовка боппуруоһу сулбу быһаарарыгар кытаанах партийнай дьаһал бэриллэрин ситиспитэ. Аны угут дьыллар турбуттарыгар Хорулаҕа «Якутмелиоводстрой» трест салалтатын нөҥүө ууну түһэриини тус хонтуруолугар ылан, Ньурбатааҕы ПМК күүһүнэн ходуһа, мэччирэҥ сирдэрэ ууттан түргэнник босхоломмуттара. Атын да кыра-улахан боппуруостарга Куонаанабыс өйөбүл-тирэх буолбута үгүс.
Дьэ ити курдук, хаһааҥҥыта эрэ тулаайах хаалбыт бу оҕолор барахсаттар үүнэн-сайдан, үлэһит бэрдэ буолан, Ньурба, Чурапчы, Мэҥэ Хаҥалас дьонугар-сэргэтигэр ытыктанар ыал, тумус туттар бас-көс дьон буолуулара – чахчы дьоһун холобур.
Хаартыска: Дьоруой тус архыыбыттан