Киһи буолар быаҕа
Балык ыамнаах, киһи кэмнээх.
...Оо, бу оҕо эрэйдээҕи даа! Олох да иэдэйбит дии... Хайдах бачча буолуор диэри ким да кыһаллыбатах бэйэкэтэй!? – киртийэн өҥө-дьүһүнэ көстүбэт суорҕаннаах, бүтүннүү күөдэл-таһаа буолбут ороҥҥо баттаҕа арбайан сытар кыыс оҕону көрөн Ылдьаана саҥа аллайда. Өлө соһуйбут омунугар өттүгүн охсунна. – Балтыҥ арыгылаан буорайда, адьаһын буор иһээччи буолла диэбиттэрэ кырдьык эбит... Хара сордоох баара, илэчиискэлээн оҕотун сии сыспыт буолбаат! Дьэ буолар да эбит! Бу алдьархайы көрбөккүөт!..
Билэр киһитин, ийэтин бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Ылдьаана саҥатын истэн, сэниэтэ эстэн сытар биэстээх Таанньыска, саҥарар да кыаҕа суох буолан, сыҥсыйан ытыы сытта. Аһаабатаҕа, уу испэтэҕэ ырааппыт оҕо барахсан хараҕын да уута кэмчи. Симириктээбитигэр, уолан хаалбыт көмүскэтигэр таммах уу оҕото барбах, ону да аатыгар эрэ бэрт эрэйинэн бычалыйан таҕыста.
Ити Ылдьаана арыгыһыт буолан хаалбыт суос-соҕотох балта Аанчык кыыһа, ийэтэ иэмэ-дьаама суох иһэн-аһаан, итириктээн иирэн умнубут оҕото Таанньыска – аһаабатаҕа ыраатан атаҕар уйуттубат туруктаах, онно эбиитин сэбиргэхтэтэн, адьаһын кыаҕын ылларан сытаахтыыр. Оҕо эрэйдээх абыраллаах киһи кэлбитин эт сүрэҕинэн сэрэйэн, быытыкайкаан илиитин оҕотун бэрт эрэйинэн сыҕарытан хатыран хаалбыт уоһун оҕотун тарбаҕынан ыйбытыгар, Ылдьаана өй ылан, аҥаар аана иэччэҕиттэн нэһиилэ иҥнэн турар былыргы ыскаабы хасыһан алдьаммыт ыстакааны булла уонна тутааҕа суох, хампы быраҕыллан хомуллубут, хаһааҥҥыта эрэ маҕан кырааската хоҥнубут, таһа кибис-кирдээх чаанньыктан уу кутан уоһун эрэ илитэрдии бэркэ сэрэнэн иһэртэ.
Эдьиий киһи ити кэннэ бэрт тиэтэлинэн тахсан, таһынааҕы ыаллартан көрдөһөн суһал көмө ыҥыртарда. Ол киирэн эмчиттэртэн сүрүргээн буоллаҕа, балтын дьиэтин-уотун өрө тарда сылдьан, аралдьыта таарыйа оҕотун кытары кэпсэттэ.
– Хайа, сыллыый, ийэҥ хаһан барбытай бу?
– Билбэтим... – кыысчаан уу иһэн сэниэлэммиччэ, хатыран хаалбыт уоһун салбана-салбана бэрт нэһиилэ ыган саҥарда. – Мин ити... Мин соҕотоҕун хаалбытым хас да хонно. Маама дьээдьэлэри уонна чүөчэлэри кытары бырааһынньыктаан баран барбыта.
– Оо, хас этилэрий ол чүөчэлэр-дьээдьэлэр? Биир эмит киһини билэҕин дуу, тоойуом?
– Билэбин. Чүөчэ Маша уонна чүөчэ Даша, эһээ Вася, дьээдьэ Миша уонна дьээдьэ Ваня. Миэхэ сакалаат биэрбитээ... дьээдьэ Миша. Кини миигин мөхпөт, ити кини үчүгэй дьээдьэ ээ. Миэхэ куруук сакалаат, бэчиэнньэ уонна хампыат аҕалар... – Таанньыска оҕолуу көнөтүнэн, кими билэрин, ким киниэхэ хайдах сыһыаннарынан көрөн санаатыттан кэпсии-ипсии сытта.
Арыгылаан сүппүтэ ырааппыт Аанчык эдьиийэ Ылдьаана бэйэтэ кырыы нэһилиэккэ ыал буолан олорбута ырааппыт, оҕо-уруу бөҕөлөөх фельдшер дьахтар. Фельдшерско-акушерскай пуун, быһатын эттэххэ, ФАП биир тутаах үлэһитэ.
Оттон бу баар-суох балта Аанчык киниттэн уонтан тахса сыл балыс, билиитинэн-көрүүтүнэн, үөрэҕинэн да киниттэн таһыччы кыыс этэ. Оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн бүтэрбит дьоҕурдаах кыыһы, оччотооҕу оройуон салалтата сопхуоска икки сыл дуогабардаһан ыанньыксыттата таһаарбакка эрэ, аҥаардас ийэ оҕотун үргүлдьү үрдүк үөрэххэ ыыппыта. Онон Аанчык атын оҕолору кытары ынах иигэр-сааҕар биккиллибэккэ эрэ үөрэнэ барбыта. Үөрэҕэр кыахтаах кыыс Иркутскайдааҕы Хо Ши Мин аатынан омук тылын институтун ситиһиилээхтик үөрэнэн кыһыл дипломнаах бүтэрбитэ. Үөрэҕин бүтэһик сылыгар медицинскэй институту бүтэрээри сылдьар хоту дойду уолун кытары ыал буолан, эдэр специалистар Алдан куоракка ананан олохсуйбуттара. Уол куорат балыыһатыгар хирургическай отделениетыгар анестезиолог бырааһынан, оттон кыыс куорат оскуолатыгар омук тылын учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Иккис сылыгар уол оҕоломмуттара. Эдэр ийэ күнэ оҕотуттан тахсара. Онтон ийэтин аҕатынан ааттаммыт уоллара Саачык биэстээҕэр иккиһин оҕоломмуттара кыыс буолбута. Аҕатын ийэтин аатын биэрэргэ эрдэттэн кэпсэтиилээх буоланнар, туох да мунааҕа суох Таня диэн ааттаабыттара. Ити курдук ньир-бааччы олордохторуна, киэһэ аһыы олордохторуна, кэргэнэ Толя: «Аня, эн миигин бырастыы гын. Мин атын дьахтары таптаатым. Онон эйигиттэн арахсабын, бу дьиэттэн тугу да ылбаппын. Уолбун бэйэбин кытары илдьэ барабын. Кыыс эйиэхэ хаалар», – диэн ыраас халлааҥҥа этиҥ этэринии, аһыы олорор эрин одуулуу олордоҕуна этэн соһуппута.
Ити курдук биир үтүө күн Толя биир чымадааннаах, уолун сиэппитинэн, ойоҕун уонна кыыһын хаалларан саҥата-иҥэтэ суох дьиэтиттэн тахсан барбыта. Онтон суутунан арахсан сокуоннай эрдии-ойохтуу буолан бүппүттэрэ. Уолу аҕата, кыыһы ийэтэ ылбыта. Дьиэ мала-сала, кыбартыыра, баар баай-дуол олоччу дьахтарга хаалбыта.
Аанчык кэлин истэн билбитэ: Толята бииргэ үлэлиир бэйэтиттэн аҕа, дьиэлээх-уоттаах, кыахтаах ыал кыыстарын, бааһынай быраас дьахтары кытары билсибитэ отойун да ырааппыт, өссө ити дьахтарыгар уолуттан икки сыл балыс кыыстаах үһү. Ол иһин даҕаны, баай-дуол эҥин былдьаспакка эрэ уолун кытары турар бэйэтинэн тахсан барбыт.
Саамай таптыыр, эркин курдук эрэнэр киһитэ таҥнарбытыттан санаата түспүт Аанчык итинтэн сылтаан устунан кистии-саба дьиэтигэр иһэр-аһыыр идэлэммитэ. Мөһөөччүк иһигэр бүргэһи хаайбаккын. Арыгылыыра хойдон, устунан үлэтиттэн уурайан, салгыы малын-салын, дьиэтин чэпчэки сыанаҕа атыылаан баран, дойдулаах киһи төрөөбүт-үөскээбит сирин-уотун булбута икки-хас сыл буолла.
Оччолорго олорор сирбин уларыттахпына, баҕар, арыгыны иһиэм суоҕа дии санаабыта да, дьахтар эрэйдээх аһыы утахха ыллардаҕына кыайан бырахпат, ити астан хайдах да арахсыбат буолар эбит. Манна кэллэҕин утаа ити эдьиийэ Ылдьаана, аймахтара бары саба түһэн хаста да арыгытын эмтэтэн, араас тэрилтэҕэ кэпсэтэн үлэҕэ киллэрэн көрбүттэрэ эрээри, Аанчыктара ый да буолбакка иһэн кэбиһэрэ уонна сол курдук үргүлдьү үлэтиттэн уурайара.
Дьиҥинэн, көһүппэтэх өттүттэн, саамай таптыыр уонна эрэнэр киһитин таҥнарыытын, олох ыар охсуутун тулуйбута эбитэ буоллар, маннык айылаах олох дьэбэрэтигэр түһүө суоҕа этэ. Ону баара киһи барыта чокуур таас курдук кытаанах, күүстээх санаалаах, бөҕө тыыннаах, тулуурдаах буолбата баар ээ бу орто дойдуга.
Суһал көмө аатын курдук суһаллык кэлэн, ыалдьыбыта ырааппыт оҕону үөһэ-аллара тутан тута балыыһаҕа илдьэ бардылар. Ылдьаана төлөпүөннээх ыалыгар иккиһин тахсан, дьонугар эрийэн, балтын оҕотун балыыһаҕа киллэрбитин, онон дьиэһиттии таарыйа сүппүтэ ырааппыт балтын уонна оҕо балыыһаттан тахсарын күүтэн уһуурун туһунан эппитигэр, дьоно барахсаттар өйдөөтүлэр, биир тыла суох сөбүлэстилэр.
Үһүс күнүгэр сүппүт балта дьэ өйдөнөн, төрөппүт ийэ аатыгар, киһи буолуохха дылы, кур холуочук да буоллар оҕолооҕун санаан син дьиэтин булан абыраата.
Аанчык түннүк сабыыта, утуйар уонна таҥнар таҥас-сап, иһит-хомуос сууллубут-дьаһаллыбыт, ып-ыраастык хомуллубут дьиэтин көрөн баран, бастаан утаа билбэккэ бу ханна-ханна киирдим диэбиттии көрүтэлээтэ. Онтон эдьиийэ Ылдьаана хоско олорорун таба көрөн баран, дьэ биирдэ өйдөөтө, бэйэлээх-бэйэтин дьиэтигэр киирэн турарын.
Ити кэннэ дьэ, киһи дьиктиргиэх, дьахтар, дьигис гынаат, хайдах эрэ эмискэ өйдөммүт курдук буолла уонна баар эрэ соҕотох аһынар-харыһыйар киһитигэр иэҕэҥнээн тиийдэ. Онтон тобуктуу түһээт, эдьиийин түһэҕэр төбөтүн уурда уонна тугу да саҥарбакка эрэ уйа-хайа суох марылаччы ытаан киирэн барда. Аанчык ити ис сүрэҕиттэн кыра оҕолуу иэйэн-куойан ытааһыныгар – таптыыр кэргэнин таҥнарыыта, уол оҕотуттан арахсыыта, ааспыт табыллыбатах олоҕуттан тэмтэрийиитэ, дьонтон атаҕастаммыт кыһыыта-абата, туох баар аньыыта-харата барыта түмүллүбүтэ – харах уута буолан ыгыллан тахсан, субу саҥардыыта кылбаччы сууллубут муостаҕа тохтоло суох таммалаата.
Таанньыска, хата, ойоҕостоппотох буолан, уһуннук сыппата. Оҕо балыыһаҕа сытар кэмигэр Ылдьаана балтыныын, нэдиэлэттэн ордук кэмҥэ иккиэйэҕин эрэ олорон, биир ийэттэн-аҕаттан төрөөбүт дахталлар бэйэ-бэйэлэрин өйдөстүлэр. Ити кэмҥэ били Таанньыска хайҕыыр дьээдьэ Мишата, Аанчык бараата саастаах киһи, кэлэн билистэ. Сирэйэ-хараҕа иһэр көрүҥэ суох, үлэлээх-хамнастаах, урут ойохтоно сылдьыбыт эрээри оҕоломмокко арахсыбыт, туһунан дьиэлээх-уоттаах бэрт сэргэх киһи эбит. Бу киһини Ылдьаана иһигэр бэркэ сөбүлээтэ, өссө күтүөт буолара буоллар дии санаан ылла.
Билигин Аанчык били Мишатыныын ыал буолбуттара. Кыыстара Таанньыска билигин бастакы кылааска туйгуннук үөрэнэ сылдьар. Аанчык Мишаттан былырыын кыыс оҕоломмута. Кыыһыгар биир-биэс тыла суох эдьиийин Ылдьаана аатын биэрбитэ.
Киэһээҥҥи ыамыгар, хотонугар ынаҕын сиппийэ олорон Ылдьаана көнөр суолга үктэммит, киһи буолбут балта Аанчыгы санаан ис-иһиттэн сырдаан мичээрдээтэ. Балта, били кини түһэҕэр төбөтүн ууран олорон олус эҥсэн ытаан баран, арыгытын харахтан сыыһы ылбыттыы бырахпыта. Ол кэнниттэн бэйэтэ кэпсэтэн библиотекаҕа үлэҕэ киирбитэ, ыал буолла уонна өссө ити оҕолонно.
«Бээрэ, оскуола суоппара Уйбаан сарсын сарсыарда улуус киинигэр киириэхтээхпин диэбитэ ээ. Кырдьык даҕаны, кининэн Аанчыктаахха тоҥ үүт, ынах-сылгы этэ, ис, отон ыытыллыа. Күтүөт Миша ааспыкка аҕабыт сакааһын барытын булан ыыппыт этэ. Күтүөт барахсан тыаҕа үөскээбит буолан, от үлэтигэр да, тиэхиньикэҕэ да сыстаҕас. Сайын тахсан оттоһон абыраабыта. Онон отторо быйыл дэлэгэй. Туох да диэбит иһин, маладьыас киһи дьэ Миша...», – сырдык-ыраас хотоҥҥо ынаҕын ыырын быыһыгар Ылдьаана идэтинэн арааһы барытын саныы олордо.
Муттуххай БОРОҤ.