25.01.2021 | 08:14

Киһи бэйэтин салайынар кэмигэр олоробут

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Вероника Вальеревна Александрова, суруналыыс, психолог. Биһиги кэллиэгэбит буолар. «Киин куорат» хаһыакка үлэлии сылдьыбыта. Кини оччолортон даҕаны, дьиэ кэргэҥҥэ сыһыаннаах тус рубрикаларын арыйан, ааҕааччыларга сүрдээх көмөлөөх ыстатыйалары суруйан, бэйэтин кэмигэр сонун хайысхалаах  суолу-ииһи биһиги хаһыаппытыгар хаалларбыта.

Вероника Вальеревна, суруналыыс уонна психолог идэлээххин. Ол туһунан кылгастык сырдат эрэ.

– Куоракка уонтан тахса сыл суруналыыһынан үлэлээн баран, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Матта дэриэбинэтигэр педагог-психологынан үлэлии сылдьабын. Суруналыыстыы сылдьан элбэх рубриканы ыытар этим. Холобур, «Киин куоракка» үлэлии киириэхпиттэн «Айыыһыт» диэн оҕону иитии туһунан төрөппүттэргэ аналлаах рубриканы, кэлин «Уйулҕа», «Эн суолуҥ» диэн бэйэ-бэйэлэригэр майгынныыр рубрикалары таһаарарым. Бу рубрикалар сүрүн тиэмэлэрэ  аны санаатахха, психология тула эбит. Кэмниэ-кэнэҕэс психолог идэтигэр үөрэммитим. Бу идэбинэн саҥа үлэлээн эрэбин, ол эрэн кэккэ уопуттаах курдукпун.

–Бүгүҥҥү кэпсэтэр тиэмэбит дьиэ кэргэн тула кэпсэтии буолуоҕа. Куорат уонна тыа сиригэр олорор дьиэ кэргэн оҕону иитиигэ, эн көрүүгэр, туох уратылаахтарый?

- Эппитим курдук, оҕо иитиитин туһунан элбэхтик суруйарым. Тоҕо диэтэххэ, оҕолорбун иитэрбэр бэйэм испэр элбэх ыйытыы үөскүүр этэ. Оччолорго икки оҕолоохпут, Дьокуускай куоракка кыбартыыраҕа олорорбут. Оҕолорум тоҕо эрэ нууччалыы саҥалаах, наһаа модьу быһыылаах-таһаалаах, үөрэхтэригэр ыарырҕатар эҥин буолан барбыттара. Мин тоҕо маннык буоллулар диэн толкуйга түспүтүм. Оскуола психологтарыттан саҕалаан, араас таһымнаах специалистарга консультацияҕа сылдьарбыт, элбэхтик оҕолорбун кытта дьарыктанарым. Онно сылдьан бу специалистар дьиэ кэргэн эйгэтигэр олус наадалаахтарын, төрөппүккэ улахан көмөлөөхтөрүн билбитим. Билигин даҕаны кинилэргэ махтанабын. Билигин түөрт уол оҕолоохпут, тыа сиригэр чааһынай дьиэҕэ олоробут, оҕолорум киирэ-тахса, үлэлии-хамныы сылдьаллар. Сайынын көҥүл көччүйэн, сөтүөлээн, бэлисипиэттээн, күннэрин билбэккэ аһараллар. Санаабар, наһаа үчүгэй. Куоракка кыбартыыраҕа симиллэн олорор курдук буолуо дуо... Аны тыа сиригэр оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэллэр, ол быыһыгар этиһэн-охсуһан, эйэлэһэн социализацияны ааһаллар. Тыа оҕолоро хайдах эрэ көҥүл буолаллара биллэр. Кыбыстыбакка этэн, толлубакка аҥаар кырыытыттан барытын оҥорон иһэллэр.Оттон куоракка улааппыт оҕолорум  киһи сирэйин-хараҕын куруук маныыллар, тутталлара-хапталлара да толоос соҕус этэ. Киэҥ эйгэҕэ хааччахтанан хаалаллар быһыылаах. Билигин тыа сиригэр оҕолор икки тылынан көҥүллүк кэпсэтэллэр, онон, холобура, күрэхтэһиилэргэ эҥин сылдьан көрдөхпүнэ, тыа сирин оҕото быдан сымса, барытыгар түргэнник ылсан иһэр, толлон турбат.

–Олохпут ыараан иһэр, куоракка уонна тыаҕа да буоллун, тиийиммэт-түгэммэт олохтоох дьиэ кэргэн элбээн иһэрэ мэлдьэх буолбатах. Эн психолог буоларыҥ быһыытынан, тус көрүүлэргин үллэстиэҥ дуо?

- Кыанар-кыаммат буолуу диэн куруук баар буоллаҕа. Былыр да, быйыл да оннук дьон баар буолуохтара, ол айылҕа сокуона. Сэбиэскэй кэмҥэ бары тэҥ буолуохпут дииллэрэ даҕаны, «элита» син биир өтөн тахсыбыта. Онон бу үйэлэргэ тохтообот сытыы боппуруос буолуо дии саныыбын. «Дьылҕа хаан хайдах айарынан» дииллэр. Ол эрэн төрүттэрим кыамматтар этэ, мин да кыаныам суоҕа диэн быар куустан олорор сыыһа буолуо дии саныыбын. Киһи дьэ манна инникитин бэйэтэ талар. Нууччалыы эттэххэ, «Всё можно исправить, кроме смерти». Билигин наһаа үчүгэй үйэҕэ олоробут дии, бэйэҥ сатабылгынан, өйгүнэн төһө баҕарар тахсыаххын сөп. Туох да хааччах, хаайыы суох, эн баҕарыаххын эрэ наада. Ол иһин билигин киһи бэйэтин салайынарыгар, сайыннарарыгар олус элбэх суол аһылынна.

–Аан дойдуга сабардаабыт пандемиянан сибээстээн,  «виртуальнай» олоххо киирбиппит сыл буолан эрэр. Ол дьиэ кэргэҥҥэ, биллэн турар, кэккэ ыарахаттары үөскэттэ.   Оскуола онлайн үөрэххэ көстө. Оҕолор дьиэлэригэр олорон дистанционнай көрүҥүнэн үөрэнэллэр. Бу оҕо уйулҕатыгар хайдах дьайара буолуо дии саныыгын?

– Оо, биллэн турар, оҕолор наһаа оҕустардылар. Бэл диэтэр, оскуолаҕа мэниктээн өрө көрө сылдьар оҕо аҕыйаата, үгүстэр төлөпүөннэрин кууһан олороллор.  «Мин оҥоруом этэ, мин кыттыам этэ» диир оҕо эмиэ тарбахха баттанар буолла. Биһиги быыһык кэмҥэ олоробут быһыылаах, билигин сахсыйан баран сотору барыта орун-оннугар туруоҕа. Наһаа виртуальнай олоххо киирэн хаалыахпыт суоҕа, оҕолор сонуна бэрт буолан олороллор дии саныыбын. Син биир киһи дьиҥнээҕи сыаналыыр буолар, онтон оҕолоруҥ өссө күүстээхтик  дьиҥнээҕи, айылҕаны билэллэр. Ол иһин тыыннаах кэпсэтиини быдан сыаналыыр көлүөнэ тахсыаҕа. Виртуальнай эйгэ байҕалыгар оҕо күүскэ ылларара төрөппүттэн тутулуктаах дии саныыбын. Бириэмэтин хааччахтааҥ диэн этэ сатыыбыт да, арааһа, үлэлиир-хамныыр төрөппүт ону кыаммата буолуо. Мин саныахпар, төрөппүт – оҕону уонна дьиҥ олоҕу ситимниир киһи. Кини салайан биэрэр, информацияны сиидэлииргэ, анаарарга үөрэтэр. Оҕолор бэйэлэрэ тугу оонньуулларын, тугу билбиттэрин кэлэн кэпсииллэр аҕай. Ону тулуйан-тэһийэн истэн, оҕо тугу интэриэһиргиирин быһаарыахха сөп. Онтон ситимнээн, иккиэн биир дьарыгы булан, онон үлүһүйүөхтэрин сөп.

–Үгүс төрөппүт “учуутал оннугар учуутал” буоллубут дэһэллэр. Бу дьиэ кэргэн эйгэтигэр туох уларыйыылары аҕалла дии саныыгын? Төрөппүт уонна оҕо икки ардыгар сыһыаҥҥа?

- Бэйэм быйыл маҥнайгы кылаас үөрэнээччилээхпин, оскуолаҕа холбоон-илбээн икки нэдиэлэ үөрэннибит дуу, суох дуу... Испэр, биллэн турар, оскуола аһылларын кэтэһэбин аҕай. Кырдьык, учуутал буоллум. Онон төрөппүттэри өйдүүбүн. Оҕо урут анал тэрилтэҕэ баран, бэл диэтэр, сөптөөх таҥас-сап кэтэн, турукка киирэн туран үөрэнэр эбит буоллаҕына, билигин дьиэҕэ оллоонноон олорон үөрэнэр ыарахан. Аны төрөппүт бэйэтэ анал үөрэҕэ, сатабыла суох буолан эмиэ ыарырҕатар бөҕө буоллаҕа дии, быһаарыан, сөпкө оҥорторуон наада, бу олус илистиилээх. Онон төрөппүт, оҕо икки ардыгар өйдөспөт буолуу тахсыан сөп. Ол эрэн төрөппүт барахсан оҕо туһугар тугу гымматаҕай, аа-дьуо педагогиканы да баһылыыр буоллаҕа. Кэлин бары да син үөрэнэн, миэстэбитин булуннубут быһыылаах.

Онлайн үөрэх оҕо билиитигэр сабыдыала хайдаҕый?

- Бу ыйытыыга чопчу хоруйу биэрэр кыаҕым суох, кэм-кэрдии көрдөрөн иһиэҕэ. Ол эрэн бу үөрэх омсолоох эрэ өрүттэрдээх диэм суоҕа этэ, холобура, тус бэйэм дистанционнай үөрэҕи туһанан, иккитэ Бүтүн Арассыыйатааҕы, хаста да өрөспүүбүлүкэтээҕи куурустарга үөрэнним. Урукку эбитэ буоллар оннук табыллыбат буоллаҕа дии. Биэс сылга биирдэ Саха сирин таһыгар үөрэнэ барыахха сөбө эбитэ дуу, суоҕа эбитэ дуу... Онон киһиэхэ баар кыаҕы арыйда. Оҕо баҕалаах буоллаҕына, онлайн үөрэҕи туһанан араас куурустарга суруйтарыахха сөп, сотору дьиэҕэ олорон эрэ үөрэнэн диплом да ылыахха сөп буолуо. Онон киһи аймах кыаҕа муҥура суох буолуо дии саныыбын.

–Дойдуга коронавирус дьаҥа туран, ыал-ыалынан ыалдьар буолла. Маннык түгэҥҥэ дьиэ кэргэттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

- Бу ыарыыны хайдах эмтиири билбэт эрэ буолан, элбэх түрүлүөн таҕыста быһыылаах. Онон кини эккэ-сииҥҥэ дьайыытынааҕар, уйулҕаҕа күүскэ дьайда диэххэ сөп.  Наһаа куттаабыт буоланнар, анаалыһыҥ «баар» диэн көрдөрдөҕүнэ, аҥаардас онтон кэбириигин диэн көрбүтүм. Эдэр да киһи уолуйар эбит этэ. Онно эбии саастаах буол, сурахха-садьыкка итэҕэйэр, уйан буол... Онон уйулҕата туруктаах киһи тулуйар ыарыыта. Уопсайынан, ханнык баҕарар ыарыы киһи санаатыттан, ол туһунан «психосоматика» диэн психологияҕа салаа баар. Ону кэлин медицина билинэн эрэр. Биһиги сахалыы эмчиттэрбит эмиэ үксүн тыл күүһүнэн эмтииллэр. Көр, киһи санаата диэн оннук күүстээх. Бэл, эккэ-сииҥҥэ физическэй хамсааһыннары таһаарар. Онон бу ыарыыны хайдах ылынаҕын да, оннук буолар дииллэрэ кырдьык быһыылаах.

–Аҕыйах сыллааҕыта куораттан тыаҕа көһөн тахсыбыккыт. Түөрт бухатыыр уоллаттардааххыт. Тыа сиригэр уол оҕо иитиллэн тахсарыгар сүрүн оҥкула туохха сытарый?

- Үөһэ эппитим курдук, тыа сиригэр киһи төһө баҕарар хараҕыҥ ылар сиринэн көҥүл көччүйүөххүн сөп, улахан бобуу-хаайыы диэн суох. Оттон эр киһи көҥүл буолуохтаах. Киэҥ алаастары, хара тыалары туохтан да куттаммакка куйуһутар киһи санаата уһун, көхсө киэҥ буолар буоллаҕа дии. Ол иһин мин уолаттарым  тыа сиригэр иитиллэн тахсыахтарын баҕарабын. Эр киһи айылҕаҕа эрэ сырыттаҕына кута-сүрэ ыраастанар, күүс-уох ылар дииллэр. Чахчы оннук быһыылаах, кэргэмминэн билэбин. Кини үүтээҥҥэ хас эмэ хонон, тыаҕа тахсан буур тайаҕы суоллаан, куска дурдаҕа сытан, көхсө кэҥээн, хараҕа уоттанан, олох атын киһи кэлэр ээ.

–Тэрис кинигэтинэн тирэҕирэн олус кэрэхсэбиллээх, эдэр ийэлэргэ аналлаах «Айыы оҕото» кинигэҥ тахсан, дьон биһирэбилин ылбыта. Ону сэгэтиэх эрэ.

- Тыа сиригэр тахсан сүүрүүттэн-көтүүттэн, барыыттан-кэлииттэн сынньанан бэйэм бытаан киһи өссө бытаардым, күнү быһа биир санааны илдьиритэр бириэмэлэнним. Урут Тэрис тыыннааҕар сүбэлэһэн  «Айыы оҕото» диэн кинигэлээх эдэр ийэҕэ бэлэх «Айыыһыт холбуйата» диэн бырайыак оҥорбутум. Бу эдэр ийэлэргэ ананар, оҕо төрүөҕүттэн 3-с сааһыгар диэри сахалыы сиэринэн хайдах иитиэххэ сөбүн кэпсиир. Араас арҕааҥҥы, соҕурууҥҥу, илиҥҥи уйулҕа үөрэхтээхтэрин, уһуйааччылар үлэлэрин ааҕан баран, оҕону иитии наһаа ыарахан дии саныырым. Онтон Тэрис «һоп-паа!» диэн кинигэтин ааҕан баран, оҕону сахалыы иитэр наһаа судургу эбит диэн уоскуйбутум уонна эдэр ийэлэргэ кэпсиэхпин, тиэрдиэхпин баҕарбытым.

–Өбүгэбит сиэригэр-туомугар тирэҕирэн оҥорбут интэриэһинэй бырайыаккын сырдатыаҥ дуу. - Билигин «Ыра санаа каартата» диэн бырайыагынан үлэлии сылдьабын. Бу бырайыак Тэрис «Айыы суола» диэн кинигэтигэр олоҕурар. Хас биирдии төрөппүт сүрүн сыала-соруга диэн дьоллоох киһини иитэн таһаарыы буолар. Төрөппүт тус холобурунан иитэр эбит буоллаҕына,  кини бэйэтэ дьоллоох буолуохтаах. Биһиэхэ онтубут үксүн кыаллыбат. Ол иһин «Ыра санаа каартатын» оҥостон киһи бэйэтин сайдарын, дьолго тиксэрин оҥостуон сөп дии саныыбын.  Онон бу сахалыы өйү-санааны, өбүгэбит мындырын илдьиритэн өйдүү сатыыбын уонна ону туһанан, билиҥҥи дьон уйулҕаларын көннөрүнэллэригэр хайдах эмэ көмөлөспүт киһи диэн баҕа санаалаахпы

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....