22.04.2022 | 13:30

Кэтэх хаһаайыстыбаҕа — 15 мөлүйүөннээх грант

Кэтэх хаһаайыстыбаҕа — 15 мөлүйүөннээх грант
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ дьиэ кэргэнинэн кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга 15 мөлүйүөн солкуобайга диэри кээмэйдээх грант ылар иһин куонкурус тэрийдэ, сайаапкалары хомуйан саҕалаата.

Субсидияны Саха сиригэр 12 ыйтан ордук үлэлиир бааһынай (фермерскэй) хаһаайыстыбалар эбэтэр предпринимателлэр ылыахтарын сөп.

Үбү бырайыак-ороскуот докумуонун оҥоһуутугар, үлэ эбийиэгин атыылаһыыга, тутууга, саҥардыыга, өрөмүөҥҥэ эбэтэр тыа хаһаайыстыбатын үлэтигэр-хамнаһыгар туһаныллар тиэхиньикэни атыылаһыыга туһаҕа таһаарыахха сөп.

Быйыл дьиэ кэргэнинэн кэтэх хаһаайыстыбаны сайыннарыыга уопсайа134,7 мөлүйүөн солкуобай суумалаах грант, ол иһигэр 112,3 мөлүйүөн — федеральнай үптэн көрүлүннэ.

Сайабылыанньаны муус устар 24 күнүгэр диэри Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтигэр туталлар. Аадырыһа: Курашов уул., 28-с №-дээх дьиэтэ, 212 №-дээх кабинет.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....