19.07.2020 | 16:57

Кэрэни кэрэхсээҥ, үтүөнү үксэтиҥ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куораппытыгар уокуруктарынан көҕөрдүү уонна тупсарыы үлэтэ былааннаахтык ыытыллар.

Губинскай уокурук олохтооҕо пенсионерка Татьяна Константиновна  Наумова 13-с сылын олорор дьиэтин балконун уонна дьоҕус олбуорун араас өҥнөөх кэрэчээн сибэккилэринэн киэргэтэр, оту-маһы үүннэрэр. Сэбиэскэй саҕана тутуллубут Хабаров уулуссатын 19 №-гэр түөрт этээстээх “хрущевка” дьиэ таһа хараҕы манньытар, сүрэҕи сылаанньытар маннык кыраһыабай, кэрэ көстүүнү ааһан иһэр дьон үксэ сонургуу көрөр.

Мин эмиэ бу дьиэ аттынан ааһан иһэн, тохтоон ылан, сэҥээрэ көрөбүн. Аҕа саастаах ытык дьоммут күүстээх санаалаахтарын, ылсыбыттарын тиһэҕэр диэри тиэрдэр үтүө холобурдарыттан сөҕөбүн. Татьяна Константиновна куоракка ыытыллар куонкурустарга көхтөөхтүк кыттар. Кини 2008 сылтан сибэкки олордон саҕалаабыт. Онтон устунан бу дьарыгын сөбүлээн, сылын аайы үтүө үгэскэ кубулуппут. Манна бааллар мастан кыһыллан оҥоһуллубут остуоруйа дойдутун геройдара. Көрөргө астык. Биэс сыл анараа өттүгэр Губинскай уокурук управата үүнээйини олордоругар сибиэһэй хара буорунан көмөлөспүт. Онтон олохтоох салайар хампаанньа үүнээйилэригэр уу кутарыгар анаан  уу турбата киллэрбит. Кэрэ көстүүлээх олбуор хаһаайката саас аайы бэйэтин биэнсийэтинэн сибэкки, үүнээйи арааһын атыылаһан олордор. Олбуор тимир эрэһээҥкинэн күрүөлэммит. Салгыы хаартыскалары көрөҥҥүт, дууһаҕыт сылааһынан илгийдин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....