24.05.2021 | 18:51

«Кэрэбит» барыта тахсан кэллэ дуо?

Репортаж
Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Халлааммыт сылыйан, хаарбыт ууллан, сайыммыт чугаһаан оллур-боллур суолларбыт, бөхпүт-сахпыт, кирбит-хахпыт –  барыта тахсан кэллэ. 
Дьокуускай куорат Губинскай уокуругар кэнники сылларга  киһи мыыммат баараҕай эбийиэктэрэ үлэҕэ киирдилэр. Урут бу уокуругу  «оробуочай городок» дииллэрэ. Тоҕо диэтэххэ, «КПД», «хрущевка», «сталинка» дьиэлэргэ производственнай тэрилтэлэр үлэһиттэрэ олохсуйан олороллоро. Уонча сыллааҕыта Федор Попов, Губин, Богдан Чижик, Кальвица уулуссаларыгар сайдыы  сибикитэ биллибэт этэ. Дьэ, былырыыҥҥыттан  кыбаартал тас барылын национальнай бырайыак чэрчитинэн тутан саҕалаатылар. Ол эрээри кыбаартал иһинээҕи суоллартан киһи хараастар.

Халыйа сытар уу

Губин уул., 5/2  уонна Водников уул., 1/3, икки ардыларыгар сатыы киһи даҕаны хаампат, массыына даҕаны айаннаан иһэн алдьанар дьаабыта. Бу дьиэлэр тутуллубуттара 15-тэн тахса сыл буолла. Ол тухары суолу ким даҕаны оҥорбото, эгэ кумах даҕаны аҕалан куталлара ыарахан буолла диэн аҕам саастаах киһи абарбыт куолаһынан муҥатыйда. 

 

Саас барыта уунан туолан хаалар. Аны дьиэлэр анныларыттан канализация уута тохтоло суох кутулла турар. Аныгы үйэ, сайдыы дии-дии түөспүтүн охсунабыт да,  суолбут-ииспит аныгы үйэҕэ тупсар кыаҕа суох. Губин уул., 5/2,  дьиэ иннигэр Севернай уул., 6, КПД дьиэ турар. Бу дьиэҕэ аспаал да, суол да суох. Хас эмэ сыл анараа өттүгэр кутуллубут кумаҕынан көрөн турар. Кумах буолуо дуо, барыта быыл. Биир кыра ардах кэлэн түстэ эрэ, алдьанар. Суол сиҥнэн түһэн, оллур-боллур дулҕа курдук кубулуйан турар. Саатар массыына ааһарыгар киһилии суол оҥороллоро буоллар.

Аны бу дьиэттэн “Гранд-Сити” атыы-эргиэн киинигэр айанныыбыт. Онно тиийиэхпитигэр диэри ыкка да ытыттарабыт, бомжтан да үөҕүллэбит, бадарааҥҥа да умса баран түһүөхпүтүн сөп – ол бэйэҥ көҥүлүҥ!

 

Бу кыһалҕаны илэ харахпынан көрөөрү, кыбаартал иһин кэрийэ хаамтым. Кырдьык, киһи  хараҕар быраҕыллар эрэйдээх суол буолан биэрдэ. Подъезтара киирэр аантан саҕалаан, суол тротуардарыгар тиийэ үлтүрүйэн, алдьанан бүппүт эбит. Губин уул., 5/2, дьиэ иннэ син үчүгэй туруктаах диэн көрдүм, оттон дьиэ кэннэ барыта кылыгыр уу уонна дьаама. Салайар хампаанньаҕа эрийэн тиийбиппэр, бу кыһалҕа куорат балансатыгар турарынан туох даҕаны миэрэни ылбаппыт диэтилэр.

 

Мин манна алтыс сылбын олоробун. Оройуон иһигэр аспаал диэн көрүллүбэт, барыта буорунан сытар. Маҥнай болҕомтоҕо ылыах буолаллара да, кэлин олох сапсыйан кэбистилэр. Массыынабытын дьиэ кэннигэр туруорар кыахпыт суох, тоҕо диэтэххэ, онно тимир көлө сатаан турбат уута. Баҕар, мантан иннэ сылыйдаҕына айылҕа көмөтүнэн уубут кууран хаалар ини, – диир олохтоох.

Аспаалы дьөлө көтөн тахсыар диэри

Губин уул., 5/2, дьиэ кэннигэр маҥнай кыра аспаал сири оҥоро сатаабыттар эбит. Ол эрээри, сэрэйдэххэ, эмиэ харчы боппуруоһа тирээн буолуо, ситэри куппатахтар, талбыт  сирдэригэр эрэ кутуллубут курдук. Чэ, ити хааллын. Сүрүнэ, куттахтара дии. Бу аспаалбыт чарааһа бэрдиттэн буолуо, сир анныттан тиит мас чөҥөчөктөрө быгыалаан тахсыбыттар. Салайар хампаанньа бу чөҥөчөгү хайыай, куорат сирэ буоллаҕа.

Сыт-сымар амырыын!

– Суолбут уута ханна да барбат буолан, кэлин араас сыты-сымары таһаарар буолла. Аара айаннаан иһэн массыына «ходовката» алдьанар, аны барыта таас. Кумах аҕалан куталлара буоллар, син барбахтаһыа этэ,  – диир Водников уул., 1/3,  дьиэ бэрэстэбиитэлэ.

Иэдээн тротуардар манна бааллар

Бестужев-Марлинскай уул., 1, дьиэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай медицинскэй киин баар. Оттон Бестужев-Марлинскай уул., ½ –  элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ. Богдан Чижик уулуссатыттан Губин уул., 5/2, аадырыска тиийэргэр балыыһа уонна дьиэ икки ардынан киирэҕин. Суолбут эмиэ барыта дьаама уонна аппа буолан биэрдэ. Массыына гаастаан кэлбитигэр,  тротуарга таҕыстым дии санаабытым да, букатын да буомбанан быраҕыллыбыт   тротуар дуомугар баар буола түһэбин. Бу аата дьон ааһар сирэ!

Контейнер уонна күрүө икки ардыгар баттаххына ааһаҕын, суох буоллаҕына, бырастыы гын!

Манна эмиэ биир курус хартыына. Арааһа, саамай сырыылаах суол бу баар быһыылаах

Оллур-боллур суол

Севернай уул., 6, дьиэ иннэ эмиэ биир итинник хартыына буолан биэрдэ. Саатар быстах өрөмүөн үлэтэ ыытыллара буоллар диэн иккис этээстэн биир хаһаайка табах уобан туран хаһыытаата.

Быыл – туспа кыһалҕа

Бу оройуоҥҥа куортамҥа турар кыбартыыра ахсааннаах, дьиэ да соччо-бачча атыыламмат эбит. Ол аата барыта төрүкү олохтоох дьон олорор буоллахтара. Биир ааһан иһэр киһини тохтотон, кыбаартал суолун-ииһин туһунан санаатын иһиттим.

 

Кыбаартал иһигэр киирдиҥ да, барыта буор, дьаама, чалбах, бадараан. Инфраструктура диэн суох. Мин санаабар, куорат киин эрэ уулуссалара тупсаллар, бу диэки сайдыы олох кэлэ илик. Баай дойдуга олорор аатырабыт да, суолбут да суох! Кыһыы! Тутуу бөҕөтө куоракка ыытыллар да, кыбаартал истэригэр суол оҥоһуллубат! Манна баран эттэххэ, аны быылбыт баар дии, эмиэ биир кыһалҕа. Барытын аспаалынан саба кутан кэбиһиэхтэрэ этэ буоллаҕа, дьэ ол кэннэ баҕалаах отторун-мастарын төһө баҕарар олортуннар. От-мас олордуохтарын, газоннары баар оҥоруохтарын оннугар дьиэлэр тастарын аспааллыыллара, табыгастаах усулуобуйаны тэрийэллэрэ буоллар быдан хайҕаллаах буолуо этэ.

 

Дьокуускай куоракка быйылгыттан Тупсарыы үс сыла биллэриллибитэ. Санатан эттэххэ, тустаах бырагыраамаҕа 98 дьиэ тиэргэнин тупсарыы, ол иһигэр оҕо уонна спортивнай балаһааккалары, уопсастыбаннай миэстэлэри, 21,5 км усталаах сибээс линията, 4 тыһыынча кв. миэтэрэ иэннээх тротуардары оҥоруу былааннаммыта.  Дьокуускай куорат 2021-2023 сылларга тупсарыы уонна көҕөрдүү үлэтигэр ороскуота быһа холоон –  600 мөл. солк.

Биллэрин курдук, бу суумаҕа куорат кыра аҥаара тупсарыллар кыахтаах. Ол да буоллар, Тупсарыы сылларыгар куорат кытыы  кыбаарталларын бырагыраамаҕа эрэ сигэммэккэ, салалта болҕомтоҕо ылыаҕа диэн олохтоохтор бигэтик эрэнэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...