10.05.2020 | 12:15

Кэнэҕэски ыччат кэрэхсээн ааҕыа

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Муус устар 19 күнүгэр «Сайар Сарыал» литературнай түмсүү тэриллибитэ биир сылын туолла.

Бу түмсүү ыытар үлэтин туһунан Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин иһинэн тэриллибит Ресурснай-бырайыактыыр киин методиһа, түмсүү салайааччыта Виктор Павлович Стручков-Дуулаҕа Дьуһаал аҕыйах хонуктааҕыта «Тэтим» араадьыйаҕа быһа эфиргэ тахсан, бэрт киэҥник сырдатта. «Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин иһинэн үлэлиир ресурснай-бырайыактыыр кииҥҥэ дириэктэринэн уопуттаах салайааччы Михаил Михайлович Донской үлэлиир. Мин сүрүннүүр методист быһыытынан үлэлиибин. Биhиги хайысхабыт сүрүн ирдэбилэ – култуура сайдар тосхоллорун ыйан-кэрдэн биэрии, баар кыахтары табатык аттарыы, дьон-сэргэ уопсай үлэтин, сынньалаҥын сөпкө салайыы», - диэн Виктор Павлович үлэлиир тэрилтэтин сүрүн соругун билиһиннэрдэ. «Сайар Сарыал» түмсүүгэ хоһоон кутугар дууһаларын туттарбыт 57 киһи сылдьан, хоһоону суруйуу үөрүйэхтэригэр дьарыктанар. Түмсүү тэрилиннэҕин утаа Дорҕоон Дойду устуудьуйаҕа уһуллан, бастакы сүрэхтэниилэрин ааспыттар. Онтон салгыы куорат ыһыаҕар анал түһүлгэ ылан, түмсүү үгүс чилиэннэрэ хоһооннорун аахпыттар. Бу тэрээһин ютуб ханаалыгар угуллан, киэҥ көрүүгэ тахсыбыт.

 «Сайар Сарыал» түмсүү салайааччыта Дуулаҕа Дьуһаал араадьыйаҕа этиитигэр, түмсүү тэриллэригэр үтүөлээх дьонунан элбэх хоһоон түмсүүтүн тэрийбит Илья Ильич Афанасьевы - Алмааһы, «Үһүс көлүөнэ» иһинэн үлэлиир «Айар-Кут» куруһуок салайааччыта, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Галина Ильинична Захарованы-Уордьаннаах кыыһын, култуура бэтэрээнэ, краевед Анна Петровна Григорьеваны, Луиза Петрованы-Этигэн Ыраны бэлиэтээтэ. Түмсүүгэ сиппит-хоппут айымньылардаах Татьяна Потапова - Татыйык, Валентина Яковлева – Чэлгийээнэ, Дария Захарова - Даайа, Алла Сельтюкова — Айаалла, Ульяна Иванова - Ива, Николай Нутчин - Дьуур баалларын астынан туран бэлиэтээтэ. Виктор Павлович нэдиэлэ биэс күнүгэр анал график быһыытынан, үстүү-түөртүү киһини ыҥыран, хоһоон тутулун, сахабыт тыла хайдахтаах курдук дириҥин, хоһоону суруйуу быраабылаларын үөрэтэр, быһаарар. «Дорҕоон тойуга», «Сайар Сарыал» диэн биир ситимнээх бассаап бөлөхтөөхпүт. «Сайар Сарыал» Норуот айымньытын киинин кытта сүбэлэһэн, ый аайы альманах таһаарар буолла. Бастакы нүөмэрэ бэчээттэнэн тахсыбыта. «Сайар Сарыал» түмсүү инники былаана киэҥ. Сахабыт тыла сүтэн-оһон хаалбатыгар, кэнэҕэски ыччат кэрэхсээн ааҕар хомоҕой хоһоонноро, кэрэхсэнэр кэпсээннэрэ тахсарыгар туһуланар. Киэҥ билиилээх, ыллыктаах санаалаах, сытыы бөрүөлээх Саха саарына Виктор Павлович Стручков - Дуулаҕа Дьуһаал салайар «Сайар Сарыал» түмсүүтэ саҥа саҕахтары арыйан, киэҥ аартыкка тахсан, үлэтэ үтүө түмүктэрдээх буоларыгар баҕарабыт.

Анна Данилова, педагогическай  үлэ бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...