Кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр лидердэрэ куорат сайдыытыгар этиилэрин киллэрдилэр
Форсайт-сессия кыттыылаахтара кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр уонна физическэй сирэйдэр ортолоругар ыытыллар куорат куонкурустарын ырыттылар, Дьокуускай территориятын сайдар быһаарыыларын уонна технологияларын чопчулаатылар.
«Өйөбүл бары миэрэлэрэ мэһэйэ, элбэх докумуон сырсыыта суох буолалларын курдук, куораттааҕы биир кэлим цифровой платформа наада дии саныыбыт. Итиэннэ кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр тиһиктээхтик үөрэниэхтэрин, бырайыак оҥорор сатабылларын үрдэтиэхтэрин наада. Билиҥҥи сорукпут – волонтер үлэтигэр, аһымал хамсааһыҥҥа көхтөөх гражданнары сыһыарарга саҥа ньымалары тобулуу. Саамай сүрүнэ – биһиги этиилэрбит, үлэбит Дьокуускай 2032 сылга диэри социальнай-экономическэй сайдыытын стратагиятыгар киириэхтээхтэр. Оччотугар биһиги, кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр лидердэрэ, куорат тыын суолталаах кыһалҕаларын быһаарыыга быһаччы кыттар кыахтанабыт, үлэбит таһаарыылаах буолар. Дьон олоҕун хаачыстыбата үрдүөҕэ, тоҕо диэтэр кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр – биир идиэйэлээх куорат олохтоохторун холбоһуга», – диэн кэпсээтэ социальнай хайысхалаах кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэри өйүүр Биир кэлим ресурснай киин генеральнай дириэктэрэ Ольга Вешникова.
Тэрээһиҥҥэ 50-тан тахса киһи – кэмиэрсийэтэ суох тэрилтэлэр лидердэрэ, көхтөөх гражданнар, волонтердар уонна муниципалитет бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар. Форсайт-сессияны «Статус» гражданскай уонна социальнай көҕүлээһин эйгэтин исписэлиистэрин ассоциациятын бэрэсидьиэнэ Жанна Котова иилээн-саҕалаан ыытта.