25.02.2024 | 12:00

«Кэм-кэрдии уонна олоҕум»

скульптор Василий Бочкарев быыстапката
«Кэм-кэрдии уонна олоҕум»
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

Олунньу 16 күнүгэр СӨ Национальнай уус-уран ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын түмэлигэр “Кэм-кэрдии уонна олоҕум” диэн скульптор, СӨ норуодунай худуоһунньуга, суруйааччы, суруналыыс Василий Васильевич Бочкарев төрөөбүтэ 80 сылыгар анаммыт айар үлэтин быыстапката арылынна.

Василий Васильевич Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр 1944 сылга төрөөбүтэ. 1968 сыллаахха Дьокуускайдааҕы художественнай училищены, 1975 сыллаахха Суриков аатынан Москватааҕы судаарыстыбаннай художественнай институт скульптура факультетын бүтэрбитэ.

Василий Бочкарев искусство бары хайысхаларыттан ордук скульптураны өрө туппута биллэр. Дьон мэтириэтин тимиргэ, гиипсэҕэ айан, дьоруойун ис дьиҥин, үтүөтүн таба көрөн үйэтитэри ситиспитэ. Маастар мемориальнай комплекстары уонна пааматынньыктары тутууга көхтөөхтүк үлэлээбитэ. Сэрии уонна үлэ дьоруойдарыгар, искусство уонна литература, судаарыстыба диэйэтэллэригэр, сэрии толоонугар охтубут салааттарга пааматынньыктары туруорбута.

Быыстапка арыллыытыгар Василий Васильевич аймахтара, доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, кини сүдү талааныгар сүгүрүйээччилэр кэлэн тыл эттилэр. Худуоһунньук төрөппүт кыыһа Лена уонна бииргэ төрөөбүт быраата Иннокентий Васильевич Бочкарев быыстапка маанылаах ыалдьыттара буоллулар. Кинилэр Василий Васильевич “Сиэн кыыһым Лилия” диэн биир бүтэһик үлэтин түмэлгэ бэлэх ууннулар.

Александр Жирков, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта:

Хас биирдии киһи бэйэтин кэнниттэн туох бэлиэ хаалларарын туһунан толкуйданар. Манна сүрүн сыаналааччынан кэм-кэрдии буолар, оттон ол кытаанах сүүмэрдээһини аҕыйах талыллыбыт киһи ааһар. Василий Бочкарев Васильевич туһунан өйдөбүл, бастатан туран, кини өлбөт-сүппэт үлэлэрин нөҥүө үйэлэргэ хааларыгар саарбахтаабаппын.

Саха профессиональнай искусствота олус былыргы буолбатах, ол да буоллар бэйэтин омугун историятыгар кыттыгастааҕын көрдөрөн, киһи аймах интэриэһин тардар суолун арыйда. Холобура, Василий Васильевич тиит мастан, кээмэйэ кыра эрээри, дьиҥ монументальнай айымньылары хаалларбыта. Оттон "Тыа оҕонньоро" үлэтэ, атын да билэр дьонун тимиринэн чочуйан оҥорбута монументальнай хабааннаахтарын ааһан, атын култуураларга суох дьиҥ сахалыы тыыннаахтар.

Василий Васильевич сатаан доҕордоһоро уонна бу доҕордоһууну кини скульптураҕа эрэ буолбакка, литератураҕа эмиэ ойуулуура. Даҕатан эттэххэ, кини талааннаах искусствовед быһыытынан худуоһунньуктар иһирэх, кистэлэҥ өттүлэрин киэҥ ааҕааччыга көрдөрөн, айар үлэлэрэ норуокка ордук өйдөнүмтүө буоларын ситиспитэ.

Зинаида Иванова-Унарова, искусствовед:

Василий Васильевич сахаттан бастакы скульптордар ахсааннарыгар киирэн, Саха сирин скульптурнай искусствотыгар олук уурбута. Кини туох-ханнык иннинэ талааннаах портретист этэ, ону тэҥэ үчүгэй психолог быһыытынан сыаналанар. Ол ураты дьоҕура үлэлэригэр ойуулуур киһитин дьүһүнүн-бодотун майгыннатарын таһынан, майгытын-сигилитин табарыгар көстөр.

Василий Бочкарев бииргэ төрөөбүт быраата Иннокентий Васильевич Бочкарев:

Киһи олоҕун акылаата төрөөбүт дойдутутар ууруллар диэн өйдөбүл баар. Баһылай саҥа улаатан, үлэлээн эрдэҕинэ, биһиги Дүпсүннээҕи оскуолабытыгар оҕо айар дьоҕурун сайыннарыыга туох да сүрдээх үчүгэй олук ууруллубута. Ол кэмҥэ үөрэммит оҕолортон өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дэгиттэр талаанннах дьон сириэдийэн тахсыбыттара: артыыстар, суруйааччылар, спортсменнар. Кинилэр ортолоругар биһиги убайбыт скульптор, суруйааччы, суруналыыс буола үүммүтэ. Онон дойдубутугар махталбыт улахан.

Бэлиэтээн эттэххэ, быйыл СӨ норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин национальнай киинигэр Василий Бочкарев төрөөбүтэ 80 сылынан анал пуонда арылынна. Манна худуоһунньук 70-с сыллартан саҕалаан киинэҕэ холонуута, тус үлэтин, үөрэнээччилэрин быыстапкаларын, төрөөбүт дойдутун видеоҕа устуулара хомуллубут.

Быыстапка Василий Бочкарев айымньылаах үлэтин толору хаппат, ол гынан баран бу биир саала иһигэр түмүллүбүт үлэлэр кинини уһулуччулаах идэтийбит худуоһунньук быһыытынан көрдөрөллөр.

“Кэм-кэрдии уонна олоҕум” быыстапка НХМ сүрүн дьиэтигэр кулун тутар 3 күнүгэр диэри салҕанар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...