Кэлэр кэм тэтимин тутуһуҥ! Саҥа кэм арҕаһыгар олорсуҥ!
Киһи анатыылаах идэҕэ уһуйааччытын кытта сиргэ төрүөн иннинэ кут таһымыгар эрдэттэн кэпсэтиилээх буолар. Өбүгэлэрэ бу киһи аналын толорорун ситиһэллэр уонна тустаах уһуйааччытыныын көрсүһүннэрэллэр. Учуутал, -4D -5D - 6D көстүбэт эйгэ Маастара Надежда Александровна Шалгыноваҕа үөрэнэр, уһуйуллар эйгэҕэ өбүгэ ситимигэр үлэлиир дьоммутун кытта – Афанасий Николаевич Дьячковскайдыын, Ньургустаана Станиславовна Макарова-Сиккиэрдиин, Туйаара Степановна Григорьева-Кучу Туйааралыын көрсөн, билиҥҥи кэм уратытын туһунан киэҥ көрүүлээх кэпсэтии буолла.
– Тулалыыр эйгэ уларыйар кэмигэр олоробут диэн этиини быһааран биэриэҕиҥ эрэ, баһаалыста.
– Билигин, чахчы даҕаны, икки утарыта күүс – сырдык уонна хараҥа, эргэ уонна саҥа кэм солбуйсар, тулалыыр эйгэ тосту уларыйар ураты кэмигэр олоробут. Тыынар тыыннаах барыта Таҥара илиитин иһигэр баар. Саҥа кэм тэтимэ түргэн, дохсун. Куйаартан түһэр сардаҥа күүһүрэн, сир ибир долгунун күүрүүтэ күн-түүн үрдээтэр үрдээн иһэр. Киһи айылҕа оҕото буоларын быһыытынан, түлүк ууттан уһуктан, эргэ эниэргийэттэн босхолонон, бу кэлэр кэм тэтимин тэһииниттэн тутан, үс кутун дьүөрэлээн, саҥа кэм арҕаһыгар олорсон, тэҥҥэ үүнэр-сайдар кэмэ кэлэн турар. Куйаарга киэҥ хабааннаах сүдү уларыйыылар буола туралларын бары даҕаны эт мэйиибитинэн өйдүүр, көхсүбүтүнэн сэрэйэр буолуохтаахпыт.
«Киһи буолабыт дуу, кии буолабыт дуу?» диэн өбүгэлэрбит кэрбэҥ кэриэстэрин саныахха. Киһи аймах аан дойду атыыр оҕуһа буолан айаатаан, Сир муҥур тойоно буолаары бэйэтин Аар Айылҕаттан үрдүктүк санаммыт кэмигэр олоробут. Сир ийэ киһи аймах үгүс үйэлэр устата мунньубут кириттэн-хаҕыттан, аньыытыттан-харатыттан ыалдьан, сылайан ыраастанар. Аан дойду араас муннуктарыгар күүстээх сир хамсааһыннара, уу мотуоктара, ойуур баһаардара буола тураллар.
– Сахаларга киһи майгыта, санаата-оноото айылҕаҕа кытта сабыдыаллыыр диэн өйдөбүл баар. Ол аата?
– Үчүгэйи-куһаҕаны, сырдыгы-хараҥаны арааран өйдүүргэ уолдьаспыта ыраатта. Иэйии сүттэҕинэ ийэ кут куурар, ис кэрэ эйгэбит иинэр-хатар. Байар-тайар ухханыгар балыйтаран, сир ийэбит киэлитин сүргэйэн, мааны айылҕабытын алдьатар эрэ адьынаттанан, бадарааҥҥа батыллан эрэрбитин өйдөөн, өбүгэлэрбит эппиттэринии, «өлөөрү гыммыт өлөҥтөн тардыһар» диэбиккэ дылы, өрөйөн-чөрөйөн, куппутун-сүрбүтүн дьиҥ билиинэн байытан, сырдык суолу тутуһар кэм тирээн кэлбитэ син балай да буолла. Олох – киһиэхэ Таҥара анаан-минээн биэрбит күндү бэлэҕэ. «Олох хаамыыта биһигиттэн тутулуга суох», – диэн хаһан бэйэтэ тупсарын өрө мыҥаан олорор табыллыбат. “Күн сырдыга баҕалаах” диэн өйдөбүлүнэн сирдэтинэн, киһи майгытын көннөрүнэн, өйүн-санаатын, кутун-сүрүн, этин-сиинин дьүөрэлээн, тус бэйэтин аналынан, кыаҕынан, үөрүүнэн кынаттанан олох олорорго дьулуһуохтаах.
– Тыын диэн тугуй?
– Олоххо көстөр көстүү барыта тыын, эниэргийэ – бэйэбит, саныыр санаабыт, саҥарар саҥабыт, оҥорор дьайыыбыт, хамсанар хамсаныыбыт, аһыыр аспыт, таҥнар таҥаспыт, көстөр-көстүбэт эйгэ... Куйаартан кутуллар эниэргийэ күн-түүн күүһүрэн, ыараан иһэр. Эниэргийэ уларыйбытын биир көстүүтэ – сүрэх-тымыр ыарыытыттан олохтон соһуччу барыы элбээтэ. “Сүгэ түһүөр диэри дүлүҥ сынньанар” диэн күнү-дьылы ыыппакка, доруобуйаны эрдэттэн көрдөрүнэр, эмтэнэр туһалаах.
– Майгы-сигили эмиэ улахан оруолу ылар буоллаҕа дии?
– Үтүө майгы киһини киһи оҥорор. “Үтүө майгыҥ – көтөр кынатыҥ” диэн өс хоһооно баар. Куйаар күүстээх эниэргийэтин уйулҕалара уйбакка, дьон отуора хамсаан, кыраттан да кыыһырара-тымтара, үөхсэрэ-мөҕүттэрэ, онтон сылтаан сыһыан алдьанара элбээтэ. Өйбүт өһүллэн, санаабыт ыһыллан, кэскиллээҕи толкуйдаабат, күннээҕинэн эрэ муҥурданар, ыллыктааҕы ыпсаран ыраҥалаабат буолан иһэбит. Билигин санаа туолуута хайа да кэмнээҕэр түргэтээн турар. Тугу санаабытыҥ, үчүгэйиттэн-куһаҕаныттан тутулуга суох, чыпчылыйыах иннинэ туолар. Аныгы кэмҥэ киһи үксэ сырдык-хараҥа эниэргийэни арааран билэр. Куруук кыыһыра, уоттуйбут таҥас курдук тырытта сылдьар, киһиэхэ барытыгар хом санаалаах, үгүрүө курдук өһүргэс, өһүөннээх, кырыктаах, бэйэтигэр өрүү болҕомто, уостубат махтал эрэйэр, туохха да “тук” буолбат киһиттэн дьон дьалты туттар буолар.
Үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһыыбыт мөлтөөтө. Кутталтан, санаа түһүүтүттэн, ыгылыйыыттан, кырыктыйыыттан, майгы мөкү өрүттэриттэн, куһаҕан дьаллыктартан босхолонноххо, сүргэ көтөҕүлүннэҕинэ, сырдык суолу тутустахха, турук тупсар, үйэ уһуур. Билиҥҥи быыһык кэмҥэ чөл туруктанар, уһун үйэлэнэр туһугар хас биирдии киһи майгытыгар-сигилитигэр үлэлиирэ хаһааҥҥытааҕар да сытыытык ирдэнэр.
Сиэр-майгы – киһи тулалыыр эйгэни, атын дьону уонна бэйэтин кытта алтыһыыта. Сэт-сэлээн сокуонунан, түктэри майгы суотугар тус бэйэҕэ уонна тулалыыр дьоҥҥо харыстабыла суох сыһыан охсуута улахан буолар, хоруйа уон төгүл хабаатыннаран төннөр.
Киһи кэһэкэнэ буола илигинэ өйдөммөт диэн баар. “Тыллааҕы истибэтэххинэ, тыла суох үөрэтиэ”, – диэн этэллэр этэ. Хамсаннын-имсэннин, бэйэтин үүнүүтүгэр-сайдыытыгар үлэлээтин диэн араас тургутуулар кэлэллэрин, “тыла суох” үөрэтэрин кэтэһэн олорбокко, ис туругу, майгыны-сигилини тупсарыы хас биирдиибититтэн ирдэнэр.
Киһи майгытыгар урукку олоҕор тугу сыыһа-халты туттубута сиэркилэҕэ курдук дьэҥкэтик көстөр. Өбүгэлэрбит “атын киһи иннигэр кылы көрөр, бэйэтин иннигэр бэрэбинэни да көрбөт” дииллэрин ылынан, бастаан бэйэбит дьиэкпититтэн босхолонон, атын дьон итэҕэһигэр-быһаҕаһыгар иҥнибэккэ, бэйэбит уу нуурал, холку-наҕыл турукка киирдэхпитинэ, алтыһар дьоммутугар, эйгэҕэ туһалаах буолар.
«... Мин бар дьонум маанылаах оҕотобун. Ол иһин аҕам ууһун алгыһынан тыынабын, ийэм ууһун тапталынан илгийэбин. Мин – өбүгэлэрим ыраларын инники эрэлэ буолабын. Ол иһин удьуор утуммун саҥалыы салгыыбын. Кэлэр кэм ситимин баайабын. Ыччаттарбын ыытаары, сиэннэрбин ситэрээри. Мин удьуорум ууһаатаҕына, дьонум, норуотум элбиэҕэ. Саха ааттаах салалла туруоҕа. Сахалыы саныыр, сахалыы саҥарар киһи үтүмэнэ үксүөҕэ. Мин оҕолорум, мин удьуорум алаас маһын алдьаппаттарын, сир симэҕин тэпсибэттэрин туһугар өбүгэлэр өркөн өйдөрүнэн өйүөлүөхпүн баҕарабын».
К.Д.Уткин-Нүһүлгэн
Хоп-сип, сэт-сэлээн туһунан
– Төһөнөн атын дьон сыыһатын-халтытын, майгытын уратытын өйдөөн көрөбүт, сиилиибит-одуулуубут, сыана быһабыт, холуннарабыт, сирэбит, олоҕор орооһобут, урукку-хойукку аньыытын-харатын ырытабыт, хойох хостоһобут, үөхсэбит-мөҕүттэбит, хобу-сиби тарҕатабыт, уон оччо эбиллибит кири-хаҕы эниэргийэ быһыытынан бэйэбитигэр тардан ылабыт. Хоп-сип хайа да үтүө бэйэлээҕи кэҕиннэрэр – сэтэ-сэмэтэ хайаан да хаһан эрэ төттөрү эргиллэр. Ол иһин бэйэбитин, чугас дьоммутун, ийэ сирбитин харыстаан тосту-туора тыллаһыа, сыыһа-халты туттуо суохтаахпыт эбит. Олохпор алтыһан ааспыт мындыр киһим – дьүөгэм кэргэнэ: “Тугу саҥарбыккын бэйэҥ кулгааҕыҥ истэр дуо?” – диэн сөпкө да этэрэ, киһи күннэтэ айаҕыттан туох тахсарын өйдөөтөҕүнэ-төйдөөтөҕүнэ туһалаах да буолуо этэ дии саныыбын.
Саха – тыл иччитигэр сүгүрүйбүт омук. Түҥ былыргыттан кэлэр улуу өйдөбүллэр сахабыт тылыгар саһан сылдьаллар. Киһилии киһи буолуу былыр да, быйыл да ирдэнэр. Былыр-былыргыттан, саха киһитин сүрүн уратыта – сытыары-сымнаҕас майгыта буолара. Хайа да үйэҕэ сахалар киһини сэниир, атаҕастыыр-баттыыр майгыны сэҥээрбэттэр этэ. “Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ” диэн өс хоһооно баар. Кими эрэ сэнээн сириэдийбит суох. Атын киһи ордугар ымсыырыы, ордук санаһыы, бэрт былдьаһыы омсолоох быһыыга киирэллэр. Былыр-былыргыттан сахаларга сымыйалааһын, албыннааһын, түөкүннээһин куһаҕан кэмэлдьигэ киирсэллэрэ. Түөкүн, уоруйах киһи бүтүн аҕа ууһун аатын алдьатара. Саха сэһэннэригэр “Төрдүгүт оннук куһаҕан ааттаах түөкүн киһи этэ” диэн үөхсүүлэр быстах-остох бааллар. Өбүгэттэн тиийэн кэлбит үтүө үгэһи тутуһан, киһи кырдьыгынан сылдьыахтаах. Саҥа кэм эмиэ сиэрдээх, кырдьыксыт буолары ирдиир. Баары баарынан, суоҕу суоҕунан, дьиҥ кырдьыгынан сылдьар киһи хаһан баҕарар ытыктанар.
– Бу 2024 сыл карма сыла диэн ааттанар. Ол аата тугуй?
– Туох барыта төрүөттээх уонна содуллаах. Урукку, билиҥҥи, кэлэр кэмнэр бары биир ситимнээхтэр, онон хас биирдии киһи олоҕор оҥорбут үтүөтэ, ону тэҥэ аньыыта-харата төннөр кэмэ кэлэн турар. «Күн сирин көрбүт көлөһүнэ суох буолбат, айыы сиригэр айыллан кэлбит аньыыта-харата суох буолбат», сирдээҕи киһи аанньал буолбатах, тосту-туора тыллаһара, сыыһа-халты дьаһанара баар суол.
Тылтан уонна тыастан ордук күүстээх бу аан дойдуга туох да суох. “Тыллаах эппитин, кырыыстаах кыраабытын курдук” диэн мээнэҕэ этиллибэтэх. Былыр ханнык эрэ өбүгэбит иччилээхтик эппитэ-тыыммыта, кими эрэ кыраабыта-таныйбыта, мөкү дьайыыны оҥорбута, кимниин эрэ иирсибитэ таах хаалан хаалбат, сыдьааннарыгар дьайар. Үйэттэн үйэҕэ хатыланар халыып буолан кэлэ турар. Урут-хойут оҥоһуллубут аньыы-хара сэтэ-сэлээнэ хаһан эрэ ситэр. Майгы-сигили тупсарыгар бэйэҕэ үлэ, куһаҕан дьаллыктартан босхолонуу уонна туомтуу баайыллыбыт кылаан кыһалҕа ситиитин өһүлүү-сүөрүү, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэрин тохтотуу билигин хаһааҥҥытааҕар да сытыытык турар. Аньыы-хара төрүөтэ ыраастаннаҕына, төлкө төлөрүйэр, дьылҕа уларыйар, тупсар. Ким да кими да күүс өттүнэн уларытара көҥүллэммэт уонна сатамматын өйдөөн туран, кэм тэтимэ түргэтээн, күөх сайыны ыллаан-үҥкүүлээн көччүйэн атаарбыт тэмэлдьигэннии, кырыа кыһын ыар тыына ыган кэлбитигэр «бабат-татат» диэбэт курдук, эрдэттэн сөпкө дьаһанан өйү-санааны сааһыланар ордук. Ол курдук, саҥа кэм сүрүн ирдэбилэ – халлааннаахпыт диэн хантайан, Күн-Ый баарын өйдөөн, Айыы таптал таһымыгар тиийэн Таҥара диэки хайыһыы, итэҕэллээх буолуу, айгыр-силик Айылҕаҕа, сир Ийэбитигэр харыстабыллаах, махталлаах сыһыан уонна киһи буолан төрөөбүт ааппытыгар өлбөт-сүппэт куппутун-сүрбүтүн байытыы. Аҕа ууһугар хас эмэ үйэ устата мунньуллубут үтүө ханна да сүтэн-оһон хаалбат. Сиэрдээх быһыы, сытыары-сымнаҕас майгы, киһилии сыһыан үгүс үйэлэри туоруур. Холобур, аһыныгас санаалаах хос-хос эбэбит аччык аас-туор кэмҥэ элбэх дьону аһаппыта, быстарбыты салҕаабыта, кинээс сололоох хос эһэбит кыаммат-түгэммэт дьадаҥы дьоҥҥо киһилии сыһыаннаспыта, атыыһыт эһэбит эппит тылыгар өрүү турар сиэрдээх майгыта, “атыыһыт бигэ тыла” диэн өйдөбүлү халбаҥнаабакка тутуспута, сытыы-хотуу, тойонтон-хотунтан толлон-чаҕыйан турбат туруу үлэһит эбэбит Аҕа дойду сэриитин ыарахан сылларыгар сайылыкка хаптаһын дьиэҕэ олорон хаалбыт икки оҕотун сүтэрбит соҕотох дьахтары уонна кыра уолчаанын туруорсан туран дэриэбинэҕэ көһөртөрбүтэ, тоҥон-хоргуйан өлөртөн быыһаабыта, ааһан иһэр кумалаан дьахтар сэбиргэхтэппит уу кыһыл оҕотун аһынан иитэ ылбыта кэнэҕэһин кэлэр көлүөнэҕэ Таҥара бэлэҕэ буолан төннүбүтүгэр саарбахтаабаппын. Мындыр өбүгэлэрбит барахсаттар үйэлэри уҥуордаан кэлбит үтүмэн үтүөлэригэр, кэнчээри ыччаттарыгар кэриэс-хомуруос гынан хаалларбыт кэс тылларыгар, үтүө өйдөбүлү хаалларбыттарыгар махталбыт муҥура суох.
– Аньыыттан-хараттан ыраастаныы диэн тугуй?
– Кылгастык быһаардахха, биһиги олорор Орто дойдубут 3D таһым диэн буолар, ыраастаммыт дьон 4D таһым көрүдүөрүгэр киирэллэр, манна өбүгэлэри кытта ситимнэһии барар. Оттон 1D уонна 2D бу аллараа дойду таһыма буолар. Билигин майгыны-сигилини көннөрөн, куһаҕан дьаллыктартан тэйэн, сэт-сэлээн дьайыытыттан ыраастанан, аньыыттан-хараттан босхолонор түгэн хас биирдии киһиэхэ 2025 сыл бүтүөр диэри бэриллэн турар. Билигин сиргэ олорор дьон үгүстэрин дууһата наһаа элбэх карманы сүгэ сылдьар буолан, аллараа дойдуга бара турар, ахсааннаах киһи үөһээ тахсар. Саҥа кэмҥэ аньыыттан-хараттан, сэттэн-сэлээнтэн босхолонуу барыах тустаах.
– Туох баар дьоҕур, талаан, сатабыл удьуор утумунан бэриллэр. Эһиги манна тугу тириэрдэҕит?
– Сорох киһи биир идэни талан ылбытынан үйэтин тухары үлэлиир. Ким эрэ, бу сиргэ кэлэригэр, кутун сайыннараары, үтүө көҥүлүнэн элбэх соругу сүгэн кэлэр. Киһи оҕо буолан күөх окко оройунан түһүөҕүттэн олох оскуолатын барар. Бастакы учууталларынан төрөппүттэр буолаллар. Маҥнайгы хардыылары оҥорорго аҕа-ийэ оруола улахан. Оҕо борбуйун уйунар буолан истэҕин аайы олоҕун суолугар араас дьону көрсөр, кинилэртэн үөрэнэр.
Араас дойдуларга чаҕылхай киһи элбэх. Атын омуктарга айылҕаттан айдарыылаах, дьоҕурдаах, киэҥ билиилээх-көрүүлээх ытыктанар дьон эмиэ бааллар. Өбүгэлэрбит сирдээбиттэринэн көрсүбүт Учууталбыт – 4D-5D-6D көстүбэт эйгэ Маастара, Надежда Александровна Шалгынова үөрэтэн, уһуйан, өбүгэ ситимигэр үлэлиибит. Өбүгэтин ситимин тутан сылдьар киһи соргулаах. Хайа да түгэҥҥэ бу киһиэхэ өбүгэтэ барытын көрөн-билэн, үтүөнү баҕаран сүбэлиир, мөхпөт-эппэт, кыыһырбат-уордайбат. Эн тус бэйэҥ өбүгэҕиттэн ордук эйиэхэ үтүөнү баҕарааччы суох. Өбүгэлэр бэйэлэрин оҕолорун олус таптыыллар, арчылыыллар-араҥаччылыыллар, үтүөнү үксэтэр, сырдыгынан сыдьаайар буоллаҕына алгыстаах аартыгын арыйаллар. Аҕа уустарынан дьаһанан олоруу былыргы дьыллар быраман мындааларыгар, урукку дьыллар охсуһуулаах уорҕаларыгар саспыта саха олоҕор улаханнык дьайда, кэнэҕэһин норуот өйүгэр-санаатыгар күүскэ охсуох чинчилэннэ диэн ытык кырдьаҕастар билгэлииллэрэ. Үйэлээх үгэстэрбитин сөргүтэн, бу быыһык кэмҥэ хаан уруу-аймах дьон сүбэ-соргу тобулан бэйэ-бэйэлэрин өйөһөллөрө олус наадалаах, ону өйдөөн-ылынан күчүмэҕэй кэмнэри бииргэ сиэттиспитинэн аҕа ууһун уһун үйэлэргэ хаҥатан, ийэ ууһун кэтит кэмнэргэ тэнитэн уйгулаах олоҕу уһаныахтаахпыт. Киһи киһинэн олорор, “ойуурдаах куобах охтубат, дьонноох киһи тутайбат”. Бука бары уон аҥыы көрө сырыттахпытына, күннээҕи бүппэт түбүккэ умса түстэхпитинэ, тус бэйэбит эрэ иннибитин көрүннэхпитинэ өнүйэрбит уустуктардаах. Эйгэттэн наар ыларбытын эрэ толкуйдаабакка, утары уунарбытын эмиэ саныырбыт эрэйиллэр. Үрдүкү Сырдык Күүстэр, Өбүгэлэр эркээйилээх эрэллэрин түһэн биэрбэккэ, сыыс санааны, саарбахтааһыны киллэрбэккэ, үтүөҕэ-сырдыкка тардыһыахха.
Саха ыалын уратыта ыал сомоҕото буолар. Аҕа ууһун иһигэр сыһыан ыал эйгэтин таарыйар буолан олус улахан суолталаах, сүрүннүүр уонна муоһалыыр кыахтаах. Билигин хас биирдии аҕа-ийэ уустара сыдьааннара үүнэллэригэр-сайдалларыгар, майгылаах мааныта буолан ырааһыран-сырдаан, ибир долгуннара үрдээн, үтүөнү үксэтэллэригэр, саҥа кэм арҕаһыгар олорсон, кэлбит кэм тэтимин тутуһан олороллоругар баҕараллар.
– Билиҥҥи үйэҕэ дьон үксэ мунаарара элбэх буолан, араас үөрэххэ үөрэнэр. Эһиги бу үлэҕэ хайдах кэлбиккитий?
– Учууталбыт Хакасияттан Надежда Александровна Шалгынова – «Мастер перехода в 5 D и 6 D", "Проводник Световых Божественных структур”. Киниэхэ үөрэнэммит, Орто дойдуга кэлбит аналбытынан, олохпут бырагырааматынан Үрдүкү Айыылары кытта ситимнэһэн дьоҥҥо көмөлөһөбүт. Биһиги нөҥүө Үрдүкү Айыылар, Таҥаралар үлэлииллэр.
Билигин кэм уларыйа турар, бары да билэн олорор буолуохтааххыт. Ханнык баҕарар кэм уларыйыыта айылҕаҕа, дьон өйүгэр-санаатыгар араас дьайыылаах буолар. Бириэмэ кылгыыр, күн-дьыл хаамыыта түргэтиир, дьон ыгыллар-тууйуллар. Полюстар уларыйаллар, айылҕа уларыйар, урут үүммэтэх үүнээйилэр, мастар, оттор үүнүөхтэрэ, араас көрбөтөх үөммүт-көйүүрбүт, харамайбыт баар буолуо. Араас катаклизмнар да буолуохтара. Маннык кэмҥэ киһи хайдах дьаһанара, тугу гынара, хайдах быыһанар суолга турара, өй-санаа өттүнэн уларыйан, кэлэр кэм арҕаһыгар олорсоро, дууһатын быыһыыра, өбүгэ диэки хайыһара улахан оруоллаах.
– Киһи тыыннааҕын тухары олоххо тардыһар. Билиҥҥи киһи күннээҕи олоҕор хайдах дьаһаныахтааҕый?
– Аньыылаах-харалаах киһи сирдээҕи олохтон арахсан барар бүтэһик кирбиитигэр ыар санаатын чэпчэтиэн, ыраастаныан баҕарар диир буолаллара. Урут киһи сирдээҕи олохтон букатын арахсан бардаҕына, анараа дойдуга тиийэн Үрдүкү Суут иннигэр оҥорбут буруйугар эппиэттиир этэ. Урукку кэмҥэ сэт-сэлээн сэмэтэ-суҥхата син биир кэлэр, харчы да төлөөн, бэрик да биэрэн быыһаммаккын диэн этэ. Саҥа кэм уратыта – тыыннааххар эргэ эниэргийэттэн, кылаан кыһалҕаттан босхолонон, Таҥара суутун ааһар кыах бэриллэн турар. Былыр-былыргыттан аҕа ууһун салайар, түмэр, ыйар-кэрдэр тумус киһи баар буолар. Өбүгэлэр аҕа ууһун өрө көтөҕөр кыахтаах үрдүк аналлаах куту талан ылан төрүөн инниттэн төлкөтүн түстүүллэр. Ол тустаахха улахан эппиэтинэс уонна сүгэһэр. Бу талыллыбыт киһи олоҕун устата араас тургутуулары, ыарахаттары көрсөр, өй-сүрэх мөккүөрүн ааһар, тиийбэт-түгэммэт түгэннэр нөҥүө бэрдимсийиитин, майгытын мөкү өрүттэрин кыайар, ол үөрүйэхтэрин нөҥүө олоҕу сыаналыыр, дьон икки ардыгар сыһыаны, буола турар быһыыны-майгыны таһыттан өйдөөн көрөр, анаарар буолар. Бэйэтин мөлтөҕүн кыайан, олох очурдарын-чочурдарын туораан, аҕа-ийэ өттүнэн кэлэр кылаан кыһалҕаттан босхолонон, ыраастанан, ибир долгуннарын таһымын үрдэтэн, үрдүкү өбүгэлэригэр быһа ситимҥэ тахсар кыахтанар. Сырдык суолу тутуһан, уруутун-аймаҕын, аҕа-ийэ ууһун үөһэ үрдүк таһымҥа таһаарар. Оччоҕо бу аҕа-ийэ ууһа силигилии сириэдийэр, сирдээҕи сыдьааннарын олоҕо тупсар.
– Саҥа кэм тэтимигэр сөп түбэһиннэрэн, дьон өйө-санаата уһуктарыгар, өбүгэтин кытта ситимэ күүһүрэригэр туһалаах буоллун диэн санааттан ыытар дьарыккытыгар тохтоон ааһыахха.
– «Саҥа кэм. Өбүгэ күүһэ, көмүскэлэ, бэлэҕэ. Санаа уонна тыл күүһэ. Кылаан кыһалҕа, сэт-сэлээн олоххо дьайыыта. Дьиэ, тиэргэн эйгэтэ киһи олоҕор суолтата» диэн үөрэҕи ыытабыт. Саҥа кэм эниэргийэтин, эргэ эниэргийэттэн босхолонуу, хас биирдии киһи олоҕор өбүгэ суолтатын, көмүскэлин (доруобуйа, уһун үйэлэнии, тус сыһыан, ыал буолуу, оҕо төрөөһүнэ, идэни талыы, үп-харчы сүүрээнэ, тэрилтэ тэринии уо.д.а), түҥ былыргы төрүттэртэн кэлэр хатыланар халыыптар (ыал буолбакка соҕотох хаалыы, уруу-аймах эстиитэ, байыы-дьадайыы уо.д.а.), санаа уонна тыл күүһэ дьайыыларын, тиэргэн, дьиэ эйгэтэ, эниэргийэтэ (турукка, доруобуйаҕа, бэйэ икки ардыгар сыһыаҥҥа сабыдыала), үп-харчы кэлэр суолун, ылсыы-бэрсии сокуонун сөпкө тутуһуу суолтатын туһунан билиибитин үллэстэбит. Ис туругу бөҕөргөтүнүү дьарыктарыгар үөрэтэбит. Истээччилэр мунаарар ыйытыыларыгар сиһилии хоруйдуубут. Тыыннаах алтыһыы кэмигэр көстүбэт эйгэ таһымыгар Үрдүкү Сырдык Күүстэр, Айыыһыттар, Өбүгэлэр көмөҕө кэлэллэр. Күүстээх эниэргийэ хамсыыр, ыраастаныы барар, ыра санаа ыпсар олуга оҥоһуллар. Киһини баттыыр саппаҕырбыт санааттан-онооттон, олоҕуран хаалбыт хараҥа эниэргийэттэн босхолууллар, ыраас ыралаах буоллаххына суолгун арыйаллар, ол түмүгэр олоххор үтүө уларыйыылар саҕаланаллар. Өйө-санаата ырааһыран истээччи мунаарар ыйытыыларыгар хоруй ылар, толкуйа тобуллар, аартыга арыллар, көрдөһөр көрдөһүүтэ өбүгэлэргэр иһиллэр, өр кэмҥэ сатаан туолбатах ыралара олоххо киирэллэр. Өбүгэтин ситимин тута сылдьар киһи ис кутунан дьиҥ билиини билэн, сэрэйэн, саҥа кэм билиитин утарылаһыыта суох толору ылынар. Алтыһыы кэмигэр эниэргийэ атастаһыыта барар, ол сырдык-ыраас эниэргийэ оҕолоргор, сиэннэргэр тиийэр. Олох киэҥ аартыгар саҥа үктэммит эдэр дьоҥҥо кэмигэр оҥоһуллубут сүбэ олус туһалаах. «Начало и конец. Кто неправильно застегнул первую пуговицу, тот уже не застегнется как следует», – диэн улуу Гете эппитигэр дылы, эдэр киһи олоххо маҥнайгы хардыытын сөпкө оҥороро олус улахан суолталаах.
Икки суол хайдыһыытыгар кэлэн турабыт. Бу аата тугуй? Оҕо сылдьан үөрүү эрэ үктэллээх, ыраас сырдык ыралаах оҕо саас хачыалларын туһунан «Кынаттаах хачыаллар» диэн ырыаны элбэх киһи ыллаабыта буолуо. Сибилигин икки суол хайдыһыытыгар кэлэн турабыт. Тыыммытын истэн, ис куппутунан салайтаран быһаарыныы ылынар Тыын кэммитигэр бэйэбит толкуйбутунан олорбоппут, тулалыыр эйгэбит, араас сүбэлэр, кыл түгэнэ уларыйар ис туруктар сабыдыалларыгар киирэрбит салгыҥҥа уйдаран биэтэҥниир хачыалы санатар. Үтүө сырдык эйгэ этэрин истэр түгэммитигэр кыырай халлааҥҥа өрө көтөн тахсабыт. Испитигэр үрүмэччилэр тэлээрэ үҥкүүлүүллэр, кэрэни түстүүллэр. Хараҥа муннуктан сэрэтэн, куттаан сибигинэйэр куоласка бас бэриннэхпитинэ, Тыыммыт уйата кыарыыр, хам тутар, харахпыт хараҥарар, саарбахтыыр санаалар саба халыйан кэлэллэр, эрэлбит сүтэр, хачыалбыт аллараа куугунуур. Тас эйгэ тоҥ сабыдыала хас сөкүүндэ, мүнүүтэ аайы дьайар. Киһи сааһыран истэҕин аайы олоҕуран хаалбыт толкуйун уларытара, араас дьаллыктартан босхолоноро уустугурар. “Кии буоларбыт дуу, киһи буоларбыт дуу” ыы муннубутугар ыган кэлбит быыһык кэмигэр түргэн сөптөөх быһаарыныыны ылынар олус улахан суолталаах.
Үйэттэн үйэҕэ киһи сирдээҕи олоҕун уустугурдар хатыланар халыыптартан босхолонор туһунан толкуйу тобуллахха, төлкө төлөрүйүөн сөп. Кэлэр кэнчээрибит кэскилин туһугар уһуктан, мунан-тэнэн бүтэн, Айыы таптал аартыгын арыйан, Таҥара диэки хайыһан, өбүгэбит күүһүгэр тирэҕирэн, аньыыбытын-харабытын боруостаан, сэти-сэлээни тохтотон, Аар айылҕабытыгар махтанан, Айыы сырдык сыдьаайын тарҕатан, саха буолан сандаарыаҕыҥ, киһи буолан килбэйиэҕиҥ!
– Махтал мааныта буоллун. Бу кэпсэтии үгүс сахабыт дьонун саргытын салайыстын, харахтарын арыйдын!