Кэлэр кэм идэлэригэр үөрэтэр киин
Балаҕан ыйын 1 күнүгэр Дьокуускай куорат Техническэй айар киинин баазатыгар «IT-куб» диэн цифровой үөрэх киинин үөрүүлээх аһыллыыта буолан ааспыта. Бу туох сыаллаах-соруктаах тэрилтэ буоларын билсээри, техническэй айар кииҥҥэ тиийэ сырыттым.
«IT-куб» диэн тугуй?
Бу информационнай технологиялар эйгэлэригэр актуальнай уонна ирдэнэр билиини, үөрүйэхтэри хаҥатыыга уонна информационнай технологиялары баһылыырга туһуламмыт бырагырааманан оҕолору үөрэтэр киин.
Национальнай бырайыак чэрчитинэн тэриллэн үлэлиир. Манна 7-тэн 18-гар диэри саастаах оҕолорго аныгылыы үөрэх тиһигин тэрийэллэр. Бэлиэтээн эттэххэ, үөрэнээччилэр IT-компетенцияларга буор босхо үөрэнэллэр.
IT ханнык салаатыгар үөрэтэллэр?
Кииҥҥэ оҕолор уопсайа аҕыс IT сатабылларыгар үөрэнэллэр:
«Основы алгоритмики и логики» – манна программирование уопсай өйдөбүлүн үөрэтэллэр. Бырагырааманы сатаан суруйар эрэ киһи инникитин бэйэтэ сыһыарыы, сайт оҥорор кыахтаах.
«Программирование на Python» – үөрэнээччилэргэ саамай судургу уонна өйдөнүмтүө Python бырагырааматын суруйарга үөрэтэллэр. Салгыы бэйэлэрэ ааптарыскай бырайыактаах дьон буолан тахсаллар.
«Мобильная разработка» – оҕо икки улахан үрдэли тахсан баран, мобильнай сыһыарыы оҥорор буолар. Ордук 9-10 кылаас үөрэнээччилэрэ сатаан таба тутталлар. Мобильнай сыһыарыы Java платформаҕа оҥоһуллар.
«VR/AR разработка», «Программирование Java», «Motion design» – 3D моделированиеҕа уонна оҥоһуктарын бырагыраамалааһыҥҥа ананар. Ону сэргэ сайдыы суолунан креативнайдык толкуйдуурга үөрэниэхтэрэ.
Саҥа таһым
Инфраструктура өттүнэн саҥа таһымҥа тахсыбыт, чахчы аныгы сайдыылаах куораттартан туох даҕаны уратыта суох эбит диэн бэлиэтии көрдүм. Хас кабинет ахсын үрдүк технологиялаах оборудованиелар тураллар.
Маны сэргэ, үөрэх бырагыраамалара билиҥҥи олохпутугар сөп түбэһэллэр. Тоҕо диэтэххэ, сайдыы балысханнык бара турар, олох-дьаһах барыта IT-ны кытта ситимнэннэ.
Саргылана Иванова, Дьокуускай куораттааҕы Техническэй айымньы киинин салайааччыта:
- «IT-куб» биһиги кииммитигэр структурнай салаа быһыытынан тэриллибитэ. Эбийиэк дьиэтэ хапытаалынай өрөмүөнүнэн сибээстээн Ломоносов уулуссатын, 37/1, үлэлии турар. Билигин «IT-куб» диэн цифровой үөрэх киинин педагогическай састааба толору тэрилиннэ, учууталларга федеральнай таһымнаах квалификацияларын үрдэтэр куурустар ыытылыннылар.
Дьарыктарга оҕолору эрэнэ күүтэбит
Алексей Попков, «IT- куб» цифровой үөрэх киинин салайааччыта:
– Биһиги кииммитигэр уһуйуллар оҕолор Java, Python курдук таһымнаах бырагыраамалары кытта сатаан үлэлиир буолуохтара, ону сэргэ БКЭ, ОГЭ да туттаралларыгар дьоһун суолталаах үөрүйэхтэри ылыахтара.
Алын кылаас оҕолоругар Scratch бырагырааматын үөрэтэбит. Scratch (Скретч) – бырагыраамалааһыҥҥа уонна оонньуулары оҥорууга визуальнай эйгэ. LEGO конструкторын санатар, кодтары суруйуох оннугар конструктор курдук хомуйан таһаараллар. Үөрэнээччилэр кыра эрдэхтэриттэн бырагыраама суруйан саҕалаатахтарына үрдүкү кылаастарга Scratch бырагырааматын баһылыахтаахтар. Бырагыраама уустук тылыгар улам көһөн иһэллэр. Ону сэргэ 3Д моделированиеҕа, Моушен дизайҥҥа үөрэтэбит.
Биһиги кииммит дэгиттэр дьоҕурдаах үөрэнээччилэрэ хас биирдии үөрэх кэрдииһигэр ылбыт билиилэрэ-көрүүлэрэ инникитин идэ талалларыгар тоҕоостоох буолуоҕа.
Күндү оҕолор уонна ытыктабыллаах төрөппүттэр! IT-куб киинигэр дьарыктаныаххытын баҕарар буоллаххытына, хайаан даҕаны программист идэтин ылаҕыт диэн буолбатах. Саамай сүрүнэ — аныгы үйэ сатабылларын баһылыаххыт. Эһигини "IT-куб" күүтэр!