05.10.2021 | 15:00

Кэлэр 10 сылга саамай ирдэнэр идэлэр

Ааптар: Айталина Софронова
Бөлөххө киир

Аныгы үйэ тэтимэ олус түргэн. Инники сайдыылаах олохпутугар толору квалификациялаах каадырдар наадалар. Ити сыалтан саҥа үлэ миэстэлэрэ тэриллэллэр, үөрэх кыһаларыгар саҥа факультеттар арыллаллар. 
Идэни сөптөөхтүк талыы киһи кэскилин быһаарар улахан суолталаах. Бу сырыыга кэлэр уон сылга үлэ ырыынагар ханнык исписэлиистэр ордук наадалаах буолуохтарын быһаарыахпыт.

 

Программистар

Техническэй тэрили кытта  үлэ уонна көмпүүтэр программалары оҥоруу билигин аан дойдуга барытыгар киэҥник тарҕанан турар. Хас иккис тэрилтэ бары программистка наадыйар буолаллара күүтүллэр. Манна туһаайан эттэххэ, киһи программированиеҕа үөрэнэн баран, бэйэтин бизнеһин тэриниэн эбэтэр ыраахтан олорон атын тэрилтэлэр үлэлэрин-хамнастарын салайыан сөп. Билигин даҕаны Арассыыйаҕа, аан дойдуга барытыгар айтишниктар тиийбэттэр.

Көмпүүтэр дьыалатын кытта сибээстээх идэлээх дьоҥҥо, бөдөҥ корпорацияларга, IT-хампаанньаларга, вэб-устуудьуйаларга үлэ ыһылла сытар буолуо диэн суруйаллар.

 

Быраастар

Быраастар эмиэ программистар курдук, аан дойду хайа баҕарар муннугар ирдэнэллэр. Үчүгэй исписэлиис буоларга диплом эрэ татым буолар. Салгыы үөрэнэргэ, куруук билиини-көрүүнү хаҥатарга, саҥаны тобуларга  дьулуһуохтаахпыт.

 

Сайдыы биир миэстэҕэ турбат – саҥа медицинскэй препараттар уонна медицинскэй тэриллэр күн-түүн айыллан тахса тураллар. Ол аата быраас бэйэтин билиитин, сатабылын кэҥэтэн иһиэхтээх, сайдыыны кытта тэҥҥэ айанныахтаах.

Ордук маннык быраастар ирдэнэллэрэ күүтүллэр:

Онколог;

Тиис бырааһа;

Ыарахан эпэрээссийэни оҥорор хирургтар;

Дьахтар бырааһа.

 

Инженердэр

Инженердэр араас буолаллар, холобур:

Инженер-электрик электрическэй ситимнэр бырайыактарынан дьарыктанар.

Инженер-технолог производственнай бырассыастары оптимизациялааһынынан дьарыктанар.

Бу идэ ханнык баҕарар усулуобуйаҕа уонна ханнык баҕарар кэмҥэ туттуллуон сөп. Инженердэргэ идэтийии олус элбэх уонна кэмиттэн кэмигэр сайдыы сиэринэн  саҥа саҕахтар тахса тураллар.

Архитектордар

Архитектор идэтэ инженер идэтин уонна айар үлэни кытта ыкса сибээстээх.

Архитектор кэлэр 10 сылга тугунан дьарыктаныай:

Дьиэни бырайыактыа;

Уулуссалары көҕөрдүө уонна ландшафтнай дизайны сайыннарыа;

Дьиэ ис барылын дизайннаан таһаарыа;

Исписэлиистэр чааһынай да, судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ да үлэлиэхтэрин сөп.

 

Вэб-дизайнердар

Вэб-бырайыактары (интеллектуальнай бородууксуйалар) олоххо киллэрэр исписэлиис. Судургу тылынан быһаардахха, вэб-дизайнер сайт хайдах көстүөхтээҕин, үлэлиэхтээҕин, тупсаҕай буолуутун иһин эппиэттиир.

 

Информационнай куттал суох буолуутун хааччыйар исписэлиис

Маннык идэлээх исписэлиистэр биэдэмистибэлээх тэрилтэлэргэ уонна коммерческай  салааларга наадалар. Кинилэр туһааннаах информация киэҥ эйгэҕэ тахсыбытын хонтуруоллууллар. Дойду стратегическай суолтатын уонна көмүскэнэр кыаҕын көрөллөр-истэллэр, кистэлэҥ дааннайдар сөптөөхтүк хараллалларын учуоттууллар.

 

Промышленнай альпинистар

Сиртэн хостонор баайдаах дойдуга саамай ирдэнэр уонна инники күөҥҥэ турар идэ. Кини сиртэн хостонор баайга, улахан тутуу тэрилтэлэригэр үлэлиир. Билиҥҥитэ Саха сиригэр маннык идэлээх киһи тарбахха баттанар. Онтон сиэттэрэн, промышленнай тэрилтэлэр Арассыыйа киин сирдэриттэн аҕалан дьону үлэлэтэллэр. Чэпчэки диэбэккин, ханныгын да иһин киһи олоҕун быһаарар идэ.

Роботехника салаатын исписэлиистэрэ

Илиинэн оҥоһуллар идэлэр аа-дьуо олохтон туораан эрэллэр. Оннооҕор дьиэбитин робот сууйар, робот репортердар, робот суоппардар, байыаннайдар, пилоттар кытта баар буолаллара күүтүллэр. Кинилэри, биллэн турар, дьоннор салайан үлэлэтэллэр, автоматизациялаан биэрэллэр.

 

Роботехника салаата идэтийбит каадырдарга наадыйар. Исписэлиис тиэхиньикэҕэ эрэ буолбакка, байыаннай эйгэҕэ эмиэ үлэлиэн сөп.

 

Экологтар

Промышленнай производство эбийиэктэригэр айылҕа көстүүлэрин сиһилии үөрэтэр уонна айылҕаҕа хайдах  сабыдыаллыырын үөрэтэр исписэлиис. Бары билэрбит курдук, туох барыта аан дойдуну аймыыр кыһалҕа айылҕа айгырааһыныттан тахсар. Ити коронавируспут, эҥинэ бэйэлээх амырыын ыарыыларбыт барыта ону кытта ситимнээх.

Эколог айылҕа тоҕо алдьанарын уонна радиоактивнай тобохтор төһө буортулаахтарын үөрэтэр. Олус интэриэһинэй идэ.

 

Нанотехнологтар

Бүгүҥҥү күҥҥэ нанотехнология араас салааларга туһаныллар:

Медицина;

Фармакология;

Тутуу;

Массыына оҥоруута.

Сотору кэминэн нанотехнологтар аска-үөлгэ, таҥаска-сапка уонна химическэй промышленноска үлэлиэхтэрэ, онон саҥа каадырдар үлэтэ суох хаалыахтара суоҕа.

 

Сити – фермердэр

Бу маҕаһыыҥҥа олохтоох оҥорон таһаарбыт бородууксуйаларбыт сүтэн хаалбаттарын туһугар эппиэттиир исписэлиис, куораттарга  агропромышленнай хаһаайыстыбалар кыһалҕаларынан дьарыктанар. Бу идэ тыа хаһаайыстыбатын инники сайдыытыгар күүскэ киирээри турар. Биллэрин курдук, куоракка сыл ахсын нэһилиэнньэ улаатыыта тэтимирэн иһэр.

 

ГМО-агроном

Генетическэй модифицированнай үүнээйилэри оҥоруунан уонна үөрэтиинэн дьарыктанар исписэлиис. Агроном идэтин хаттаан таһымҥа таһаарыыга, идэ наадалааҕын үөрэтиигэ кырата уонча сыл наада. ГМО-агроном геннай инженерия үлэтин кытта ыкса ситимнээх. Бу  исписэлиис тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ ньымаларын туһанан  искусственнай селекциянан дьарыктанар.

Маннык идэҕэ биоинформатика, биоинженерия факультеттарыгар үөрэниэххэ сөп. Аатыгар да баарын курдук, IT-ны кытта ыкса ситимнээх.

 

«Өйдөөх дьиэлэр» бырайыактарын оҥорооччу

Билиҥҥитэ бу  идэ эйгэтэ кэҥиир – “өйдөөх дьиэ” систиэмэтин технологията биир дьиэ эбэтэр кыбартыыра чэрчитинэн туһуланар.

Чопчулаан эттэххэ,  маннык дьиэлэри бырайыактааччылар дьиэ-уот инновационнай салаатынан, систиэмэтинэн дьарыктаналлар. Холобур, олох-дьаһах тиэхиньикэтин эбэтэр уунан хааччыйыы ситимигэр уларытыыны оҥороллор. Билиҥҥитэ маннык хабааннаах дьиэлэри олоххо көхтөөхтүк киллэрэн эрэллэр, аны уон сылынан «өйдөөх дьиэлэр”  биһиэхэ даҕаны тутуллан үлэҕэ киириэхтэрэ турдаҕа.

 

Тылбаасчыттар

Ырыынак экономиката аан дойду үрдүнэн предпринимателлэргэ бииргэ үлэлииргэ уонна мантан барыһы ыларга улахан кыаҕы биэрэр. Тоҕо инньэ диэтим диир буоллаххытына, инники уон сылга тас дойду аһа-үөлэ, бородууксуйата маҕаһыыннарга хамаҕатык киириэҕэ. Инньэ гынан, тылбаасчыттар предпринимателлэргэ үлэлииллэрэ ордук суолталаныаҕа. Тылбаасчыт түргэнник иһитиннэриилэри оҥорор, көннөрөр уонна атын тылынан тылбаастыыр буолуохтаах. Билигин аҥаардас тиэкистэри эрэ тылбаастыыр исписэлиистэр ыйга 100-200 тыһыынча солкуобайтан итэҕэһэ суох хамнастаах олороллор.

Тылбаасчыттар – аан дойду сыһыаннаһыыларын сорҕото. Онон идэ инникитин өссө ирдэнэр буолуоҕа.

 

Саха сиригэр үрдүк хамнастаах үлэ миэстэлэрэ

HeadHunter — үлэ уонна үлэһит көрдөөччү улахан сайт. 

Ааспыт нэдиэлэҕэ hh.ru сайт Саха сиригэр атырдьах ыйын көрдөрүүтүнэн хамнас Арассыыйа атын регионнарыттан 50 %-нан үрдүк диэн иһитиннэрдэ.

Бэлиэтээн эттэххэ, сыл саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр бу сайтка үлэ миэстэтин ахсаана 97 % -нан улааппыт. Орто хамнас регион үрдүнэн 74 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.

 

Идэлээх салааларга үлэ төлөбүрүн таһымынан лиидэрдэр бу курдуктар. Бастакы миэстэҕэ «сырьену хостооһун» – 97 тыһыынча солкуобай хамнастаах. Иккис миэстэҕэ – оҥорон таһаарыы – 92 тыһ.солк. Үһүс миэстэ – тутуу уонна хамсаабат баай-дуол салаатыгар үлэ, кинилэргэ орто хамнас   89 тыһыынча солкуобайга тэҥнэһэр.

 

Юристар  (50 тыһ. солк.), «спортивнай кулууптар, фитнес, кэрэ аҥаардар салоннара» (49 тыһ. солк.), «Искусство, айар үлэ» (45 тыһ. солк.).

 

Саамай үрдүк хамнаһы вахтовай ньыманан үлэлиир суоппардар ылаллар –  332 000 солк. Ирдэбиллэрэ: «D» категориялаах суоппар дастабырыанньата; пассажирдары таһыыга үлэ ыстааһа биир сылтан кыра буолуо суохтаах; тахограф каартатын (массыына бортовой ситимнэригэр уонна инженернэй ситимигэр холбонор прибор).

 

300 000 солк. хамнаһы алмааһы хостуур обогатительнай фабрика начаалынньыгар төлүүллэр.  Манна кини анал дуоһунаска үлэлээбит уопута 5 сылтан итэҕэһэ суох буолуохтаах.

 

Оттон БелАЗ75131 суоппарыгар үлэ биэрээччи 275 000- тэн 385 000 солк. хамнаһы көрөр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...