Кэбирэх сири билэр
Кутуйах эмиэ куһаҕаны түүйэр дииллэрэ кырдьык эбит. Ийэм үһүс оҕото сатамматаҕа.
Оччолорго улуус киинигэр төрүүр дьиэ эргэ мас дьиэ эбит. Балыыһаҕа киирэригэр тас таҥаһын туттарбыт.
Онтон оҕото сатаммакка, тахсарыгар сонун ылбыта, оруобуна иһинэн кутуйах сиэн кэбиспит. Отучча дьахтар таҥаһа баарыттан ийэм оҕото быыһамматын түүйэн, кини эрэ сонун булан кэбийбит! Дьэ, буоллаҕа!
Аны ийэм атаҕынан моһуогурарын кутуйах эмиэ ким хайа иннинэ билбитэ. Ол курдук, биир сыл ампаарга сыппыт саппыкытын иһигэр кутуйах төрөөбүт, ииктээбит-саахтаабыт этэ. Туох да диэбит иһин, чанчарык күтүр эбит. Киһи кыайан кэппэт буолуор диэри кэбилээбит.
Онтон эпэрээссийэлэниэн аҕай иннинэ кыһын кэтиэм диэн уурбут колготкаларын оруобуна атаҕын тобугуттан алларатын барытын кэбийбит этэ. Санаан көрүҥ, туох баар колготкатын! Дьэ, “үлэ-хамнас” күөстүү оргуйбут этэ. Кутуйах ити курдук киһи кэбирэх сирин билэр, ону кэбийэн сэрэтэр эбит.