19.03.2020 | 09:22

Кэбээйигэ спорт сайдар

Кэбээйигэ спорт сайдар
Ааптар: Галина СПИРИДОНОВА
Бөлөххө киир

Кулун тутар-муус устар ыйдар улуустарга спортивнай тэрээһиннэринэн ордук баай буолааччылар. Суол-иис тупсан, халлаан сылыйан даҕаны, улуустар, нэһилиэктэр икки ардыларыгар, өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күөн күрэстэр хаһааҥҥытааҕар да элбиир үгэстээхтэр.

Кэбээйи улууһун Кэбээйи нэһилиэгэ сэбиэскэй кэмҥэ Саха сирин биир спортивнай түөлбэтинэн биллэрэ. Үөрэнээччилэртэн, оскуола учууталларыттан саҕалаан, бөһүөлэк боростуой отчут-масчыт дьонугар тиийэ өрөспүүбүлүкэни нөҥүөлээн, Уһук Илик регионугар тиийэ таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыт, оройуоннарын ааһан, өрөспүүбүлүкэлэрин киэҥник ааттаппыт чаҕылхай кэмнэрэ баара.

Үүммүт 2020 сыл ити умнуллубат, кыайыы көтөллөөх кэмнэри санатар тэрээһиннэринэн ситэри буолла. Онно, биллэн турар, биир төрүөтүнэн икки сыллааҕыта предприниматель Игорь Терехов төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгэр 48х18 иэннээх, икки этээстээх аныгылыы тииптээх, толору хааччыллыылаах спортивнай комплексы дьэндэтэн таһаарбыта улахан оруоллаах. Ол күнтэн ыла нэһилиэккэ Наталья Сметанина дириэктэрдээх Оҕо спортивнай оскуолата тигинэччи үлэлиир, оҕолор сабыс-саҥа инвентарынан баай, киэҥ-куоҥ саалаҕа футбол, баскетбол, волейбол, тустуу, бокса, теннис о.д.а. көрүҥнэринэн баҕаран туран дьарыктанан, бастакы дьоһун олуктарын ууран эрэллэр.

Саҥа спортивнай комплекс улуус, өрөспүүбүлүкэ даҕаны таһымнаах бөдөҥ күрэхтэри кыайа-хото ыытар дьоһун балаһаакка аатын сүгэн эрэриттэн нэһилиэнньэ үөрүөн үөрэр, ыччат чөл олох суолун тутуһар усулуобуйата тэриллибититтэн бастатан туран тутааччыларга махтаныан махтанар.

Быйылгы 2020 сылга, ити курдук, бөдөҥнөрүн ааттаатахха, олунньу 13-15 күннэригэр тренер, олохтоох оскуола физкультураҕа учууталынан үлэлээбит, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Владимир Егорович Сметанин төрөөбүтэ 60 сылыгар аналлаах, кини сырдык кэриэһигэр көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ таһымнаах аһаҕас турнир буолан ааста. Күрэххэ Хаҥалас, Бүлүү, Өймөкөөн, Горнай улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан барыта 153 оҕо кэлэн кыттыыны ылан барда. Хамаандалары Петр Андреевич Сивцев, Егор Иннокентьевич Никоноров, Николай Николаевич Данилов, Владимир Николаевич Саввинов, Василий Васильевич Павлов, Эдуард Романович Никифоров, Михаил Васильевич Иванов курдук тренердэр, спорт маастардара, спорт маастардарыгар кандидаттар салайан илдьэ сырыттылар. Бу түһүлгэҕэ Советскай Союз спордун үтүөлээх маастара, Арассыыйа биэс төгүллээх чемпиона, Европа икки төгүллээх чемпиона Василий Николаевич

Гоголев, Дьааҥыттан төрүттээх Советскай Союз спордун маастара Михаил Васильевич Ноговицын, Арассыыйа спордун норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастара Александр Олегович Иванов, аан дойду таһымнаах судьуйа Алексей Егорович Мостахов, ССРС спортивнай комментатора Николай Озеров аатынан бэлиэ хаһаайына Александр Васильевич-Көрдүгэн уо.д.а. кэлэн көбүөр суолтатын таһымнаабыттара саарбахтаммат. Тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэринэн сүрүн бириис – «Alpha» матассыыкыл Бүлүү улууһун спортсмена Дмитрий Винокуровка тиксэн турар. Бу бирииһи Владимир Егорович Сметанин бииргэ төрөөбүттэрэ уонна ийэтэ туруорбуттар. Дима спортиҥҥа Арассыыйа икки төгүллээх чемпиона, сыалы ытыыга Арассыыйа спордун маастара, Кэбээйи биир кэскиллээх ыччата Николай Николаевич Кобяков туруорбут бирииһигэр тигистэ. Биир улахан бирииһи – телевизоры Владимир Егорович Сметанин ийэтинэн аймахтара Баишевтар туруорбуттарын хапсаҕайга абсолютнай чемпион, Дьокуускай куорат тустууга Артур Говоров ылан турар.

Бу кэннэ кулун тутар 5-6 күннэригэр нэһилиэккэ өссө биир өрөспүүбүлүкэ таһымнаах бөдөҥ күрэх буолан ааста – Арассыыйа салгын тырааныспарын туйгуна, СӨ авиациятын бэтэрээнэ, ССРС спордугар маастарга кандидат Иван Васильевич Терехов сырдык аатыгар оҕолорго боксаҕа турнир. Рингэҕэ бастыыр иһин 2002-2010 сыллааҕы төрүөх бухатыырдар күөн көрүстүлэр. Ол курдук, Кэбээйи курдук ыраах улууһу Амматтан, Горнайтан, Намтан, Хаҥаластан, Дьокуускай куораттан тиийэ 8 хамаанда ааттаан-суоллаан кэлбитэ нэһилиэк олохтоохторун үөрдүөн үөрдэр. Мииринэй күрэҕэ мэһэйдээбэтэҕэ буоллар, өссө Бүлүү, Сунтаар, Ньурба боксердара кэлэр баҕалаахтарын биллэрэ сылдьыбыттара. Маны сэргэ нэһилиэк историятыгар боксаҕа бастакы улахан түһэлгэнэн бэйэтин эҕэрдэтин СӨ боксаҕа федерациятын ситэриилээх дириэктэрэ Александр Индеев туһаайбыта, бочуоттаах ыалдьыт, тренер быһыытынан ССРС, Арассыыйа, Азия чемпиона, аан дойду боруонса призера, спорт маастара, Саха сиригэр тайскай боксаны бастакынан пропагандалаабыт аатырбыт Алексей Уваров бэйэтинэн кэлбитэ – кэбээйилэргэ, бокса курдук сахаҕа киэҥник тарҕана илик спорт көрүҥүн сөбүлээччилэргэ улахан чиэс, сайдыыга көҕүлүүр, кыайыыларга кынаттаар күүс.

Нэһилиэк саҥа спортивнай комплекса Иван Васильевич Терехов аатын сүгэринэн даҕаны, турниры кини төрөппүт уолаттара Игорь, Иннокентий, кыыһа Татьяна Тереховтар дьиэ кэргэттэрэ, кэргэнэ Мария Николаевна аҕаларын аатынан күрэх үрдүк таһымҥа ыытылларын хааччыйбыттарын кэлбит ыалдьыттар бары бэлиэтээн аастылар. Ол курдук, Иван Васильевич Терехов оҕолорун ааттарыттан телевизор бэлэхтэри 30 кг диэри ыйааһыннаахтарга Максим Кобяков (Кэбээйи), 38 кг Мирлан Дьяконов (Кэбээйи), 40 кг Дмитрий Оленов (Горнай) уонна Иван Терехов саамай ситиһиилэммит ыйааһыныгар 52 кг Рустам Ногнорутов (Сангар) туттулар. Тренердэргэ кууллаах соботтон, куобах курдук аныгы үйэҕэ күндү астан саҕалаан, кыттааччыларга, «Лучший боксер», “За красивый бой”, “За волю к победе”, “Самый техничный боксер”, “Перспективный боксер” о.д.а. курдук анал ааттар кыайыылаахтарыгар сыаналаах сертификаттар, харчынан ботуччу бириэмийэлэр туттарыллыбыттара, спорткомплекса инвентарь атыылаһарга сертификат анаммыта түһүлгэ кыттыылаахтара, көрөөччүлэр бары үөрүү көтөллөнөн, астыныы аргыстанан арахсалларын, аны икки сылынан өссө күүскэ бэлэмнэнэн көрсөллөрүн хааччыйбыта саарбахтаммат.

Ити кэннэ аны ааспыт эрэ өрөбүллэргэ нэһилиэккэ Спорт күннэрэ буолан аастылар. Ол курдук, Е.Е. Эверстов аатынан агроэкологическай хайысхалаах орто оскуолаҕа (дириэктэр А.Е. Обутова) – улуустааҕы дуобат күрэҕэ, И.В. Терехов аатынан спортивнай комплекска – волейбол күрэҕэ, нэһилиэккэ саха биатлонун историятыгар аан бастаан ыччаттарга Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, снайпер Иван Иванович Ефимов кэриэһигэр биатлон күрэхтэрэ ыытыллан, спорт кэрэҕэ, сырдыкка угуйар, норуоту сомоҕолуур кыаҕыгар итэҕэттилэр.

Кэбээйи нэһилиэгэ спорт киэҥ хонуутугар, Олимп үрдүк чыпчаалыгар ити курдук дьоһун хардыылары оҥорон эрэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...