24.11.2022 | 17:00

Кай Адамов уонна Андрей Васильев кытаанах киирсиилэрэ

Кай Адамов уонна Андрей Васильев кытаанах киирсиилэрэ
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

«Триумф» спорткомплекска XX үйэ дэгиттэр спортсмена, атах оонньуутугар Саха АССР, РСФСР  спордун маастара, волейболга Саха АССР икки төгүллээх чөмпүйүөнэ Андрей Андреевич Гаврильев кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирга бэрт сытыы, сэргэх илин-кэлин түсүһүүлэр буоллулар.  Дирбиэн-дарбаан музыка доҕуһуоллаах олуктаах ойуулар сэттэлии ойууга ыытылыннылар.  Маннык дьикти атах оонньуутун күрэхтэһиитэ “Сахаада-спорт” бэрэсидьиэннэрэ Александр Ким-Кимэн уонна Иннокентий Григорьев көҕүлээһиннэринэн саҥа форматынан тэрилиннэ.  

Дьахталлар, бэтэрээннэр

Былырыын Бэрдьигэстээххэ буолбут “Манчаары оонньууларыгар” бастаталаан, “Лада” массыынанан биһирэммит Валерия Олесова (Хаҥалас) бу да сырыыга үчүгэй туругар сылдьарын көрдөрдө: 24 м 59 см кылыйда, 24 м 29 см ыстаҥалаата, 18  м 82 см куобахтаата.

Соторутааҕыта бэтэрээннэргэ тахсыбыт, Саха сирин элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ, үс көрүҥ түмүгүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ 2012 с. 135 м 11 см олохтообут рекорда билигин да тыытыллыбакка турар Виталий Васильев (Ньурба) туһааннааҕынан, 25 м 70 см, 25 м 45 см, 22 м 29 см көрдөрүүлэрдээх абсолютнай чөмпүйүөнүнэн эрэллээхтик буолла.

Валерия Варламова (Булуҥ), Евгения Адамова (Уус Алдан); Андрей Захаров (Мэҥэ Хаҥалас), Максим Софронов (Нам) иккис-үһүс миэстэлэри ылаттаатылар.

Эр дьон

Күөгэйэр күннэригэр сылдьар, күннээн-күөнэхтээн ойор эр дьон, күүтүллүбүтүн курдук, үрдүк көрдөрүүлэринэн үөртүлэр. “Манчаары оонньууларын”  абсолютнай чөмпүйүөнэ, “ыстаҥа” рекордсмена Кай Адамов (Горнай-Чурапчы)  “кылыыга” 30 м 48 см көрдөрүүлээх бастаата. Күүстээх маастардар Яков Гаврильев (Кэбээйи) 29 м 51 см, Владислав Попов (Нам) 29 м 39 см түһүтэлээтилэр.

Кай Адамов бэйэтин “коронкатыгар” – “ыстаҥаҕа” 30 м 23 см түһэн эмиэ бастаата эрээри, Тааттаттан “куобах” рекордсмена Андрей Васильев холонуутун аайы көрдөрүүлэрин эбэн, 29 м 32 см кыырайан, кылыы, ыстаҥа күүстээх маастара  Яков Дмитриеви үһүс миэстэҕэ үтүрүйдэ.

Икки көрүҥ түмүгүнэн Кай Адамов утарсааччыларын балачча хааллартаан, бастаан иһэр. Абсолютнайы бүтэһик “куобах” көрүҥэ быһаарар.

Күүрээннээх «куобах»

“Куобах” көрүҥэ олох атын, күүс спордун көрүҥэ диэххэ сөп. Манна сис, тараһа былчыҥнара күүскэ үлэлииллэр. Ол да иһин мас тардыһааччылар, штанганан дьарыктанааччылар “куобахха” маастар нуорматын дэбигис толорооччулар. Сорох ыстаныы маастардара кылыылаах ыстаҥаны көтүтэн бараннар, анаан-минээн “куобахха” кытталлар.

Онон, дьэ, бу турнирга абсолютнай чөмпүйүөн аатын ылар иһин улахан музыка доҕуһуоллаах, “ыалдьааччылар” ыһыыларын-хаһыыларын ортотугар, бүтэһик көрүҥҥэ “куобах” финалыгар, кытаанах киирсиилэр Андрей Васильев уонна Кай Адамов икки ардыларыгар саҕаланнылар.

Икки көрүҥ түмүгүнэн Кай Адамов 2 м 86 см куотан иһэр. Омос санаан көрдөххө, улахан атыы курдук. Ол гынан баран, “куобах” хаһаайына уонна рекордсмена Андрей Васильевтан тугу баҕарар кэтэһиэххэ сөп. Оннук да буолла. Ким кыайарын атах оонньуутун билэр, сэҥээрэр көрөөччүлэр күрэхтэһии хаамыытын кыраҕытык кэтииллэр. Болҕомто барыта Адамовтаах Васильевка туһаайыллар.

Маҥнайгы холонууга  Андрей Васильев 27 м 33 см түспүтүн, Кай Адамов 24 м 95 см түһэн, арыттара кыччаан, чугаһаан, 48 см тэҥнэһэр. Васильев миэтэрэ аҥаара курдугу эптэҕинэ ситиэхтээх. Иккис холонууга Андрей Васильев өссө эбэр – 27 м 92 см түһэн өрөспүүбүлүкэ саҥа рекордун олохтуур уонна Адамовы 11 см куотар! Адамов төрдүс холонуутугар 25 м 38 см түһэн көрдөрүүтүн өссө эбэр уонна атыытын 32 см тиэрдэр, бэһис, алтыс холонууларыгар ити көрдөрүүтүгэр тиийбэт. Васильев  бүтэһик холонуутугар лоп курдук түөртүү миэтэрэлэринэн лабырҕатан, барыылаах барыыны барар – 28 м 05 см! “Куобахха” өтөр-наар ситиһиллибэтэх көрдөрүү!! Ити көрдөрүүтүнэн Андрей Васильев “куобахха” сэттэ ойууга өрөспүүбүлүкэ саҥа рекордун олохтоото! Ол гынан баран, Адамовка баара-суоҕа 16 см тиийбэтэ. “Куобахха” Андрей Васильев бастаата, Ньурбаттан Эрэл Тихонов иккис (26 м 08 см), үһүс Кай Адамов буоллулар.

Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ икки улахан маастардарын сытыы уонна тыҥааһыннаах куоталаһыыларыгар Кай Адамов үс көрүҥ түмүгүнэн  86 м 06 см көрдөрүүлээх абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын ылла. Иккис миэстэҕэ 85 м 90 см көрдөрүүлээх Андрей Васильев. Үһүс миэстэ – Яков Дмитриев.

Кай Адамов:

– Ыарахан соҕус күрэхтэһии буолла. Уолаттар эбиллэн, тупсан иһэллэр. Кыайыы туһугар туох баарбытынан кииристибит. “Куобахха” диэри ким кыайара биллибэт этэ. Андрей Васильев олох күүскэ эбиллибит. Мин дьарыгым үчүгэй этэ гынан баран, тымныйа сылдьабын. “Манчаары” ыраах, онон холку соҕуспун. Ыйааһыным үчүгэй, тутабын. Оҕолору дьарыктыыбын. Биир уолум  кандидаты толорбута. Артем Пермяков курдук үчүгэй оҕолоохпун.  Кыайыыбын аҕабар аныыбын, мин туспар наһаа долгуйар. Сүбэлиир, “рискуйдаама” диир. Бу турнирга миэстэлэспит тапталлаах кэргэмминиин хардарыта көмөлөсүһэбит. Атах оонньуута сайыннын, өссө да эбиллиэхпит, көрдөрүөхпүт. Тааттаҕа көрсүөхпүт.

 

Андрей Васильев:

– Турнир маннык форматынан бастакытын ыытылынна, дьон көрүүтүгэр интэриэһинэй. Музыка ыраах ойууларга көмөлөһөр дии санаатым. Музыкабын бэйэм талбытым. Тренерим Захар Евгеньевич Ефремов ыйыытынан-кэрдиитинэн дьарыгым үчүгэйдик баран иһэр. Үлэм быыһыгар бириэмэ булан дьарыктанабын. Бүгүн Кай Адамовтыын абытай киирсии буолла. ХИФУ спорка комплекстарыгар уонна “Модуҥҥа” эрчиллэбит. Сүрүн сыалым – дойдубар буолар “Манчаары оонньууларыгар” үчүгэйдик  бэлэмнэнэн тиийии. Кылыыбар, ыстаҥабар эбиллии, потенциал баар. Тиэхиньикэни таба туруоруу быһаарар оруоллаах. Эрэл Тихоновка куобаҕын туруоран биэрбиппэр сүрдээҕин эбилиннэ. Саха сиринээҕи физико-техническэй проблемалар Наукаларын академиятыгар исписэлииһинэн үлэлиибин. Үлэм түбүктээх буолан, спордунан дьарыктанарга мээһэйдиир. Кыайыыбын дьоммор, Таатталарга аныыбын. 12 туоска кыайыыга эрэнэбин.

 

Аныгы атах оонньуутун маастардара бэйэлэрин кыахтарыгар эрэллээхтэрэ үөрдэр. Көрдөрүүлэрэ үрдээн  иһэрэ сэҥээриини күүркэтэр. Турниры Андрей Андреевич Гаврильев кэргэнэ Тамара Прокопьевна, оҕолоро, сиэннэрэ кэлэн көрдүлэр, махталларын биллэрдилэр. Атах оонньуута үүнэр-сайдар кэскилэ киэҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...