31.03.2020 | 17:26

“Карантины” туһалаахтык атаарабыт

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Саргылана Ноева (Карманова) –  РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар проблемаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитэ, филол.н.к, икки оҕолоох ийэ:

– Аан дойду дьонун аймаабыт коронавирус ыарыыттан көмүскэнэн олорор кэмҥэ дьон араас туһалаах дьарыгы булар эбит. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ бу күһэлэҥ өрөбүллэр туһалаахтык аастынар диэн, дьиэҕэ хаайтаран да олордорбут, сэргэхсийэр араас ньыманы толкуйдуу сатыыбыт. Ол курдук уһуйааҥҥа сылдьар 5 уонна 7 саастаах оҕолорбор анаан "Ньургун уонна Айыына" диэн ютюб канал арыйдыбыт.

Каналбыт уратыта диэн кыра саастаах оҕолорго аналлаах, сахалыы саҥаны, тыл култууратын сайыннарарга туһаайыллар. Саха сирин дьикти кэрэ айылҕатын, Дьокуускайбыт, тыа сирин туһунан биэриилэри устуохпут. Куорат усулуобуйатыгар үөскээбит оҕолор буолан, ийэ тылларын ыраастык туттубаттар. Бэйэм тыл үөрэхтээҕэбин, онон төрөөбүт тылбыт чөл буоларыгар дууһабынан долгуйабын.

Билигин биэриибитин бэлэмнииргэ уоллаах кыыһым ыраастык сахалыы саҥара сатыыр буоллулар, чобуотук, сэргэхтик туттан-хаптан саҥарар сатабыллара эмиэ тупсубут курдук. Сарсын ханнык биэриини устарбытын, сценарийын куолаан толкуйдуубут. Боростуой төлөпүөнүнэн устабын, уһуларга, монтажтыырга саҥа үөрэнэ сылдьабын.

Бэйэм айылҕаны хаартыскаҕа түһэрэрбин сөбүлүүбүн. Ол хаартыскаларбын билигин кэлэн хата дэлби туһанным. Оҕолорум уонна атын кыра көрөөччүлэрбит тулалыыр эйгэни билиилэрэ-көрүүлэрэ элбииригэр, айылҕаны кытта ситимнэрэ быстыбатыгар, сахалыы чөл куттаах буолалларыгар каналбыт көмөлөөх буолуо этэ дии саныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Тускар туһан | 17.10.2024 | 12:00
Биэнсийэ туһунан тугу билиэххэ?
Судаарыстыба социальнай өттүнэн көмүскэлэ суох нэһилиэнньэҕэ араас суол чэпчэтиилэри көрөр. Оттон ону бары билэбит, бырааппытын толору туһанабыт дуо?  Мантан аллара биэнсийэ уонна онно сыһыаннаах уларыйыылар, чэпчэтиилэр тустарынан санатыһан, быһаарсан ааһыаҕыҥ.   Үлэлиир уонна үлэлээбэт киһи биэнсийэтэ Биэнсийэ күннээҕи наадыйыыны толуйбатын быһыытынан, сынньалаҥҥа тахсан да баран салгыы үлэлии хаалааччы үгүс. Оччотугар кинилэр,...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Сонуннар | 18.10.2024 | 14:00
Дьадаҥыгын дуу, баайгын дуу?
Арассыыйа олохтоохторо киһи ыйы холкутук туорууругар төһө харчы наада буолар сууматын ыйбыттар. Онуоха анаан ыйытык ыытан чинчийии оҥорбуттарын бу соторутааҕыта социальнай ситимнэргэ бэчээттээтилэр. Оттон биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ыйбытын  төһө хамнастаах, харчылаах киһи аччыктаабакка туоруон сөбүн, дьоллоохтук олорорго төһө суума наадатын аҕыйах киһиттэн ыйыталастыбыт.   Киэҥ Арассыыйа олохтоохторо, үлэһит киһи ыйга 43 тыһыынчаттан...