18.03.2022 | 12:00

«Күһүҥҥү ырыа» кимиэхэ анаммытай?

«Күһүҥҥү ырыа» кимиэхэ анаммытай?
Ааптар: Людмила Баишева-Федорова
Бөлөххө киир

Кулун тутар 15 күнүгэр саха норуодунай поэта Михаил Тимофеев төрөөбүтэ 90 сыла туолла.

Мин алын кылааска үөрэнэ сырыттахпына, дьикти курус ырыа баар буолла. Хайдах эрэ саха ырыатыттан атын. Киһи сүргэтин баттыыр, сүрэххин хам тутар. Киэһэ, күнүс араадьыйанан, тэлэбиисэринэн санньыардык иһиллэр.

 

Ол Михаил Тимофеев тылларыгар, композитор Герман Комраков мелодиятыгар “Күһүҥҥү ырыа” диэн элегия этэ.

Өссө мэҥэһиннэрэ "уос номохтоох" – ити эдэркээн поэт уол  табыллыбатах тапталын туһунан хоһуйбут, таптыыр кыыһа быраас, дьону быыһыы сылдьан ууга дэҥнэнэн бэйэтэ суорума суолламмыт үһү диэн. Тоҕо эрэ итинник кэпсэл өр сылларга баара.

Арааһа,  билигин санаатахха, хоһооҥҥо “баарыҥ дии”, “кэриэстээн” диэн тыллардааҕын  уонна музыката олус куруһун, мэктиэтигэр, дууһа кыланыытыныы иһиллэрин иһин буолуо...

 

Онтон хойут биирдэ поэт огдообото Александра Константиновна эрэдээксийэҕэ эрийбитигэр, өйдөөбүччэ, ыйыттым – Михаил Елисеевич ити хоһоону хаһан айбытай, кимиэхэ анаабытай диэн. Онуоха кини: “Ити миэхэ анаабыта. Биһиги кинилиин куорат таһыгар Сынньалаҥ дьиэтигэр билсибиппит. Кини доруобуйатынан аһаах буолан, күһүн аайы киирэн эмтэнэн, сынньанан сэниэ ылар эбит этэ... Мин буоллаҕына биирдэ эрэ киирдэҕим дии: эһиилигэр аттыгар баар буолуохпун, көрүөн баҕарбыт быһыылаах. Ахтыбыт иэйиитин айымньытыгар куппут...

Биһиги, урукку көлүөнэ кыргыттар, уолаттар, хас да сыл билсэн баран  холбоһорбут. Ол иһин кэргэннии олохпут бигэ, чиҥ буолара”, – диэн сүр холкутук уонна бэрт судургутук быһааран кэбиспитэ.

   

Онон, бу ис хоһоонунан даҕаны, музыкатынан даҕаны олус дьүөрэлэспит (гармониялаах), саха ырыатын эйгэтигэр ойуччу элегия айыллыбыт устуоруйата итинник.

 

КҮҺҮҤҤҮ ЫРЫА

Ыраахтан ыллыыр ырыабын

Ыйдаҥа киэһэ ыытабын,

Эйигин саныы-саныыбын,

Элгээни кыйа хаамабын.

 

Кэм-кэрдии түргэн да эбит:

Күһүммүт номнуо эргийбит.

Саһарбыт хатыҥ лабаата

Сэбирдэх кыымын тамнаата.

 

Былырыын күһүн баччаҕа

Баарыҥ дии эн бу чагдаҕа,

Тыыланан иһэн ыллыыргын,

Тыыммакка, истэр буоларым.

 

Ол онтон маҥнай тэппитэ

Сүрэхпэр таптал иэйиитэ!

Ол онтон куорсун аспыта

Ыҥырар музам ымыыта.

 

Көмүһүөм, бүгүн ол тыабын

Кэриэстээн кэлэн турабын.

Эйигин саныы-саныыбын,

Элгээҥҥэ тааһы тамныыбын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Сонуннар | 29.08.2024 | 14:00
Түөһэйии элбээн иһэрэ дьиксиннэрэр...
Билиҥҥи олох балысхан сайдыыта үчүгэй өрүтэ элбэх эрээри, киһи олоҕор, доруобуйатыгар хоромньута эмиэ хара баһаам. «Доруобуйа» балаһабыт бүгүҥҥү тиэмэтэ – өй-мэйии үлэтэ, болҕомтолоох эбэтэр умнуган буолуу, сыыһа-халты тыллары туттуу, түөһэйии. Бу туһунан 3-с нүөмэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа «Кабинет памяти» иһинэн үлэлиир исписэлиистэр – невролог быраас Виктория Николаевна Местникова уонна медицинскэй...
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьон | 05.09.2024 | 10:00
Герман Отов: «Пригороднай аныгылыы улахан бөһүөлэк буолар чинчилээх...»
Дьокуускай куорат уокуругар куорат таһынааҕы – Кангалаас, Маҕан, Марха, Тулагы, Табаҕа, Владимировка, Хатас уонна Пригороднай нэһилиэктэрэ киирэллэр. Биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт – 2000-2005 сылларга «Пригороднай сэлиэнньэтэ» муниципальнай тэриллии баһылыгынан үлэлээбит СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, Ас-үөл индустриятын туйгуна, СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах мецената Герман Егорович Отов. Кинини кытта  кэпсэтиибитин Пригороднай нэһилиэк историятыгар туһаайдыбыт.  ...
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:24
Баһылык Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрүстэ
Атырдьах ыйын 26 күнүгэр киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Строительнай уокурук олохтоохторун кытта көрсөн, Дьокуускай маастар-былаанын олоххо киллэрии хаамыытын кэпсээтэ, ыйытыыларга хоруйдаата. 2030 сылга диэри маастар-былаан иитинэн куорат бу уокуругар тиэргэннэри тупсарыы үлэтэ ыытыллыахтаах, хаарбах туруктаах 253 элбэх кыбартыыралаах дьиэ олохтоохторо көһөрүллүөхтээхтэр, 240 миэстэлээх Физико-техническэй лицей эбии дьиэтэ тутуллуохтаах, ону...
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Сонуннар | 27.08.2024 | 15:22
«Якутск вдохновляет» күрэххэ кыттыҥ!
Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтата уонна «Саха» НКИХ киин куорат төрүттэммитэ 392 сылыгар аналлаах «Якутск вдохновляет» хаартыска күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥыраллар.  Манна 14-тэн үөһэ саастаах Саха сирин олохтоохторо 5 номинацияҕа биирдии үлэнэн кыттыахтарын сөп: - «Якутск исторический» – 19-20-с үйэтээҕи куорат эйгэтин уонна олохтоохторун көрдөрөр история эбэтэр архыып хаартыскалара; - «Городская жизнь»...