25.03.2023 | 15:57

Үҥкүү тула кэпсэтии

(“Терпсихора бырааһынньыгар” “Кыталык” РФ норуотун айымньытын үтүөлээх кэлэктиибин салайааччыта В.П. Винокуровы кытта сэһэргэһии)
Үҥкүү тула кэпсэтии
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Дьокуускай куорат уокуруктааҕы Норуот айымньытын киинин “Тускул” КК  ыытар “Терпсихора бырааһынньыга” үбүлүөйдээх сылыгар биир күүтүүлээх-кэтэһиилээх, санаабытын өрө көтөхпүт, үөрдүбүт, саханы аан дойду туонатыгар аатырдыбыт, чахчыта, аҕыс кырыылаах талаанын күлүмнэтэ оонньоппут “Кыталык ” ансаамбыл 13-тэн 70 саастарын ааһыахтарыгар диэри 6 бөлөҕүн кэлиитэ буолла. Биһиги маннык түгэни мүлчү туппакка, Василий Павлович Винокуровы кытта сэһэргэстибит.  Кини,  этэргэ дылы, дьиҥ-чахчы олох тыгыалас тымырын тута сылдьар, сэбэрэлиин сэргэх, туттардыын-хаптардыын чэгиэн, чэбдик, уурбут-туппут курдук тыллаах-өстөөх, кэпсэтэргэ-сэһэргэһэргэ  бэлэм, куруутун ис туругун тута сылдьар дьоһун киһи. Кэпсэтиибит үҥкүү тула буолла. 


-    Василий Павлович, эйигин, эн айар-тутар суолгун билэр киһи эрэ барыта үлэҥ-хамнаһыҥ биир уратыта айымньыларгар (туруорбут үҥкүүлэргэр) эр киһи оруола, эр киһи уобараһа үгүстүк баар диэн махтана саныыбыт. Манна эн туох санаалааххын? 
-    Эр киһи диэ... Эр киһи уобараһа, оруола мин үлэбэр ураты суолтаны ыларыгар төрдүн-төбөтүн  улуу киһибит Уустаах Избеков оҥорбута. Кинини кытта ыкса сибээстээх үлэлии сылдьан, “Буойуттар үҥкүүлэрэ” төрөөбүтэ уонна сонно тута  көрөөччү да, толорооччу да  болҕомтотун, биһирэбилин ылбыта. Этэр курдук, “Кыталык” сирэйэ буолбута уонна күн бүгүҥҥүгэ диэри репертуарбытыгар баар. Эр киһилээх үҥкүү куруутун ураты ис туруктаах, бөҕө санаалаах буолар. Орто дойдуга олох баарын тухары эр киһи булар-талар, аһатар-сиэтэр, олох төрдүн тутар, кини баар буоллаҕына ичигэс, ил эйэ тыына баар, бэйэҕэ эрэл үрдүүр. Ол айылҕа суруллубатах сокуона. Кэрэ аҥаар хайдахтаах да курдук кэрэтик, кыраһыабайдык үҥкүүлээтэҕинэ, кини оннук буолуохтаах диэн курдук ылыныы баар, ол кистэл буолбатах. Оттон эр киһи таҕыста да, атын санаа киирэр, нүөмэр (үҥкүү) толору, ситэри буола түһэр. Уопсайынан, үҥкүү туруга  киһиэхэ олох хайа баҕарар хайысхатыгар наада. Чэ, холобура спорка, кыайыы туһугар, турук туһугар үҥкүү тэтимин тута сылдьар омуктар кыайар-хотор түгэннэрэ аҕыйаҕа суох. Хайа омуктара олох кыра эрдэхтэриттэн астынан туран лезгинкаларын сүрэхтэригэр, дууһаларыгар илдьэ сылдьаллар, онтукаҥ, атыннык эттэххэ, норуоттарын кодун илдьэ сылдьаллар, о.э биһиэхэ оһуохай тэтимэ, оһуохай тыына, хамсаныыта буолуо.


-    Мэҥэ Хаҥалас диэтиҥ да, үҥкүү, үҥкүү диэтиҥ да, Мэҥэ Хаҥалас диэн өйдөбүл баар. Аны онтукаҥ бастыҥ, чулуу диэн эбиликтээх. Бу төрдө-төбөтө ханна баарый, биричиинэтэ туохханый? 
-    Оо, үтүө тылларгар махтал. Ол өйдөбүл олохсуйуутугар “Кыталык” оруола сүрдээх улахан дии саныыбын. Олох кыра эрдэҕиттэн үрдүк хаачыстыбалаах, үрдүк таһымнаах үҥкүүнү көрө үөрэммит, ол үҥкүү  тыыныгар иитиллибит киһи куруутун тардыһардаах, эккирэтэрдээх буолар. Хайа уонна 1958 сылтан ыытыллар спорт уонна култуура эстафетата бэйэтин оруолун оонньоотоҕо дии. Бу тэрээһини, бэл диэтэр, судаарыстыба тутулугар тахсыбыт тосту уларыйыылар кэмнэригэр нэһилиэнньэ көрдөһүүтүнэн, туруорсуутунан   тохтоппотохторо, аны музыкальнай оскуолалар уо.д.а. кылааттарын эбэн кэбис.


-    Таһым диэтиҥ дии. Таһым диэн, дьэ, кырдьык, наһаа наадалаах өйдөбүл. Хайа да тэрээһин буоллун, таһымнаах, хаачыстыбалаах буолуу ирдэниллэр. Дьэ ол таһым кыттааччылартан, дьүүллүүр сүбэттэн тутулуктаах. Эһиги биһиэхэ кэлэн кыттан, тэрээһиммит таһымын үрдэппиккитигэр махтанан туран,  “Терпсихора бырааһынньыгын” туһунан кэпсэтиэххэ.
-    Оннук. Бу тэрээһин үҥкүү эйгэтигэр биллэр. Мин ордук маны Лариса Егоровна Бурцева нөҥүө билэбин. Лариса уруккуттан сүрдээх холку, олохтоох өйдөөх, дьоһун киһи. Санаабар, бу тэрээһин кини бэйэтин курдук, көрдөххө оргууй-наллаан курдук эрээри, туох да улахан күүркэтиитэ,аймалҕана, айдаана суох кэҥээн, дириҥээн, таһыма үрдээн таҕыста. Онно хомуллубут хамаанда биир тыыҥҥа, биир тэтимҥэ сылдьарын оруола улахан буоллаҕа. Ити дьүүллүүр сүбэ туһунан олох сөпкө эттиҥ, төһөнөн дьүүллүүр сүбэ үлэтин таһыма үрдүк, чиэһинэй, дьэҥкэ, соччонон күрэх уһун үйэлээх, сайдыылаах-үүнүүлээх. 
-    Василий Павлович, дириҥ ис хоһоонноох сэһэниҥ-кэпсээниҥ иһин махтал. Аныгыс көрсүөххэ диэри. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...