06.06.2020 | 10:06

Көтүтэр Көстөкүүн

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

1973 с. Өрөспүүбүлүкэ чемпионата. 57 кг финал. Константин  Луковцев (хаҥас) бүтэһик сөкүүндэлэргэ диэри хотторон испитэ. Иккиэн бииргэ сулууспалаабыттара. Оччоттон  туох албастаахтарын билэллэрэ бэрт, дук гыннарсаллар эрэ, хайата тугу оҥороору гыммытын сэрэйэн утары хамсанар. ССРС икки төгүллээх чемпиона Гавриил Дмитриев (уҥа) инитин Роман Дмитриевы уонна да атыттары ыраастык бырахпыт, бэйэтэ эрэ сатыыр албаһыгар ыларга дьулуһарыгар киирэн биэриэ баара дуо? Ол эрээри... бу да сырыыга Куоста элэс гыннаран аатырбыт хоһуун – көҥүл боотуру “коронкатынан” тиэрэ таһылыннарбыта. Кыһыл көмүһү былдьаабыта.       

Константин Луковцевка саҥа аат биэрдим. Аны Көтүтэр Көстөкүүн диэтим. Дойдутугар Маастар Куоста, тустуу эйгэтигэр Лукас дииллэрэ.  Кини бэйэтэ эрэ сатаан туттар быраҕыытынан  элбэх чулуулары  санныларын хаптаҕайдарынан  ыраастык түһэрбитинэн сөхтөрбүтэ.  Онуоха киниэхэ хотторбуттар, хом барбакка, сэрэхтээх буоларга үөрэппитигэр, эрчиллиилэрин күүһүрдэн, улахан кыайыыларга олук оҥостубуттарыгар махтаналлар.

Хэндэ хох!!!

Тбилиси спортсаалатыгар үс көбүөрүнэн тустуу буола турар. Манна грузинныы акценнаах куоластаах диктор эҥин эгэлгэ дьээбэлээхтик комментарийдыыр. Ол аайы саала күлсүүнэн ньиргийэ түһэр. Кавказецтар  күллэрэри-үөрэри сатыыр дьон. Тустууну олус сөбүлүүллэр. Эбиитин бу астынар диктордара комментатордыырын истэн, ыраахтан-чугастан уораҕайы толору мустубуттар.  Диктор, мааҕыттан бэлэһин муҥунан хаһыытыы олорон, куолаһын сэрэммиттии аччатта:

– 52 кг. Нэ ковер вызываэтсэ пэрэдстэвитэл хамаанды Гурузии...

Олохтоохтор дьиибэргээтилэр. Дойдуларын аатын ньиргиэрдээхтик дуораһытааччы. Тоҕо сэрэннэ? Өссө тохтоон (паузалаан) олорор. Минньитэр дьүһүнэ дуу? Кэтэһиннэрэ түһэн баран салҕаата:

– Солдат Советскай армии Константин Луковцев. У него в анкете на графе  “самая большие достижения” только адын запись... – эмиэ тохтоото, куолаһын өссө аччатта, –“ чемпион Алексеевки”.

Куоста ити биллэриини соччо сөбүлээбэтэ. Дойдутун ааттатаары гыммыта ити баар.

Саалаҕа күлсүү тоҕо барда. Грузинныы цк-хрр-брр-кр дэһии бөҕө саҕаланна. Билбэт истээччи кыыһырсаары гыннылар дуу диэн сэрэхэчийиэ.  Таптаһаллара, көннөрү кэпсэтэллэрэ да итинник ээ.

–Ээ, Грузия ханнык Алексеевкатыгар  сулууспалыыр уол буоллаҕай? (Итинник ааттаах Тбилиси аттыгар икки бөһүөлэк баар.—Ааптар И.У.) 

– Биһиэхэ итинник азиат көстө илик, эһигиттэн буолуо, – дэһиспиттэрэ.

Анараа муннуктан Германия былаахтаах спортивнай көстүүмнээх тренердэр киинэҕэ көстөр фюрер эписиэрин курдук көкөтү киллэрдилэр. 

–Оо, Грузия чиэһин көмүскүүр Сэбиэскэй саллааты немец дьиэбитигэр күрүлүүр күнүс бачча элбэх дьон ортотугар тараччы туттаҕына дьэ, саат дии, – кавказецтар оккупацияҕа олоро сылдьыбыттарын санаан ыллылар. Баҕар,  немеһи утары күүстээх тустуук киирбитэ буоллар, син биир кыайыа диэн оччо кыһаныа суох этилэр. Баара-суоҕа оройуон эрэ чемпиона, тоҕо саллааты киллэрэн ити үлүгэрдээх немецкэ өлөттөрө оонньоотулар. Грузия, ССРС аатын алдьатаары. 

Хорунан хаһыытаан киирэн бардылар:

– Советский боец, вперед!!!! За Родину! За Сталина! Только вперед, ни полшагу назад!!!

Хапсыһыы саҕаланарын кытта бөҕөстөр итинник ыһыыттан иккиэн да дойдуларын түһэн биэрбэт, кыайар туһугар тута кимиигэ киирдилэр. Түсүһүү да түсүһүү. Ол аайы:

– Впере-ед!!! Вперед!!! Только вперед! Костя, дабаай! – ыһыы-хаһыы тохтоло суох ньиргийэ доҕуһуоллуур.

Күрэхтэһиигэ бэлэмнэниигэ Куоста “короннай” баар-суох албаһын хат-хат көрдөр диэччи элбэҕэ. Немецтэр эмиэ бааллара. Бу Вилли Боск эмиэ үөрэппит. Илиитигэр күүстээх, Куоста албаһыгар ылаары гыннар эрэ, сордоҥ курдук мөхсөн куотар. 

Куоста көрбүт киинэлэригэр немеһи тутар Сэбиэскэй саллаат уобараһыгар киирдэ. Онтон таптыыр суруйааччыта Тимофей Сметанин дьоруойун Егор Чээрини санаат, утарсааччытыгар уҥа  ытыһын бэстилиэттии икки тарбаҕынан ”уостаата”. Онтон “бэстилиэтинэн” немецкэ сирэйигэр тириирдии утары аста:

–Хэндэ хох (немецтии “илиигин өрө уун”)!!! – диэбитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла. Киһитэ да, тула баар  дьон да соһуйдулар.

Киинэҕэ элбэхтик истэр этиилэринэн хаһыытаабытын өйдөөн үөрдүлэр:

– Хэндэ хох!!!! Хэндэ хох!!! – хорунан хаһыытаатылар. Ол доҕуһуолугар сэбиэскэй саллаат немеһи өттүктээн түһэрдэ уонна:

– Хэндэ хох! Хэндэ хоох! – дии-дии хам баттаан кэбистэ. Арбитр Куоста илиитин өрө көтөҕөр кэмигэр комментаторбыт куолаһа дьэ дьөлгөрүйдэ:

– За 4 мөнүүтү тиридисэт сөкүүн  Пэбеды пэрэнес длэ грузинской хамаанды Советский солдат Константин Луковцэ-эп!!! Бөсүөлэк Алексеевкэ!!! 

–Гут! Гут! (немецтии “үчүгэй-үчүгэй”). Бэрт да бэрт! Ура-а! Ура-ура! Урра-аа!!!

Грузинныы хрр-хар-хурр саҥа, дьээбэҕэ тиллии, бензиҥҥэ уоту ыспыттыы, сирдьигинии түстэ:

– Гитлер капут! Гитлер капут!

– Саллааппыт өстөөҕү бэркэ тутта. Билиэн ылыаҕыҥ. Наручникта биэрэ охсуҥ.

– Ээ, чэ, наһаалаамаҥ. Ити доҕордуу социалистическай  ГДР спортсмена ээ.

– Ээ, баҕар, Фюрер үспүйүөнэ кубулуна сылдьара буолуо. Доппуруостуохха. 

Мааҕын кыайтарыа диэн сэрэнэн: “Биһиги Алексеевкабытыгар итинник киһи суох”, – дэһэ олорбуттара, аны:

– Ити биһиги Алексеевкабыт уола, – диэн былдьаһан киирэн бардылар. Ол биир дойдулаах оҥостор баҕалаахтар Куостаны батыһа сылдьаллар, Саха сирин Алексеевскай оройуонуттан төрүттээхпин диэтэр эрэ:

– Инньэ диэмэ, – сапсыйаллар, –  Бардыбыт. Эй, эй, зэмэлэк, зэмэлэк, дойдубар-дьоммор Алексеевкабар барабын диэ. Биһиги палаваммыт (тустуукпут) диэн киэптиэхпит, киэн туттуохпут. Мантан чугас олоробут. Бараан баһын быһыахпыт. Шашлыктыахпыт. Чооскуну чооскунан буһарыахпыт. Грузинскай куукунаҕа тэҥнээх ханна да суох. Хинкалины, хачапурины, чахохбилины алексеевкалар курдук минньигэстик астааччылар суохтар. Остуол хотойорунан ууруохпут. Тугу иһиэххин баҕараҕын: Чачаны-коньягы? Хвачкараны-Ркцателины? Тбилисурины-Мусуканины? Винограднай арааһа – подвал толору. Тугу эппиккин таһаарыахпыт.   Сэттэ куолаһынан ырыа иһитиннэриэхпит. Уоттаах тостары этиэхпит, хотойдуу-кубалыы үҥкүүлүөхпүт. Саамай кырасаабыссалар биһиэхэ бааллар. Кэрэттэн-кэрэни талбыккын ойох биэриэхпит, – ыҥырыы бөҕөлөр. Оо, грузинскай ыалдьыттатыы диэн абытай. Ити эппиттэрин тааҕы-таах толороллор.  

Куоста, күүстэринэн илдьэ барыахтара диэн, сахаларын саппай уопса куотар. Кини анкетаҕа биир эрэ ситиһиитин “Чемпион Алексеевского района” диэн суруйбутун уолаттара мөхпүттэрэ.

– Быйыл итинтэн атын күрэхтэһиим суох ээ.

–Эс, сыл саҥа саҕаланна. Тохсунньу да бүтэ илик. Бу да киһи, анкетаҕа харахтарыгар хатанары үйэҕэр саамайгын суруйуохтаах буоллаҕыҥ. Аахтахтарына, наһаа кыра титуллаах диэн:

–Тэбе нэлзэ! Нэ мэшэй! – диэн  саалаҕа да аһарбакка, туора турдахтарына да көҥүллэрэ. Саатар  “двукратный чемпион Дальнего Востока, дважды призер Вооруженных сил СССР’’ диэххин. Ону да: “Па, маннык аан дойду аччыгый чемпионатынан аатырар сүдү түһүлгэ, хонтуруолунайыгар даҕаны хайдах кыттаары гынаҕын?” – диэтэхтэринэ тугу булан ылыаххыный?  

Хата, Куоста табыллар быатыгар, ини-бии Роман, Гавриил Дмитриевтэр  улуу тренердэрэ Сергей Андреевич Преображенскай урут армеецтар кулууптарыгар (ЦСКА) ыҥыра сылдьыбыт саллаатын көрөн, эрчиллиигэ батыһыннаран илдьибитэ, холоһууларга быһа киллэрбитэ. Ол онтон ыла бу грузиннар бэйэлэрин Алексеевкаларын палавана оҥосто сатыахтарыгар диэри куттарын тутта. Оннооҕор американецтар 200-чэ кг ыйааһыннаах Крис Тейлор, Гейбл курдук сулустарын  илдьэ кэлбиттэрин үрдүнэн Куоста кинилэртэн итэҕэһэ суох болҕомтоҕо киирбитэ.

Фавориттары бэчээт оҥостуу

Хонтуруоллуур хапсыһыыларга 52 кг сүрүн фаворит дэниллибит Александр Иванов ыҥырыллыбытыгар бары ол диэки хайыспыттара. Куоста эппилиэттээх киитэлин, саппыкытын, галифетын устан киирбитигэр аанньа ахтыбатахтара.

Фаворит, утарсааччытыгар оччо ыксаабакка, чугас үктүү сылдьар атаҕын диэки төҥкөйбүтэ. Киһитэ ким да, хаһан да көрдөрбөтөх хамсаныытынан, икки илиитин дугдус гынан эрээччини хонноҕун анныттан өрө охсон иһэн, эмискэ эргичис гынан өттүктээбитигэр, Александр атаҕа адаарыйбытынан, көбүөр муннугар баран, көхсүнэн тиэрэ таһыллыбыта. Хонтуруолунай хапсыһыыга ыраас кыайыы оннугар түөрт баал бэриллэр. Ол кэннэ тоҕус мүнүүтэ толору тустуохтаахтар. Саллаакка бу манна алҕас түбэһиннэрдэҕэ диэн оччо кыһамматахтара. Иванов билигин кинини үчүгэй аҕайдык тамныа дии санаабыттара. Төттөрү буолбута. Түмсүү дебютана фавориты чуучула оҥостон, “короннай” албаһын көрдөрөр ”маастар-кылаас” уруогун биэрбитэ.

Фаворит иккис киириитигэр Куостаҕа ыраах тирэнэр атаҕар ыстаммыта. Дебютант эмиэ мааҕыҥҥытын курдук бырахпыта. Тыый, өттүгү үгүстэр уҥа эбэтэр хаҥас диэки сатаан быраҕааччылар. Бу саллаат икки өттүгэр дэгиттэр эбит. Дьэ, аны кинини сэргээһин буолла.

Иванов уопут бөҕө, киириитин уларытан иһэр. Киһитэ олох билиммэт. Тугун сүрэй? Фаворит саллааты икки атаҕыттан кыаһылыы ылла. Бу сырыыга баҕас, силлибэттии сиҥнэрэр ини. Бай, аны үһүс муннукка көтүттэ (оччолорго көбүөр квадрат этэ).  Туох алдьархайай? Ханна сылдьыбыт киһиний? – соһуйуу-өмүрүү өссө элбээтэ.  Аны Александр адьас  аллараанан көбүөр үрдүнэн сыста кэриэтэ тилэҕэр түстэ, син биир илиитин аллараанан уган хоннохтон өрө тардан таһаарда, төрдүс муннукка көтүттэ. Фаворит бары муннукка бэчээттии баттанна. Этэргэ дылы, баҕарбыт сиригэр уурууһу.  

Луковцев ол “хаһыйыыларыттан” уруок ылбытын олимпийскай призер Александр Николаевич бэйэтэ күлэ-үөрэ мэлдьи кэпсээччи. Аан бастаан 1981 сыллаахха Улан Удэҕэ ССРС чемпионатыгар Романныын үһүөн бииргэ олордохпутуна иһитиннэрбитэ. Онно Луковцевы ити албаһын билэн баран, тииҥ мэйии киитэрэйдээбит кистэлэҥнэрин арыйбыта. Александр Николаевич, “итинтикэҕин көрдөр эрэ” диэн араастаан киирбитэ буолан, хаста да соруйан бырахтарбыт. Ол сылдьан итинниккэ – итинник, маннык гыныыһыбын диэн санаалары ылбытын, өйүгэр уонна эрчиллиилэргэ Куостаҕа анаан чочуйбут. Олимпиец итини куруук кырдьыгынан билинэр. 

– Мин да кистиэ эбиппин, – салгыы кэпсиир Луковцев. – Суох буоллаҕа, көрдөр диэтэхтэрин аайы, акаарыбар мэнээк малайан киирэн, туох сатыырбын оҥорон иһэбин. Атынтан атын көрүҥнээх, бэйэбиттэн  үрдүк-намыһах  тустуугу бииртэн биири миэхэ утары киллэрэн испиттэрэ. Киһиргэтэн, сөхпүтэ буолан, манныкка хайдах гынаҕын, инниккэ хайдах гынаҕын? Куоста, көбүөргэ таҕыста да, улахан ааттаахтары билэ да сатаабакка, бииртэн биир  Сэбиэскэй Союз, омук номнуо биллибит-көстүбүт, балай да ситиһиилэммит бөҕөстөрүн тамнаан испитэ. Туохтааҕар да кини албаһын оҥорорго ханнык да уустук түгэҥҥэ  дьулуурун сөхпүттэрэ.

 Чэ, кэбис, эйигиттэн атын ким да сатыа суох диэбиттэрэ.   Ону Александр Дякин (Михайлович – ССРС оччотооҕу сүрүн тренерэ) көрөн, анкетабар эрэ кыһаммакка,  Тбилиситээҕи турнирга быһа киллэрбитэ.

– Бу хантан кэлбит киһиний? – ыйыталаһыы, анкетатын көрүү буолбута. Саллаат бэйэтин толорбут суруга: “Чита... СКА... Прапорщик... чемпион... района”...

– Саха үһү. Ол иһин да!

Луковцевка ити Читаттан оччо эрчиллиитэ суох кэлбитин ити албаһы хос-хос көрдөттөрөн “оҕуруктаах өйдөөхтөр” сылаппыттар. Кистэлэҥин билэн, “коронкатыгар” ыла сатыырыгар киирэн биэрбэккэ, дэлби илиһиннэрбиттэрэ. 

Консантин Константинович сымыйалаабат, маннык диэбитэ:

– Грузия хамаандатыттан киирбит буоламмын, олохтооххо түбэстэххинэ сытан биэриэхтээххин диэбиттэрэ. Полуфиналга Александр Ивановка киирбитим. Олох били хонтуруолунайга тустарыттан олох үчүгэй буолбут этэ. Ону аныгыскыга миигин Союз чемпиона Шекриладзеҕа син биир сытыараллар дии санаабытым. Оччоҕо Сааска грузины баалынан кыайдаҕына да, сахалар  мэлийэбит диэн. Бэйэм да, Иванов да  сэниэтин эһимээри, оччо туста сатаабатаҕым.

Түмүгү билэҕит. Финалга Иванов, Шекриладзены сылайан куота сылдьарын, соһон киллэрэ-киллэрэ, тиэритэ быраҕаттаабыта. Чемпионнаабыта. Луковцев үһүс буолбута. 

Алдьаммат Арамааны адаарытыы

Луковцев хара тыа киһитэ, лесник этэ. Мандардыын саастыылар. Кыайыы сылын – 1945 с. оҕолоро. Куоста биир сыл оскуолаҕа эрдэ киирбит даҕаны, саамай чугас доҕордуулар. Куоста кинигэни  түргэнник, элбэҕи ааҕыыга буукубаны билэр буолуоҕуттан баһыйбыт. Библиотекаттан “Кинигэни бастыҥ ааҕааччы” диэн анал аакка хаста да тиксибит.

Күрэхтэһиигэ биирдэ эмэ көстөрө. 2016 с. Арассыыйа чемпионатыгар кэлиэхтээҕин кэллиэгэбиттэн,  балта Анна Константиновнаттан истэн, анаан күүппүтүм. Лебедев–Мусукаев тустууларыттан айдааннаах тохтобул уһуур чинчилэммитэ. Таах олорбокко, аан дойду саастаахтарга чемпиона И.С.Кочкины  кини биир дойдулааҕын ханна баарын ыйдаран буллум. 

– Уйбаан Уһунуускайбын, – диэн билистим.

– Ээ, оннук ааттаах киһи эйигин көрсүөн баҕарар диэбиттэрэ ыраатта.

 Сирэйэ, этэ-сиинэ ньамньыраабыт. 

– Көстөкүүн, эн сахалартан Роман Дмитриеви ыраастык кыайбыт соҕотох буолаҕын. Ол кэннэ Роман сыл эрэ аҥаарытан ордугунан  аан дойду призера  буолта эбээт.

Киһим соһуйда, үөрдэ аҕай:

– Итини итэҕэйиэхтэрэ суоҕа, бу оҕонньор киһиргээн, түөһэйэн, сымыйаны туойар диэхтэрэ диэммин кимиэхэ да кэпсээбэппин ээ. Хата, туоһулуур, бигэргэтэр киһи баар эбиккин.  Ол остуоруйалаах. Мин, киниттэн 4 сыл аҕа да буолларбын, Читаҕа бииргэ сулууспалаабытым. Роман кыра баҕайы. Албастарбын үөрэтээри, мэлдьи миигин кытта тустар этэ. Хас да сүрүн туттар ньымалары айбытым. Онтон биири ордук үчүгэйдик баһылаабытым. Бэйэбэр ордук барсар этэ. Ол албаһы “Лукас хаһыйыыта” диэн ааттыыллара. Элбэх киһини “ытаппытым”. Онтукабынан онно Романы өр гымматаҕым, сотору “таш” гыннаран кэбиспитим. Бастаан уҥа тоҥолоҕун хаҥас ытыспынан тута сылдьан,  сымыйалаары, атыны ону-маны көрбүтэ буолан, тардыалаан-анньыалаан иһэн, Роман уҥа атаҕын арыый антах үктээбитигэр тоҥолоҕу тута сылдьар илиибинэн тардаат, уҥа быччыҥмынан хаҥас хонноҕун анныттан өрө охсон кэбиспитим. Быыкаайык уол кулахачыс гынан хаалбыта, тутарга дьоҕус баҕайы. Мостиктаан көрдө, өр гымматым. Тутан баран ыытыам дуо. Хам баттаан кэбистэҕим дии. Уолум: “Билэ-билэ киирэн биэрдим”, – диэн кыһыйбыта аҕай. Ити күрэхтэһиигэ кыанар баҕайы киһи Алексей Атласов миигин кыайыан кыайбыта. Кини бастаабыта. Роман Атласовтыын тэҥнэһэн үһүс буолбута.

***

Луковцев олоҕун үс умнуллубат түгэнэ итинник.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...