01.08.2020 | 13:28

Күүтүүлээх көмө

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бүгүн Евдокия Петровна ыалдьыттары күүтэр. Үлэлээбит тэрилтэтин эдэр исписэлиистэрэ хортуоппуй олордо кэлиэхтээхтэр. Ааспыкка Зинаида Николаевна эрийэн соһуппута. Доруобуйатын ыйыталаспыта, онтон хортуоппуй олордубутун, суоҕун токкоолоспута. Кэлэктииптэригэр үөрэҕи саҥа бүтэрбит үс оҕо кэлбитин кэпсээбитэ. Быйыл тугу да үүннэрэр былаана да, кыаҕа да суоҕа. Саатар хортуоппуй олордубут киһи диэн баҕалаах олорбута. Кимим кэлэн илии-атах буолуой диэн санаарҕыы сыппыта. Хата, көмөлөһөр дьон бэйэлэрэ көһүннүлэр. Дьэбдьиэй үөрэн, сирэйдиин-харахтыын сырдыы түспүтэ. Оҕолору үлэлэтэн баран, үчүгэйдик аһатыахха наада. Бээ, туруохха, тугу астаабыт киһи? Бэрэскилиэ эбит даҕаны, аны эриллибит этэ суох. Эт миинэ ыргыччы буһарыахха, хортуоппуйунан күөгэччи соркуойдуохха. Түөрт-биэс буолан тиийиэхтэрэ диэбитэ. Оччо оҕону тоторор ини.

Алаадьы астаары, куукунатын диэки алтахтаата. Бэл, атаҕын ыарыытын умнарга дылы буолла. Һэ-һэ, киһини кыра да кынаттыыр ээ. Үөрүүтүгэр буолан, бу кулахачыйдаҕын көр.

Көтө-дайа кустуктана,

Көрө-истэ туллуктана...

Ыллаан киҥинэйэ-киҥинэйэ, алаадьытын тиэстэтин ытыйа олордо. Сүргэтэ көтөҕүллүбэтэҕэ ырааппыт эбит. Бачча сааһыгар диэри тилигирии сылдьыбыт киһи түөрт истиэнэҕэ хаайтаран, санаата тууйуллара, соҕотохсуйара элбээтэ.

Дьиҥэ, былырыыҥҥа диэри тэп курдук сылдьыбыта ээ. Ону баара, атаҕа көмүрүө буолан, былырыын эпэрээссийэлэнэргэ күһэллибитэ. “Суорҕан, тэллэх киһитэ буола иликкинэ, кытаат, эмтэтэ оҕус”, – диэбиттэрэ дьүөгэлэрэ. Атаҕын нэһиилэ соһо сылдьа сатаан баран, былырыын күһүнү быһа балыыһаҕа сыппыта.  Бастаан баттыгынан, онтон тайаҕынан тирэнэн,  сап саҕаттан салҕанан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан сылдьар.

Евдокия Петровна сайын аайы даачаҕа тахсар. Таас дьиэҕэ тыына-быара хаайтарар, сүгүн утуйбат. Куорат таһыгар үчүгэйэ сүрдээх. Былырыыҥҥа диэри оҕуруот аһын арааһын олордоро, сибэкки сиэдэрэйин үүннэрэрэ. Даачата уһун кыһыны быһа иччитэх туран баран, саас ыам ыйыгар айылҕаны кытта тэҥҥэ уһуктара, тиллэрэ, тыллара, чэчириирэ. Ол бэйэтэ быйыл хаһаайкатын санаатын таайбыттыы, курутуйан көрсүбүтэ.   

Киһи кырыйдаҕына чуҥкуйар, соҕотохсуйар, тэһийбэт дииллэрэ кырдьык эбит. Кэпсэтиигэ, сэлэһиигэ ордук наадыйар. Зина эрийбитигэр, көр, үөрдэҕиэн! Бүгүн оҕолору кытта ирэ-хоро сэһэргэһиэ, сэлэһиэ. Хата, сонун истиэ. Тэрилтэтигэр уларыйыы-тэлэрийии бөҕө буолбут үһү. Эдэрдэр элбээбиттэр. Бэйэтэ этэринии, “биһигинньиктэр, эргэрбиттэр” туораан, миэстэлэрин туран биэрдэхтэрэ. Онон  сорох сорохтору билбэт. Сөп ээ, күөгэйэр күннэригэр сылдьар оҕолор күөрэс гынар кэмнэрэ кэллэҕэ. Ити Зинаҕа урут настаабынньык быһыытынан сылдьыбыта. Хата, дьоҕурдаах, бүгүрү үлэһит кыыс буолан, уон биэс сыл иһигэр хотун хаан буола үрдээтэ. Бастаан сүрүннүүр исписэлиис, онтон начаалынньык, кэлин дириэктэр солбуйааччыта, билигин – дириэктэр. Зинаны хара маҥнайгыттан сөбүлээбитэ. Саҕалаабыппын салҕыыр, кэннибиттэн солбуйар киһи көһүннэ диэн күлүгэр имнэммитэ. Төһө кыалларынан көмөлөспүтэ, сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн биэрбитэ. Онто таах хаалбатах – тэрилтэ атаҕар турда, лаппа кыаҕырда. “Евдокия Петровна баар буолан...”, “Евдокия Петровна сүбэлээн...” диэн кыыс мэлдьи махтанарын биллэрэр. Оннооҕор бу дириэктэр буолан баран умнубат. Сотору-сотору эрийэн бүтэһик сонуннары кэпсиир, бырааһынньыктары көтүппэккэ эҕэрдэлиир. Өссө көмөлөһөөччүлэри ыытыах буолан үөртэҕэ үһү.             

Дьэбдьиэй бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри, лоп курдук 40 сыл биир тэрилтэҕэ үлэлээбитэ. Санаатыгар, кинитэ суох сатамматтара. Евдокия Петровна булуоҕа-талыаҕа, баары суох гыныаҕа, куһаҕаны да тупсарыаҕа диэн буолара. Ол курдук барытын кини билэрэ, дьаһайара, быһаарсара. Үлэһит үтүөтэ буолан, дьон махталын бу билэн эрдэҕэ.

Арай кырдьар сааһыгар көрөр-харайар кимэ да суох. Оннооҕор аттыгар олорон чэйдэһэр, айах атан кэпсэтэр киһитэ суох. Кэргэн тахсыбатаҕа, оҕоломмотоҕо. Мэлдьи үлэ диэн баран сылдьыбыта. Сыл-хонук дииллэрэ чахчы эбит. Күннэр-дьыллар элэстэнэн, биэнсийэҕэ тахсыбытын билбэккэ хаалбыта.

Бэйи, уруккуну-хойуккуну саныы олороору гынна. Киэһэ биэс буолбут. Оҕолор үлэ чааһын кэнниттэн кэлиэхтээхтэр. Остуолун тарда турара дуу? Аһа барыта буста. Хата, алаадьыта бэркэ сатанна. Миинэ хоргуннаах, этэ элбэх. Соркуойа да хоп курдук. Кэмпиэт, бэчиэнньэ ууруоҕа. Уонна саастаах киһи туга кэлээхтиэй. Бастаан чэйдииллэрэ буолуо. Күүтэ таарыйа, ону-маны гыммыта буолан, иһирдьэ-таһырдьа төттөрү-таары тиэрэҥэлээтэ. Чэйин иккитэ хаста өрдө. Урукумуонньукка уу кутта. Сиэмэ буолар хортуоппуйдарын бэрэлээтэ. Таһынааҕы ыаллара икки биэдэрэни бэрсибиттэрэ. Бытархай да буоллар, кыһыл уонна үчүгэй сиэмэ.

Дьэбдьиэй күүлэҕэ олордо. Аны көмөлөһөөччүлэрэ кэлбиттэрин истиэ суоҕа. Хойутаатылар. Массыына элбэх буоллаҕа. Үлэ чааһа бүтэн, бары дьиэлэригэр айаннаатахтара. Даачалаахтар оҕуруоттарыгар ыксаан эрдэхтэрэ. Бу эргин күнүскү өттүгэр аҕыйахтар, арааһа, уоппускалаахтар, кыра оҕолоохтор, биэнсийэлээхтэр эрэ бааллар. Оттон киэһэ уонна өрөбүллэргэ саҥа-иҥэ хойдор, кэлии-барыы үксүүр.

Арай таһынааҕы ыаллар ыттара үрэн моргуйара иһилиннэ. Онтон Дьэбдьиэй эргэ аана кыычыгыраата. Бай, кэллилэр быһыылаах.

Сүүрбэлэрин саҥа ааспыт эдэр дьон олбуорга киирдилэр. Кэнники иһэр ыалдьыты, бу сордоох, балайданан, кыыһын дуу, уолун дуу, сатаан быһаарсыбата. Утары содьоҥноото. Икки уол уонна үс кыыс эбит. Кэпсэтэллэрэ иһиллэр.

– Дыра эбит.

– Дии, 2 ГИС да көрдөрбөт.

– Зато тут круто...

Дьэбдьиэй турарын саҥа өйдөөн көрдүлэр.   

 –   Здравствуйте, бабушка! – диэтэ бастакы уол.

– Дорооболоруҥ, оҕолор, киириҥ. Бастаан чэйдииргит буолуо? Үлэ дьоно, бука, бары да аччыктаатаххыт,  – диэтэ хаһаайка уонна киирэр аан диэки алтахтаата. – Нет, спасибо, мы по дороге успели заскочить в кафе,  – диэн хоруйдаата бастакы дорооболоспут уол. Арааһа, саамай сытыылара-хотуулара, саҥалаах-иҥэлээх киһилэрэ кини быһыылаах.

– Хотя бы чай... – диэн истэҕинэ, ыалдьыттара олбуор ортотугар биирдэ баар буола түстүлэр.

– У нас все с собой,  – диэтэ иккис уол. Итиэннэ тоҕо эрэ солуута суох күлэн алларастаата.

– Бүт эрэ,  – диэн биир кыыс сахалыы буойда уонна кынчарыйан кэбистэ.

– Отличная дача! Тут ваще нереально! – кырааскалаах баттахтаах кыыс саҥа аллайда. – Вика, иди сюда, давай сделаем селфи! – диэн били уол курдук кылгас баттахтаах, ачыкылаах кыыһы ыҥырда.

Төлөпүөннэрин мааны суумкаларыттан хостоон, хаартыскаҕа түһэр түбүккэ түстүлэр. Хатыҥ таһыгар хаста да “чып” гыннардылар.

– Девочки, мальчики, саҕалыахха!  – диэн сахалыы саҥарар кыыстара дьаһайда.

Дьэбдьиэй көрдөҕүнэ, кырааскалаах баттахтаах кыыстара муода көрдөрө кэлбит курдук, мааныта сүрдээх – үрдүк хобулуктаах, джинсы ыстааннаах, тирии кууркалаах. Атыттар да таҥастара-саптара үлэлииргэ сөбө суох. Баҕар, уларытталлара буолуо диэн Дьэбдьиэй күүтэн көрдө.

– Одноразовые перчатки баар? – диэн сахалыы да, нууччалыы да саҥарара биллибэт ачыкылаах кыыстара ыйытта.

– Тохтоо эрэ, тоойуом. Барыгытыгар наада дуо? – диэн Дьэбдьиэй төттөрү ыйытааччы буолла.

– Да, конечно,  – диэн өс саҕа буолуох курдук тутунна мааны кыыс.

– Подождите, поищу, – диэн хаһаайка дьиэ диэки атаҕын состо.

– Мы пока тут подождем, – диэтэ ачыкылаах кыыс.

– Могла бы сама догадаться, ну и бабуля! – диэн ким эрэ кэнниттэн саҥарара иһилиннэ.   

Көмөҕө ыҥырбыт киһи, кырдьык,  тоҕо эрэ ол туһунан толкуйдаабатах. Санаабыта да буоллар, маҕаһыын чугас суох. Куорат диэки таскайданар кыаҕа суох. Былырыын кэппит бэрчээккилэрэ ханна эрэ сытар буолуохтаахтар. Хата, ыраах уурбатах. Аҥаар аҥаардар, чэ, үлэҕэ барсыаҕа.

Бэрчээккилэрин таһааран биэртэлээтэ. Уолаттар табахтарын уоппутунан сылдьаллар. Били үрдүк хобулуктаах кыыстара инчэҕэй буолаҕа киирэ да соруммата. Дьэбдьиэй саппыкы биэрэ сатаабытыгар: “У меня другой размер... И ваще как-то негигиенично...” – диэн ботугураата. Онон хаартыскаҕа түһэрээччинэн сырытта. Сотору-сотору: “Улыбочку! Фотоотчет”, – диирэ иһиллэр. Уолаттар күрдьэҕинэн букатын салаҥнык тутталлар. Сыыс отун ыраастаабакка, лууҥкалары хаспытынан бардылар. Аны биир уоллара күүлэҕэ тэлгэтэ сыппыт сиэмэни таһаар диэн көрдөспүтүн, биэдэрэҕэ илиитин таһынан хаалаата. “Сэрэн, алдьатан кэбиһиэҥ”, – дии сатаата Дьэбдьиэй, кэнниттэн батыһан иһэн. Атаҕа бэргээн, кыратык олоро түһэргэ сананна. Чаас аҥаара сынньанна быһыылаах.

Кини хаһан алтахтаан тахсыар диэри үлэһиттэрэ ырааппыттар.         – Сегодня же пятница! Волонтеры, афте пати будет? – диэн саһыгырыыр сытыы уоллара.

– Эн сөп буолбуккун, Вася, дьиэлээр, – диир сахалыы саҥарар кыыстара.

– Чэ, түргэнник бүтэрэ охсуохха уонна барыахха, – диир иккис уол.

– Оҕолоор, наһаа мээнэ буолумаҥ эрэ, үчүгэйдик үлэлээҥ...

– Да эту бабку мы ваще не знаем. Так что по барабану!

– Хватит болтать! Идет, – диэн сэрэттэ төлөпүөннээх кыыс.

Дьэбдьиэй, итиччэни истэн, бөтө биэрдэ, тыына хаайтара сыста. Хомойон-хоргутан, туох диэн билбэккэ, аттыларыгар кэлэн турда. “Сыыс отун...”, – диэн иһин түгэҕэр саҥарда. Киһи дөйөр музыкатын холбообуттар, ким истиэй. Кэннилэриттэн сылдьан, ыраастыы сатаата... Кыаммат кыһалҕа, кыһыылаах-абалаах да буолар эбит.– Сказали, что работка часик займет. Тут еще пахать и пахать... – ким эрэ өрө тыынна.

– Оҕолор, баһыыбаларыҥ... Сороҕун бэйэм олордуом... Барыаххытын сөп... – Дьэбдьиэй хараҕа ууламмытын кистии-саба сотунна.

– Ну, тогда погнали! – биир уол бэрчээккитин, күрдьэҕин буола ортотугар быраҕан кэбистэ.

– Наконец-то! – мааны кыыс хантан эрэ элэстэнэн кэллэ.

Бары ойон тиийэн, барар суолу былдьастылар. Арай били, сахалыы саҥарар кыыстара хаалла.

– Сандаара, идем, – ким эрэ ыҥырар.

– Бэйэҕит барыҥ, мин көмөлөһүөм. Бүтэрбэккэ барбат буоллахпыт.

– Оо-дьэээ... Комсомолка! – ачыкылаах кыыс, эмиэ да аһыммыттыы, эмиэ да эҕэлээбиттии эттэ.

Массыынаҕа тиийэн музыка холбууллара иһилиннэ. Элджей ырыата ньиргийбитинэн барда:

Ты, ты, ты, ты, ты, ты, ты, ты, ты лови релакс

Ты, ты, ты, ты, ты, ты, ты, ты, ты лови релакс

Ты, ты, ты, ты, ты, ты, ты, ты, ты лови релакс

Ты, ты, ты, ты, ты, ты, ты, ты...

... Буолаҕа икки киһи хойукка диэри сүөдэҥнээбитэ. Улахан саҥа-иҥэ суоҕа. Отур-ботур тугу эрэ кэпсэтэллэрэ.

Сарсын – Саар Көстөкүүн күнэ. Былыт хойдон испитэ да, хантан кэлбитэ биллибэт күүстээх тыал уҥа-хаҥас үрэйдэ.   

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....