Көһө сылдьар мунньахтарга олохтоохтор көхтөөхтүк кытталлар
Дьокуускайга “Уһук Илиҥҥэ 1000 тиэргэн” федеральнай таһымнаах уонна “Мин тиэргэним” өрөспүүбүлүкэ бырагыраамаларынан үбүлээһин көрүллэн, элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тиэргэннэрин тупсарыы үлэтэ салҕанар. Үлэ хаачыстыбатын уонна болдьоҕун Олохтоох дьаһалта кыраҕытык хонтуруоллуур.
Хонтуруол уонна бэдэрээтчиттэри гарантийнай эбээһинэстэрин толорторуу биир көдьүүстээх ньымата – көһө сылдьар мунньахтар. Маннык мунньахтарга куорат олохтоохторо быһаччы кыттыыны ылаллар.
Киин уокурук тиэргэннэригэр
Баһылык Евгений Григорьев бу күннэргэ Лермонтов уул., 58/2, Курашов уул., 27, 27/1, 27/2, 29, 29/1, 29/2, Ломоносов уул., 27 аадырыстарынан өрөмүөннэммит тиэргэннэри бэрэбиэркэлиир көһө сылдьар мунньаҕы салайан ыытта, олохтоохтору кытта көрсөн кэпсэттэ.
Көрсүһүү түмүгүнэн “Основа” ХЭТ гарантийнай эбээһинэстэрин бэс ыйын 20 күнүгэр диэри болдьохтоох толороругар сорук туруорулунна.
Көһө сылдьар мунньахха баһылык солбуйааччыта Антон Алексеенко, Дьокуускай кылаабынай архитектора Семен Сергеев, “Главстрой” МХТ салалтатыттан бэрэстэбиитэллэр кыттыыны ыллылар.
“Главстрой” МХТ салайааччыта Алексей Варламов иһитиннэрбитинэн, бу саас ыам ыйыгар ыытыллыбыт бэрэбиэркэ кэмигэр тротуар билиитэлэрин самныыта, суол дьапталҕатын сиҥниитэ бэлиэтэммит эбит. Ол сыыһаны-халтыны бэдэрээтчит билигин көннөрө сылдьар. Ону таһынан дьоҕус архитектурнай формалары бөҕөргөтүү үлэтэ бара турар.
Алексей Варламов этэринэн, тиэргэн территорияларын өрөмүөннээһиҥҥэ эмиэ кэккэ итэҕэстэр бааллар; ол курдук, тиэргэн өрөмүөнүн кэмигэр инженернэй коммуникациялары тыытар бобуулаах, ол иһин балар өрөмүөннэрэ инженернэй ситимнэри бас билээччилэргэ бэйэлэригэр сүктэриллиэхтэрэ.
Маннык мунньахтар, бастатан туран, олохтоохтор санааларын истэргэ, кинилэр этиилэрин учуоттаан инникитин үлэни тоҕоостоохтук ыытарга туһуланаллар. Бу аадырыстарынан олохтоохтор үксүн дьиэ-уот уопсай туругар кыһалҕаларын этиннилэр. Холобур, манна ууга барар элбэх кыбартыыралаах дьиэ баар, дьиэ олохтоохторо сыллата уу баһылларыгар таһынааҕы гараастары буруйдууллар. Салайар хампаанньа үлэһиттэрэ быһаарбыттарынан, дьиэ намыһах сиргэ турар буолан сааскы ириэрии уута барыта дьиэ анныгар мустар эбит. Олохтоохторго таһынааҕы ууну аһардар лотуоктары үлэлиир гына оҥоруу кыһалҕаны быһаарыаҕа диэн эрэннэрдилэр. Маны таһынан дьиэ олохтоохторо оҕо балаһаакката суолтан чугаһын учуоттаан, күрүө туталларыгар туруорустулар.
Курашов уул., 27, 27/1, 27/2, 29, 29/1, 29/2, Ломоносов уул., 27 тиэргэннэригэр көрсүһүү кэмигэр «Главстрой» МХТ салайааччыта Алексей Варламов кэпсээбитинэн, бу аадырыстарынан саамай элбэх үлэ барбыт. Бэдэрээттээх тэрилтэ ыам ыйын ортотуттан итэҕэстэри туоратарга ылсыбыт. Билиҥҥитэ оҕо балаһааккатын уонна спортивнай балаһаакка бүрүөһүнэ уларытыллыбыт, тротуар өрөмүөннэммит. Бэдэрээтчит эрэннэрэринэн, бэс ыйын 20 күнүгэр итэҕэстэри барытын туоратыахтара.
Строительнай уокурукка
Баһылык көһө сылдьар мунньаҕа Строительнай уокурукка эмиэ буолан ааста. 16-с кыбаарталга тиэргэннэр өрөмүөннэрин хонтуруоллуур үлэ олохтоохтоору кытта көрсүһүүгэ тирэҕирдэ. Бэрэбиэркэ кэмигэр баһылык “Сахакапитал” ХЭТ үлэтин нэһилиэнньэ хайдах сыаналыырын көрдө-иһиттэ.
Көһө сылдьар мунньахха “Главстрой” МХТ салайааччыта Алексей Варламов, Дьокуускай кылаабынай архитектора Семен Сергеев, Строительнай уокурук управатын салайааччыта Василий Пинигин, “Бюджетник” салайар хампаанньа бэрэстэбиитэллэрэ кыттыыны ыллылар.
“Главстрой” МХТ салайааччыта Алексей Варламов иһитиннэрбитинэн, Строительнай уокурукка тупсарыы үлэтигэр 22 аадырыс хабыллыбыт. Жорницкай уул., 7/4, 7/9, 7/11, 7/12, 7/5, 7/6, 7/6а, 7/31, 7/18, 7/19, 7/20, 7/10 дьиэлэрин тиэргэннэригэр киирии суоллар, балаһааккалар аспаалынан бүрүллүбүттэр, тупсарыы үлэтэ барбыт.
Алексей Варламов бэлиэтээн эппитинэн, оҕо балаһааккаларын оҥорууга кэккэ итэҕэстэр көстүбүттэр, сир искусственнай бүрүөһүннэрин тэлгээһиҥҥэ, дьоҕус архитектурнай формалары туруорууга уонна хаххалыыр тутуулары оҥорууга сыыһалар-халтылар тахсыбыттара бэлиэтэммит. Бэдэрээти ылбыт тэрилтэ маны таһынан суолу уонна тротуардары аспааллааһын итэҕэстэрин бэс ыйын 30 күнүгэр диэри туоратыахтаах.
Үлэ барыта уокурук управатын, салайар хампаанньа уонна олохтоохтор быһаччы кыттыыларынан ыытыллар.
Көрсүһүү кэмигэр олохтоохтор дьоҕус архитектурнай формалар өҥнөрүгэр, хаачыстыбаларыгар уонна оҥоһуллубут матырыйаалларыгар тугу сирбиттэрин аһаҕастык этиннилэр. Маны тэҥэ тиэргэннэри салайар хампаанньа сөптөөхтүк көрөрүгэр-истэригэр, өрөмүөн кэннэ бэдэрээтчит бөҕүн-сыыһын хомуйбатыгар, ыытыллыбыт өрөмүөн итэҕэстэригэр дьаһалта болҕомтотун уурарыгар санааларын эттилэр.
Баһылык Евгений Григорьев былырыын өрөмүөн үлэтэ саҕаланыан иннинэ олохтоохтору кытта көрсүһүүлэр, барыйыактары киэҥник ырытыһыылар буолан ааспыттарын бэлиэтээн туран, үлэ олохтоохтор бэйэлэрэ талбыт бырайыактарыгар олоҕуран ыытыллыбытын, ол иһигэр дьоҕус архитектурнай формалары эмиэ олохтоохтор бэйэлэрэ талбыттарын, кинилэр этиилэрэ барыта учуоттаммытын эттэ.
«Балаһааккаларга турбут оҕолор оонньуур оборудованиелара, таһырдьа турар спортивнай оборудование уонна дьоҕус архитектурнай формалар – бары ГОСТ ирдэбилигэр хоруйдууллар, киһи олоҕор куттала суохтар. Дизайннарын олохтоохтор бэйэлэрэ талбыттара, ол эрэн олоххо киирбиттэрин кэннэ сорох дьон сөбүлээбэтилэр”, — диэн түмүктээтэ Евгений Григорьев.
Бу көһө сылдьар мунньах кэмигэр Евгений Григорьев 16-с кыбаартал 2022 сыллаахха өрөмүөннэммит тиэргэннэрин барыларын кэрийдэ. Кини тоһоҕолоон бэлиэтээбитинэн, нэһилиэнньэни кытта маннык ыкса алтыһыылар, сирэй көрсөн кэпсэтиилэр үлэ хаачыстыбатын тупсарарга төһүү буолаллар.