23.03.2024 | 14:00

Көс ыал олоҕун туһунан киинэ сөхтөрдө

Бу күннэргэ көлүөнэ ситимин тута сылдьар Томпо улууһун Тополинай бөһүөлэгин олохтоохторо Варвара, Дмитрий Стручковтар тустарынан документальнай киинэ сүрэхтэннэ.
Көс ыал олоҕун туһунан киинэ сөхтөрдө
Ааптар: Наталья РУФОВА
Бөлөххө киир

Орто дойдуга олох баарын тухары угуйар улуу умсулҕан, санааттан арахпат абылаҥ – айар-тутар суол. Айар-тутар суол олох хайа баҕарар хайысхатыгар баар. Айар-тутар киһи туохтан барытыттан көрбүт эрэ сөҕөр, долгуйар, тойон болгуо сүрэҕэ тэбиэлиир дьикти көстүүнү оҥоруон сөп. Мин бүгүн биир оннук, омос көрдөххө, киинэттэн, сэһэнтэн-кэпсээнтэн атын эйгэлээх үлэҕэ-хамнаска таһаарыылаахтык, үтүө түмүктээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар Варвара Атосовна Кулаковская ыҥырыытынан көһө сылдьар дьиэ кэргэн олоҕун-дьаһаҕын, укулаатын туһунан документальнай киинэ күн сирин көрөр күнүгэр сырыттым.

Киинэ аҥаардас биир дьиэ кэргэн олоҕун туһунан диэҕи тутах буолан биэрдэ, Стручковтарынан сирэйдээн, дириҥ силистээх-мутуктаах ис хоһоонноох, ураты бөлөсүөпүйэлээх, уран-уйаҕас туруктаах бүтүн Саха сирин норуотун үйэлэри уҥуордаабыт көлүөнэ ситимин кэпсиир, олоххо баар тоҕоостоох боппуруостары туруорсарга сөптөөх хайдаҕый диэҥҥэ хардалаах, тоҕо диэҥҥэ эппиэттээх.

Биллэр курдук, былыргы өбүгэлэрбит хас да көлүөнэ буолан бииргэ тутуһан олороллоро. Ол көстүү Ытык ситим диэн ааттанара. Бу көстүү 2023 сылга Арассыыйаҕа буолбут «Бастыҥ дьиэ кэргэн» күрэххэ бастаабыт Томпоттон төрүттээх Дмитрий, Варвара Стручковтарга чаҕылхайдык, итэҕэтиилээхтик баар. Ол курдук, сиэн эбээтин өйдөөбөтүттэн дуу, эбээ «аныгы ыччаты» ылымматыттан дуу тыҥааһын бу ыалга суох. Дьиэ кэргэн хас биирдии чилиэнэ бэйэтин көҥүлүн кимиэхэ да былдьаппакка, туһааннаах эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлиир-хамсыыр, сайдар-үүнэр. Көс ыалын биир сүрүн уратыта, күндүтүк тутара, күөн туттара – көҥүл санаа. Режиссер Варвара Кулаковская көҥүл санаа тыынын киинэ саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри олус үчүгэйдик таба тутан көрдөрдө. Көҥүл санаа баар буолан, Варвара Стручкова көс олох ыарахаттарын, уустуктарын ыар таһаҕас оҥостубакка, төттөрүтүн, онтон үтүөтүн, үчүгэйин көрөр. Холобура: «Көс ыалын олоҕун биир саамай күндүтүк, сылаастык саныыр өрүтүм – баҕардыбыт даҕаны хомуна охсорбут уонна көһөрбүт; бэл диэтэр, табаларбыт кытта үөрэллэр»,– диирин биһиги, «дойду дьоно», «оо, эмиэ көһүү, эмиэ хомунуу, эмиэ айан...» диэн ыарыылаахтык ылынарбыт кэмнээх буолуо дуо?!

Варваралаах Дмитрий айылҕаҕа сылдьа үөрүйэх, айылҕалыын астына-дуоһуйа алтыһар буоланнар, астара-үөллэрэ, таҥастара-саптара, туттар тэриллэрэ илиилэрин иһиттэн тахса турдаҕа. Араас химиялаах аһы аһаабаттар, барыта бу бүгүн астаммыт, өбүгэ үгэстэринэн хаһааныллыбыт, хараллыбыт, ууруллубут. Оҕолор эмиэ кыра эрдэхтэриттэн үлэлии үөрэнэннэр, борбуйдарын көтөхтүлэр даҕаны төрөппүттэр аны кинилэргэ илии-атах, сүбэ-ама буолаллара саарбаҕа суох.

Варвара ыал буолбутун туһунан ис-иһиттэн сырдаан, сымнаан, арыллан олорон кэпсиирэ эмиэ киинэ биир күүстээх түгэнэ. Кини ону уустаан-ураннаан буолбакка, боростуой, күннээҕи тылларынан сэһэргээтэр даҕаны, туттан олороруттан Дмитрийин кытта хара маҥнайгыттан бэйэ-бэйэлэригэр тардыһыылара күүстээҕин сэрэйэҕин. «Бу мин киһим диэн сүрэхпинэн билбитим» диэн итини этэн эрдэхтэрэ.

Киинэҕэ Варвара төрөппүттэрин туһунан аҕыйахта ахтыллар. Ол эрээри киинэ устатын тухары Варвара төрөппүттэриттэн, өбүгэ дьонуттан сүрэҕэр, дууһатыгар иҥэрэн хаалларбыт биир сүрүн өйдөбүлүн ылынаҕын – орто дойдуга киһи биирдэ баар буола түспэт, кэннибитигэр элбэх сыллар усталлар, хас биирдиибит аҕалбыт удьуорбут утума, өбүгэбит ситимэ дьоннордоохпут; бу орто дойдуга ийэ куппутугар кинилэр олорбут олохторун иҥэринэн кэллэхпит. Бу түгэн – киинэ биир табыллыбыт ньымата, сатаммыт хайысхата.

Киинэ биир сүрүн дьоруойа – Стручковтар уоллара Сеня, Сэмэн. Сеня дьоһуннук тутта-хапта сылдьара, саастыылаахтарыттан элбэҕи сатыыра ийэлээх аҕатын үтүөтэ буоларын өйдүүгүн. Аҕата Сэмэн икки (!) саастааҕар маамыктанан бэйэтин уучаҕын тутан ылбытын кэпсээбитигэр, киинэҕэ олорорбутун умнан, ытыс таһыммыппытын бэйэбит да билбэккэ хааллыбыт. Сэмэн ол уучаҕын көлүнэн бэйэтин сылдьар эйгэтигэр төһөлөөх элбэҕи билэрин уонна (сылайбакка эрэ хатылыыбын) САТЫЫРЫН сөҕөҕүн эрэ уонна улуу эбээн омугу кытты ыаллаһан олоргунан киэн туттаҕын.

Ыал ийэтэ Варвара маамыктаны быраҕыыга аан дойду кылаан кыайыылааҕа буолбут түгэннэрин дьиҥ-чахчы хараҕа уоттанан, ис-иһиттэн умайан туран кэпсииригэр сэмэйи кытта кытаанах, сыаллаах-соруктаах буолууну сатаан алтыһыннарарын сөҕөҕүн-махтайаҕын.

Онон көлүөнэ ситимэ диэн өйдөбүл бу үлэҕэ бары өттүттэн баарын тоһоҕолоон бэлиэтиэхпин баҕардым. Киинэ режиссера Варвара Кулаковская бэйэтэ даҕаны көлүөнэтин ситимин этигэр-хааныгар иҥэрэ сылдьар, саха дьоно инники күөҥҥэ тутар улуу киһибит, айанньыт, чинчийээччи, дойдуга бэриниилээх Өксөкүлээх Өлөксөй быһаччы сыдьаана буоллаҕа. «Саха» НКИХ “Геван” биэриитин устубут, көс норуоттар олохторун үйэтитиигэ күүскэ ылсан үлэлaэспит Анатолий Гоголев Варвара Стручкова олоппос аннынан сылдьар кэмин устуута кытта баара көлүөнэ ситимин биир көстүүтэ буоллаҕа. Көлүөнэ ситимэ баар буолан Варвара Атосовна хамаандата олус да эдэркээн дьоннордоох.

Дьэ уонна бу киинэ уйаара-кэйээрэ биллибэт киэҥ Арассыыйа  таһымыгар тахсарын кэтэһэбит!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...