03.06.2022 | 11:00

Көҕөрдүү үлэтигэр — саҥа сүүрээннэр

Көҕөрдүү үлэтигэр — саҥа сүүрээннэр
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Ийэ сылыгар Саха сиригэр дьоһун суолталаах дааталары – Саха АССР төрүттэммитэ 100, Дьокуускай куорат 390 сылларын уонна «Туймаада ыһыаҕа» национальнай бырааһынньыкпыт Үс Хатыҥҥа тэриллибитэ 25 сылын бэлиэтиибит. Үбүлүөйдээх сылга киин куораппыт сибэккинэн симэниэхтээх.

«Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ салайааччытын солбуйааччыта Светлана Чусовская быйылгы көҕөрдүү үлэтин туһунан сырдатта.

Светлана Валерьевна, икки сыллаах пандемия кэмигэр киин куоракка көҕөрдүү үлэтэ олус тэтимнээхтик барбатаҕа, быйылгы үбүлүөйдээх сылга ити хайысханан туох уларыйыы баар буолуоҕай, төһө үп-харчы көрүлүннэ?

Куораты тупсаран оҥоруу чэрчитинэн, чуолаан «Көҕөрдүү» хайысханан,  болуоссаттары уонна сквердэри көҕөрдүүгэ уонна үүнээйилэри көрүүгэ-истиигэ муниципальнай бүддьүөттэн 19 мөлүйүөн солкуобай көрүлүннэ. Итиннэ Ийэ скверэ, «Туймаада саллаата» мемориальнай комплекс, Кыайыы уонна Орджоникидзе болуоссаттара, «Георгий Победоносец» кытыла уонна да атын уопсастыбаннай туоналар киирдилэр. Көрүллүбүт суумаҕа болуоссаттарга сибэккинэн «композициялар» оҥоһуллуохтара, өҥ буор атыылаһыллыаҕа, мастар уонна сэппэрээктэр олордуллуохтара.

Бүддьүөт чэрчитинэн 114 тыһыынча сибэкки атыылаһыллыаҕа. Уопсастыбаннай туоналары сибэккинэн киэргэтии тиэмэтэ  Ийэ сылын, Саха АССР төрүттэммитэ 100, Дьокуускай куорат 390 сылларын кытта сибээстээх буолуоҕа. Итиэннэ улахан болҕомтону кохиялары олордууга ууруохпут, кинилэр үчүгэйдик кырыллар буоланнар, араас кэрэхсэбиллээх «композициялары» оҥорон таһаарыахха сөп. Бүддьүөт иһинэн муниципальнай сулууспалар 4000 кэриҥэ маһы уонна сэппэрээги олордору былаанныыллар.

Үбүлүөйдээх сылга болуоссаттарга уонна сквердэргэ туох сонун киэргэтии, уларытыы баар буолуоҕай?

Быйылгы сыл саҥа сүүрээннэриттэн кэпсиир буоллахха, куорат олохтоохторо сынньанар уонна дьаарбайар миэстэлэригэр улахан «вазоннары» туруортууру былаанныыбыт, итиннэ 2020 сыллаахха олохтоохтор олус сөбүлээбит үүнээйилэрин – декоративнай табаҕы олордуохпут. Итиэннэ Ийэ болуоссатыгар, Ийэ сылыгар анаан, «топиарнай» фигураны туруоруохпут. Уопсайынан эттэххэ, салалта территориальнай уорганнара уонна куорат кытыытынааҕы нэһилиэнньэлээх пууннар уокуруктары көҕөрдүүгэ концепцияларын көмүскээбиттэрэ – элбэх интэриэһинэй түгэн, араас тиэмэлэр бааллар. Ким эрэ үбүлүөйдэргэ сыһыаннааҕы оҥорбут, ким эрэ патриотическай тиэмэни талбыт.

Быйыл Дьокуускай куорат территориятыгар «Киин куорат күөх кубога» диэн Олохтоох дьаһалта бастыҥ көҕөрдүү, сибэккилэринэн киэргэтии, көрүү-истии куонкуруһун биллэрдэ. Ити урукку «Мөлүйүөн сибэкки» күрэхтэн туох атыннааҕый?

Оннук, урут «Мөлүйүөн сибэкки» куонкурус ыытыллар этэ, кини чэрчитинэн кыайыылаахтар субсидия быһыытынан кыра граннары ылаллара. Күрэх ирдэбиллэригэр хааччахтааһын баар буолан, сылын аайы көҕөрдүүнэн дьарыктанар улахан тэрилтэлэр кыайыылааҕынан тахсаллар этэ. Быйыл итинтэн тэйэн, уларытыылары киллэрэн, ким баҕалаах барыта кыттар кыахтанарын курдук «Киин куорат күөх кубога» диэн куорат территориятыгар бастыҥ көҕөрдүү, сибэккинэн киэргэтии, үүнээйини көрүү-истии куонкуруһун тэрийэбит.

— Инники ити куонкурус туһунан суруйан турабыт буолан баран, итиннэ ким кыттыан сөбүн санатыахха.

Куонкурус номинацията элбэх – «Цветущий город», «Цветущий двор», «Цветущий сад», «Цвет знаний», «КохиМания», «Зеленый кубок столицы», ким баҕалаах кыттыан сөп. Итиннэ эбийиэктэри көҕөрдүү, сибэккинэн киэргэтии уонна тупсаран оҥоруу уопсай көрдөрүүлэрэ эрэ учуоттанар буолбатах, саҥа «новаторскай» идиэйэлэри киллэриигэ, көҕөрдүүгэ аныгы хайысхалары көрдөрүүгэ эмиэ улахан болҕомто ууруллар. «Киин куорат күөх кубога» куонкуруска сайаапкалары 2022 сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр диэри туталлар. Күрэх икки түһүмэҕинэн ыытыллар.

Бастакы түһүмэх – территориальнай, 2022 сыл атырдьах ыйын 2 күнүттэн 13 күнүгэр диэри ыытыллар. Сүүмэрдиир көрүүнү, номинацияларынан түмүктэри салалта территориальнай уорганнарын, куорат кытыытынааҕы дьаһалталарын хамыыһыйалара ыыталлар.

Иккис түһүмэх – куорат таһымыгар, 2022 сыл атырдьах ыйын 18 күнүттэн 29 күнүгэр диэри ыытыллар. Номинацияларынан түмүктэри бастакы түһүмэх кыайыылаахтарын ортотугар куонкурус хамыыһыйата таһаарар. Кыайыылаахтары кубоктарынан, грамоталарынан уонна өйдөбүнньүк бириистэринэн наҕараадалыахпыт. Куораппытыгар көхтөөх дьон элбэх, кинилэр куораты тупсарарга бэйэлэрин кылааттарын киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбин.

Көҕөрдүү үлэтин чэрчитинэн куорат олохтоохторо өссө туох тэрээһиннэргэ кыттыахтарын сөбүй?

Пандемия икки сылын тухары, хааччахтааһын кэмигэр, арааһа, дьон биһиги ыытар аахсыйаларбытын, субуотунньуктарбытын суохтаабыттара буолуо дии саныыбын. Бииргэ үлэлээһин дьону сомоҕолуур ураты күүстээх эбээт. Көҕөрдүү үлэтин чэрчитинэн сибэккилэри уонна мастары олордууга аахсыйалар былааннаннылар. Куорат иһигэр сылын аайы оскуолаларга анаан аахсыйаны ыытабыт, ол чэрчитинэн үөрэнээччилэр сибэкки арассаадатын үүннэрэллэр, көрөллөр-харайаллар, онтон оскуолаларга биэрэллэр. «Мөлүйүөн сибэкки» оскуола аахсыйатын бастакы сылыгар куорат күөххэ симэммитин өйдүүргүт буолуо, наһаа кэрэ уонна оҕолорго туһалаах дьарык этэ – эн оҕоҥ бүөбэйдээбит сибэккитэ ханна үүнэн турарын чопчу билбэккин уонна бары сибэккилэри харыстыы  сатыыгын. 

Быйыл ханна мас олордуллуоҕай?

Үбүлүөйдээх дааталарынан сибээстээн көҕөрдүү үлэтинэн куорат тэрилтэлэрэ, уопсастыбанньыктар аахсыйалары уонна субуотунньуктары ыытыахтара. Быйыл уопсайа 10 000 маһы уонна сэппэрээги олордору былаанныыбыт. Маһы уонна сэппэрээги олордууга маассабай субуотунньуктар ыытыллар сүрүн миэстэлэрэ – «Ворота Якутска» болуоссат, Гагарин уонна Кыайыы пааркатын сквердэрэ. Ол курдук, Кыайыы скверигэр «Өйдөбүнньүк саада» бастакы аахсыйа ыам ыйын 20 күнүгэр ыытыллыбыта. Барыта 2000 маһы олордуу былааннанар, аахсыйаны Экология министиэристибэтэ ыытар. Куорат олохтоохторун көҕөрдүү үлэтин субуотунньуктарыгар уонна «Киин куорат күөх кубога» куонкуруска кыттаргытыгар ыҥырабыт.

Үүнээйилэри – олордуллубут мастары, сибэккилэри ким көрөр-харайар буоларый?

Быйыл үлэбит хайысхата уларыйда, тупсаран оҥоһуллуохтаах уонна көҕөрдүллүөхтээх территориялары куорат тэрилтэлэригэр уонна биэдэмистибэлэригэр сыһыарар туһунан Олохтоох дьаһалта дьаһала тахсыбыта, онно олоҕуран үлэлиибит. Итиэннэ сыл тухары куорат территориятыгар баар мастар, сэппэрээктэр ахсааннарын инвентаризациялааһын ыытыллыаҕа, төһө үчүгэйдик үүнэллэрин үөрэтиэхпит. Мастар кыайан үүммэт сирдэригэр, араас биричиинэнэн оннук эмиэ буолар, инники өттүгэр кыра сэппэрээктэри эрэ олордуохпут.

Муниципальнай сулууспалар, уопсастыбанньыктар, тэрилтэлэр уонна биэдэмистибэлэр күүспүтүн, кыахпытын холбоон, сомоҕолоһон, сөпкө үлэлээтэхпитинэ, аҕыйах сыл иһигэр куораппыт тупсуоҕа. Саамай сүрүнэ – көхтөөх уонна “позитивнай” турук.

«Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» МХТ салайааччыта Владимир Аммосов «ВКонтакте» социальнай ситимҥэ киин куоракка ыытыллыахтаах көҕөрдүү туһунан ыйытыктар киирэн эрэллэр диэн суруйда уонна олохтоохторго туһаайан бырайыак үтүө өрүттэрин уонна итэҕэстэрин ыйда, үүнээйилэри көрүү-харайыы туһунан иһитиннэрдэ уонна сөпкө дьаһанарга сыһыаннаах сүбэ-соргу биэрдэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....