11.06.2020 | 10:20

Көҕөрдүү үлэтэ тэтимирэр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тапталлаах куораппыт киин болуоссаттарыгар, сынньанар сирдэргэ, тэрилтэлэр иннилэригэр дьэрэкээн өҥнөөх сибэккилэр, силигилии үүммүт мас арааһа дьон-сэргэ хараҕын сымнатыахтара, кэрэ көстүүнү бэлэхтиэхтэрэ.

Ааспыт сылы санаан ыллахха, былырыын Дьокуускай куораты тупсарыы уонна көҕөрдүү үлэтигэр бүддьүөттэн 3 мөлүйүөн суумалаах үп көрүллүбүтэ. Манна кэккэ улахан эбийиэктэргэ, ол курдук „Солдат Туймаады“ , “Московская набережная памяти Георгия Победоносца” сквердэргэ сүрүн болҕомто ууруллубута. Инникитин куорат ис-тас көстүүтүн тупсарарга хаачыстыбалаах, сонун композициялар оҥоһуллан, олохтоохтор сүргэлэрин бу да сырыыга көтөҕүөхтэрэ дии саныыбын. Ол курдук, аныгы “европейскай” истииллээх бырайыак оҥоһуллан, олоххо киирдэҕинэ, дьикти кэрэ көстүүлэр куораппытын киэргэтиэхтэрэ.

Ида Ивановна Петрова, Дьокуускай куорат дьаһалтатын Тас тупсарыы үлэтин хонтуруоллуур отдел начаалынньыга:

– Бу күннэргэ куораты көҕөрдүү үлэтэ тэтимнээхтик саҕаланан эрэр. Куорат бүддьүөтүттэн бу тэрээһиҥҥэ  4,3 мөлүйүөн кэриҥэ үп көрүлүннэ. АО «Якутдорстрой» киин болуоссаттары, сквердэри көҕөрдүү үлэтин саҕалаата.

Уопсайа 20 675 сибэкки арассаадата олордуллара былааннанар:

-  Орджоникидзе болуоссатыгар – 8050

-  “Солдат Туймаады” сквергэ – 6625

-  Кыайыы болуоссатыгар – 5375

- «Московская набережная Георгия Победоносца»  сквергэ – 625

- Ийэ скверигэр – 40 мас, 83 кустарник олордуллуоҕа.

Уокуруктар, куорат таһынааҕы бөһүөлэктэр территорияларыгар уопсайа 214 480 сибэкки, 4569 мас уонна кустарник олордуллара былааннанар. Манна куорат бүддьүөтүттэн 8,2 мөлүйүөн үп  көрүлүннэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...