02.08.2021 | 16:30

Көрүнньүк олохпут арахсан эрэр дуо?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ааспыт сылтан интэриниэт ити арахсар үһү, бу арахсар үһү диэннэр “үһүнэн” эрэ олоробут.  Кырдьык, Арассыыйаҕа бэс ыйын 15 күнүгэр интэриниэт глобальнай ситимин араарыыга үөрэтии буолан ааста. Манна даҕатан эттэххэ, бэрт соторутааҕыта, сааһыары быһыылааҕа, социальнай ситимнэр үлэлэригэр хааччахтааһын эмиэ киирбитэ. Холобура: Instagram, Twitter, Facebook курдук ситимнэр бытааран хаалбыттара уонна 6-лыы чааска тиийэ үлэлээбэтэхтэрэ. 
Ама, интэриниэт  арахсыа дуо? Көрүнньүк олоҕу тохтотоору гыналлар дуо? Бу кэннигэр ким саһан турарый уонна тоҕо интэриниэти бобор? Ол туһунан сиһилии мантан аллараа ырытыһыах.

Киһи тус олоҕо барыта дьон хараҕын анныгар хатанар кэмэ. Ол курдук, тугу аһаабыппытын, тугу атыыласпыппытын, төһө кыахтаахпытын барытын ситимҥэ көрдөрө олоробут. Дьиҥинэн, киһи сиилиирэ манна туох даҕаны суох, аныгы олох ирдэбилэ буоллаҕа дии, уонна онтон олохпут оннук, мэлдьэһэр кыаллыбат диэххэ. Аан дойду хас иккис киһитэ ситими баһылаан олорор. Ким эрэ күлүү-элэк курдук туттар, ким эрэ наадалаах иструмент курдук ылынар. Этэргэ дылы, интэриниэт олоҕор ким да кими да күүһүлээбэт. Көҥүл олох диэххэ сөп. Интэриниэт баар буолан сайдыы аартыга арыллар, олох таһыма кэҥиир, кэскил да биир сиргэ турбат.

Аныгы үйэ киһитэ интэриниэккэ үөрэммит буолан, олохпут онтон улахан тутулуктаах буолла. Барытын кэриэтэ онлайн оҥоробут, төлүүбүт. Интэриниэтэ суох харчы да хамсаабат. 

 

Интэриниэт арахсыа дуо?

Быйыл, Арассыыйаҕа Рунет (нуучча сиригэр олохтоммут  интэриниэт) үлэтин глобальнай ситимтэн араарыы ыытыллыбыт. Бэс ыйыгар уонна от ыйыгар Арассыыйаҕа интэриниэт дааннайдарын үөрэппиттэр, тустаах тургутууну ыыппыттар. Ол эрээри туох сыаллаах-соруктаах маннык хабааннаах тургутуулары ыыталлара кимиэхэ даҕаны биллибэт. Арассыыйа биир биллэр сайта суруйарынан, уочараттаах үөрэтии хаһыс да сырыытын ыытыллар эбит. Сүнньүнэн, интэриниэт эйгэтэ туруктаах буоларыгар уонна киэҥ эйгэҕэ төһө күүстээҕин, үлэлиирин дуу, суоҕун дуу бэрэбиэркэлээһин.

Бэс ыйын 15 күнүттэн от ыйын 15 күнүгэр диэри, куттал суох буолуутун хааччыйар туһуттан, интэриниэт ситимин бигэтик сайыннарар сыалтан, үөрэтии ыытылынна. Ол туһунан тустаах информационнай куттал суох буолуутун хааччыйар АНО «цифровой экономика» (биир национальнай программа, олоххо киириитигэр эппиэттиир) рабочай бөлөх матырыйаалларыгар ыйыллар. Докумуоннарга интэриниэти тургутуу туох сыалтан оҥоһуллара ыйыллыбатах уонна тугунан түмүктэммитэ эмиэ кэпсэммэтэх. Арай отчуоттуур матырыйааллары атырдьах ыйын 31 күнүгэр диэри былаанныыллар эбит. Ол туһунуан «РБК” суруйар. Бу тургутукка Арассыыйа бөдөҥ телекоммуникационнай ырыынагын бары тэрилтэлэрэ кыттыбыттар:  «Ростелеком», «Транстелеком»  боростуойдук (ТТК) диэххэ уонна  «ЭР-Телеком Холдинг» хампаанньа оператордара. Туох сыаллаах-соруктаах бу хампаанньалар кыахтарын тэҥнээбиттэрий диир буоллаххытына, биир эппиэт маннык: сотору кэминэн Арассыыйаҕа интэриниэт блокировкаланыыта.

 

Туох чинчийии ыытыллара биллибэт

2019 сыл күһүнүгэр Арассыыйаҕа интэриниэккэ куттал суох буолуутугар аналлаах тустаах сокуон ылыллыбыта. Сокуон быһыытынан дойду бары оператордарын ситимнэригэр анал оборудование туруоруллуохтаах, ону тэҥэ  Роскомнадзор тустаах салаа интэриниэт  трафигын маршрутизациялыыр кыахтаах буолуохтаах. Ол эбэтэр дойду тэбэр сүрэҕиттэн олорон эрэннэр, скораһы түргэтэтиэхтэрин эбэтэр бытаардыахтарын сөп. Эмиэ ити оборудование көмөтүнэн Арассыыйаҕа бобуллубут контены блокировкалыыр кыахтаахтар, бэрт кэнники кэмҥэ туспа хампаанньалар сайтарын үлэлэрин-хамнастарын блокировкалыыр буоллулар.  Холобур, бу сыл кулун тутарыгар биэдэмистибэ Twitter ситимигэр  видео уонна хаартыска угуутун, хачайдааһынын бытаардан биэрдэ. Бу, социальнай ситим бытаарааһына киэҥ эйгэҕэ тарҕаныа суохтаах матырыйаал тахсыбытыттан, сокуону кэһииттэн маннык быһыы-майгы үөскээбитэ. Онтон ыам ыйын ортотугар хааччахтар син уһуллубуттара. Билигин даҕаны биһиги региоммутуттан сорох сайтарга киирэр кыахпыт суох, оннооҕор онлайн ырыаны эмиэ иһитиннэрбэттэр. Дойдуттан, сириттэн-уотуттан тутулуктааҕа биллэр суол.

 

Харчыны сүгэ сылдьан

Чараас эйгэни кытта ситимнэһэр киһибит Алексей Божедонов – Сырдык атырдьах ыйын 22 күнүгэр интэриниэт арахсар диэн сэрэтиилээх видеота бассаабынан тарҕанна. «Дьэ, туох буолар үһү?» диэн бары иһийэн олорон иһиттибит...

Сырдык этэринэн,  Үрдүкү Айыылар субуотаҕа, хортуоппуй сиппитин кэннэ, интэриниэппит арахсар диэбиттэр. Дьиҥинэн, 21 чыыһылаҕа түбэһэр, биһиги бириэмэбит Американы кытта биир суукка араастаһыылаах.  Америкаҕа 21 чыыһылаҕа, 2021 күҥҥэ. Интэриниэт вирустара, ийэтэ-аҕата, хараҥаччыта Америкаҕа олорор диэн билгэлиир.

Ити курдук, аан дойдуну иитэн-аһатан олорор интэриниэппит балтараа ый кэриҥэ арахсара күүтүллэр. Дьэ, оччоҕо туох буолар? Харчыбыт? Үлэбит? Интэриниэт арахсар буоллаҕына – хаһыат эрэ хаалар буоллаҕа дуу? Сырдык 1.5 ыйга тиийэр аскытын хаһааныҥ диир, ордук – бурдук, эт кэнсиэрбэтэ, мохоруон, килиэп, арыы бородуукталары ааттыыр. Чэ, бу бастакы этиитэ маннык буолла...

Аны иккис этиитэ – ГСМ. Интэриниэт үлэлээбэт буоллаҕына, уматык суох буолар, дьэ оччоҕо тимир көлө иннинэн да, кэннинэн да барбат. Бары билэрбит курдук, атыы-эргиэн барыта электроннай харчыга көһөн турар, кумааҕы харчынан табаары атыылаһар киһи ахсааннаах. Нэһилиэнньэ 80%-на электроннай кумааһынньыктаах, хаалбыт 20%-на кумааҕы харчыны туттар. Электроннай харчы сүтэн, «кууллаах харчыны сүгэ сылдьан айманарбыт кэлэр” диир! Манна сыһыаран эттэххэ, инкассатордар үлэтэ суох хаалыыһылар. Көмүс уонна сыаналаах көмүс таһыллыытыгар аҕыйах киһи хаалан үлэлиэ. 

 

Интэриниэт барыан сөп

Төһө кырдьыгын билбэппин эрээри, «дьон кууллаах харчыны сүгэ сылдьан хоргуйуохтара, аччыктыахтара» диэн этии былыргыттан баар, интэриниэт арахсар түгэнигэр, кырдьык, уустук олох кэлэр, Арассыыйа бэркэ чэчирээн олорор кэмэ кэлбитигэр, интэриниэтэ суох хаалара – хомолтолоох. Америка курдук кыахтаах, күүстээх-уохтаах, баай дойдуну утары көрөн туран суоһурҕаныы содула дуу. Кырдьык, кыратык кыыһырыа да, интэриниэти арааран кэбиһиэҕэ, бүттэҕэ дии! Ийэ сирбит бэйэтэ ыраастанан да баран, силигилии ситэр, көҕөрөн туруон эмиэ сөп. Аата-ахсаана биллибэт баһаардарбыт тахсыылара эмиэ «ноолоох”. 

 

Харчылаах киһиэхэ ыарахан буолсу дуу?

Баай, элбэх харчылаах дьоҥҥо уйаларыгар уу киириэн сөп эбит. Боростуой дьон каартатыгар, кумааһынньыгар сүтэрэр үбэ суох, кэлэр буоллаҕына, кэлин тэҥнэһиэхпит дии саныыбын. Хайа сах буолар, бу олоххо тугу барытын кэтэһиэххэ сөп кэмэ үүннэ. Дьонтон да, айылҕаттан да...

Биэнсийэттэн биэнсийэҕэ, хамнастан хамнаска олорооччуларга син туох да буолбат ини диэн эрэх-турах санаа баар. Сырдык эппитэ кырдьык буоллаҕына, киин куорат дьонугар, олохтоохторугар соччото суох буолаахтыа, тыаҕа кэм дьон бэйэ-бэйэтин салҕаһан балтараа ыйы тулуйар ини.

 

Кирэдьииттэрбит сотуллар туруктаахтар

Мин «Айылҕаттан айдарыылаахтар» балаһаны дөрүн-дөрүн суруйабын. Былырыын, баччаларга быһыылааҕа, биир өтө көрөөччү сотору кэминэн “интэриниэт арахсар” диэн кэпсээн турар уонна “аҕыйах кэминэн баантан кирэдьииттээх дьоннор иэстэрэ барыта сотуллан хаалыа” диэбитин кулгаахпар чуо-бааччы истибитим. Чопчулаһа сатаабытым да, бу кэмҥэ диэн чуолкай эппиэти хардарбатаҕа. Ким билэр, баҕар иэс-күүс эмиэ сотуллар кэмэ үүммүтэ буолаарай?

 

Баһаар уонна сибээс

Үтүмэн элбэх баһаар быйыл буолла, буола да турар. Хаста да улууска, нэһилиэккэ интэриниэт сүтэн, ас-таҥас, үлэ да тохтоон олордулар. Магистральнай интэриниэт линиялара өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биир эрэ, ол линиябыт быһынна эрэ, бүтүн улуус, нэһилиэк сибээһэ арахсар. Интэриниэт сүттэ эрэ, олох оҥкула тохтуур... Аны туран, уот линията эмиэ тыын боппуруос. Аспыт-үөлбүт, туох баар олохпут укулаата барыта харгыстанар буоллаҕа...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...