20.12.2020 | 10:56

КӨРӨӨЧЧҮ КУТУН ТУППУТ БАЙБАЛ ДРУЗЬЯНОВ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

 “Дыгын оонньууларын” күрэҕин кэтэһэн-кэтэһэн баран, дьэ, икки күс устата телевизортан арахпакка олорон көрдүбүт. Бары билэрбит курдук, ыраас кыайыыны Амма бөҕөһө Леонид Филиппов ылла.

Көрөөччү бэйэтин «фаворитын» экран иннигэр икки күн устата аһыыры, утуйары умнан туран кэтээтэ. Бүгүн спорду, чөл олоҕу өрө туппут Байбал Друзьяновы кытта кэпсэтиибитин таһаарабын.

- Байбал, дорообо! Дьэ, чахчы киппэ уол эбиккин! Көрөөччүлэргэ сэргэх киирсиилэри көрдөрбүккүнэн уонна төһө даҕаны эчэйии ылларгын, эр санааҕын түмэн киирэн күрэхтэспиккэр махтанабыт.

- Дорооболоруҥ! Мин Чурапчы улууһун Сылаҥ нэһилиэгиттэн сылдьабын. Баһаарынай сулууспаҕа үлэлиибин, 4-үс быыһыыр чааска баарбын. Ийэм Варвара Васильевна алын кылаас учуутала. Аҕам Егор Егорович бааһынай хаһаайыстыбалаах. Бииргэ төрөөбүт үһүөбүт, балтылаахпын уонна эдьиийдээхпин. Оскуолабын Сылаҥҥа бүтэрбитим. Идэбинэн тутааччы-инженер буолабын.

Оҕо сылдьан футбол, баскетбол көрүҥнэрин  сэҥээрэр этим, сахалыы многоборьеҕа биир да көрүҥҥэ дьарыктамматаҕым.

- Эн, “Дыгыҥҥа” хасыһын да киирсэҕин. Ол кэмтэн ыла дьон эйигин көрөн билэр. Быйылгы күрэххэ бэйэҥ кыаххын толору туһанныҥ дуо?

- Бары көрүҥҥэ барытыгар эбиэххэ сөп этэ, ситэ туһамматым диэххэ сөп. “Дыгын оонньуулара” буоларын түөрт күн иннигэр, дьарыкка сылдьаммын эчэйии ылан кэбиһэммин күүскэ мэһэйдэттим.

- Көрөөччүтэ суох ыытыллыбыта хайдаҕый?

- Күрэхтэһии диэн ыалдьааччылардаах, көрөөччүлэрдээх буолуохтаах буоллаҕа дии. Билиҥҥи кэмҥэ, кэккэ биричиинэнэн, ол кыаллыбат буоллаҕа, күрэхтэһии буолбутугар махтаныахха наада. Уолаттар сыллааҕы дьарыктара халтайга хаалбатаҕа эмиэ оруннаах.

- Турукка киириини маҥнайгы күҥҥэ бары да ааспатылар быһыылаах. Тоҕо?

- Турукка киирээһини ким хайдах сатыырынан буоллаҕа дии. Үксэ “бу буолар, бу буолбат” диэннэр охсуулаах буолла диэн бэлиэтиэххэ наада.  Күрэх икки нэдиэлэ хаалбытын эрэ кэннэ “чахчы буолар” диэбиттэрэ. Аны туран тымныы, көлөһүн тохтубат, ол эмиэ оруолу оонньоото.

- Байбал, спорт киһиэхэ ханнык хаачыстыбаны иҥэрэр дии саныыгын?

- Спорт киһиэхэ туруоруммут сыалы ситиһэргэ көмөлөһөр, дьиссипилиинэ баар буолар, бэрээдэги сааһылыыр, өй-санаа, эт-хаан өттүгэр кытаанах буолууну иитэр.

- Эн санааҕар, саха эр киһитэ хайдах буолуохтааҕый?

- Дьиэ-кэргэнин харыстыыр, булугас өйдөөх, киэҥ көҕүстээх буолуохтаах.

- Спортан  хайдах сынньанаҕын?

- Күһүҥҥү бултка сылдьарбын сөбүлүүбүн. Быыс-арыт баар буоллаҕына айылҕаҕа сынньанана тахсабын, күүс-уох эбинэбин, ыраастанабын.

- Олоххо тутуһар тус санааҥ?

- Бэйэ иннигэр сыал туруоран баран,  ол сыалы ситиһии.

- Кэргэннээххин дуо?

- Кыыстаахпын.

- Уол оҕону иитиигэ тугу сүбэлиигин?

- Уол оҕолоох киһи оҕотугар холобур буолуохтаах. Уол оҕо аҕатын батыһан улаатар, киһи буолан килбэйэр.

- Эдэр киһи буолаҕын, бэйэҥ саастыылаахтаргар эйигин холобур оҥостор уолаттарга тугу баҕараҕын?

- Чөл олоҕу тутуһуҥ, спордунан дьарыктаныҥ, өйү-санааны сааһылана сылдьыҥ, саха норуота эр киһиттэн тутулуктааҕын умнумаҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...