Күнтэн харыстанар кэм
Күҥҥэ сыламнааһын киһи доруобуйатыгар, уҥуоҕар, сүһүөхтэригэр D битэмиини ыларга саамай судургу ньыма. Ультрафиолет организмҥа барар үгүс эттиктэр атастаһыыларыгар төһүү буолар, онон күҥҥэ сыламнаан тириибит хараарарын таһынан, ньиэрбэ күүрүүтүн, деперессияны утары охсуһуохпутун сөп.
Ол эрэн күн сардаҥата туһалыырын тэҥэ улахан буортуну оҥорорун туһунан эмиэ өйдүөх тустаахпыт. Аһара өр күн анныгар сырыттахха тирии коллагена, эластина алдьанар – баларыҥ эдэр буолууга эппиэттиир эттиктэр. Ультрафиолет тирии эпидермальнай бүрүөһүнүн алдьатар, көмүскэнэ сатаан тирии тутула алдьанар, халыҥыыр, капиллярдара быһыта бараллар, эластин тутула тосту уларыйар.
Учуонайдар дакаастаабыттарынан, 25 сыл устата харыстанар кириэмэ суох сагаардыыр киһи тириитэ улаханнык кырдьар, куурар, мырчыстаҕастара элбиир, пигментнэй бээтинэлэр, куперозтар үөскүүллэр.
Күн быһа сиирин таһынан, бэл, меланома (араак) курдук ыарахан ыарыыга тиэрдиэн сөп. Ордук сырдык тириилээхтэр күнтэн сэрэниэхтээхтэр. Солярийга элбэхтик сылдьар дьон эмиэ бу ыарыыттан сэрэхтээх буолуохтаахтар.
11:00-15:00 чаас икки ардыгар күн саамай актыыбынай фазата буолар – бу кэмҥэ аһаҕас күн анныгар өр сылдьар доруобуйаҕа буортулаах.
SPF хайаан да туттуохтаахпыт
Урут наадыйбат эбит буоллахпытына, билиҥҥи үйэ кэрэ аҥаара хайаан да SPF (Sun Protection Factor) кириэминэн туттар буолла. Харыстыыр кириэмэ суох күн анныгар 10-ча мүнүүтэ буолуохха сөп, онтон салҕыы күн буортулаах эрэ дьайыыланара дакаастанан турар. Оттон, холобур, SPF 50 кириэминэн сотуннахпытына, 500 мүнүүтэҕэ тиийэ куттаммакка күҥҥэ сыламныахпытын сөп.
SPF кириэм арааһа баар. Олортон комбинированнай дьайыылаах диэни талар ордук – UVA уонна UVB фильтрдаах буолаллар. Маннык кириэмнэр хахтарыгар “Broad Spectrum” (широкий спектр защиты) диэн маркировканы көрдүүбүт.
Интэриэһинэй чахчы: Кэрэ аҥаардар Кореяттан кэлэр косметиканы хайҕыыр, хото туһанар буоллулар. Кореянкалар күнтэн харыстаныыга улахан болҕомтолорун уураллар, бэл, дьиэ иһигэр кытта анал кириэминэн соттоллор. Тоҕо диэтэххэ, түннүк өстүөкүлэтин күн UVА-спектрдаах сардаҥалара холкутук нөҥүөлүүллэр эбит – маны кинилэр кырдьыы, пигментация биир сүрүн төрүөтүнэн ааҕаллар.
Күнтэн харыстыыр кириэми таларга киһи бэйэтин тириитин фототибын билиэхтээх. Ону хайдах быһаарары дерматологтар сүбэлиэхтэрин сөп.
SPF кириэминэн сырдык тириилээх эрэ дьон туттуохтаахтар дии саныыр сыыһа. UVA-сардаҥалар киһиэхэ барытыгар тэҥник дьайаллар, онон хара тириилээх дьоҥҥо кытта харыстыыр кириэм хайаан да наада.
Бастатан туран, SPF (Sun Protection Factor) диэн суругун көрүөхтээхпит. Холобур, кириэмэ суох 10 мүнүүтэҕэ күҥҥэ умайар буоллаххытына, SPF 30 кириэми биһиннэххитинэ, 30 төгүл уһуннук күҥҥэ сылдьыаххытын сөп, ол аата 300 мүнүүтэҕэ UVB-сардаҥалар буортулаах дьайыыларыттан харыстанаҕыт.
Оттон UVA-сардаҥалартан харыстанарга кириэм хаҕыгар PA (Protection Grade of UVA) эбэтэр PPD (Persistent Pigment Darkening) диэн суругу көрдүөхтээхпит.
Онон күнтэн харыстанар кириэми атыылаһаргытыгар SPF уонна PA (PPD) диэн суруктаахтары талар ордук.
Маркетологтар төһө да рекламалаабыттарын үрдүнэн, SPF 30 уонна SPF 50 уратылара 1 эрэ бырыһыан. Холобур, SPF 30 UVB-сардаҥа 97 бырыһыаныттан харыстыыр буоллаҕына, SPF 50 бырыһыанынан эрэ элбэҕи харыстыыр.
Күнтэн көмүскүүр кириэминэн соттон баран киэһээтин тириибитин кичэйэн ыраастыахтаахпыт, тоҕо диэтэххэ SPF кириэмнэр көннөрү уунан сууйуллан хаалбаттар. Хас да түһүмэхтээх суунуу, ыраастаныы, тониктааһын хайаан да наада.