01.02.2021 | 06:48

КҮННЭЭҔИ ЭРЭСИИМ – ОҔО ДОРУОБУЙАТЫН СҮРҮН ТИРЭҔЭ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Оҕо доруобуйатыгар саамай улахан оруолу күннээҕи эрэсиими сааһылааһын ылар. 3 сааһыгар диэри оҕо эрэсиимэ хаста да уларыйар.

Күнэ сааһыламмыт оҕо уһуйааҥҥа кэлэн чэпчэкитик үөрэнэр. Дьиэтигэр күнэ сааһыламматах оҕо уһуйааҥҥа кэлэн ытыыра элбиир, кэлэктиипкэ сатаан киирэн биэрбэт, ол иһин устунан элбэхтик ыалдьар, уһуйааныгар сылдьыан баҕарбат буолар.

Сөптөөх эрэсиими тутуһуннара үөрэтэргэ өрөбүл диэн суох буолуохтаах. Улахан киһи курдук оҕо хойукка диэри утуйбакка сылдьара эбэтэр күнүскүгэ диэри утуйара сыыһа. Эрэсиимэ кэһиллибит оҕо саастыылаахтарыттан өй-санаа, эт-хаан өттүнэн хаалар, саҥата хойут сайдар, ньиэрбинэй систиэмэтин үлэтэ кэһиллэр.

Элбэхтик салгыҥҥа сылдьан эти-хааны эрчийэр хамсаныылаах оонньуулары, араас дьарыктары, үлэлии үөрэнэр уонна бэйэни көрүнэр сатабыллары киллэрэн иһиҥ. Оҕо дьарыга сааһыгар сөп түбэһиэхтээх, киниэхэ уустук сорудахтары биэрэн туһалыырдааҕар, хата, төттөрүтүн буортуну оҥоруохха сөп.

Оҕону кытта төһө кэм дьарыктаныахтаахпытый?

3 саастарын туолуохтарыгар диэри күҥҥэ биирдэ 8-10 мүнүүтэ дьарыгы ыытар ордук.

4 сааһыттан оҕо дьарыгын 15 мүнүүтэҕэ диэри уһатабыт.

5 саастаах оҕо 20 мүнүүтэ күҥҥэ иккитэ дьарыктанар.

6 саастаах оҕо 25 мүнүүтэ күҥҥэ үстэ дьарыктанар.

Оҕо туругуттан, баҕа санаатыттан көрөн уларыйыылары киллэриэххитин сөп.

Кыра оҕо сүрүн дьарыга – оонньуу. Онон иллэҥ кэмҥитигэр оҕолоргутун кытта оонньооҥ, кэпсэтиҥ, чугастык бодоруһуҥ. Оҕо сайдыыта, уһуйаан иитээччититтэн, эбэттэн-эһэттэн эрэ буолбакка, төрөппүттэртэн ордук тутулуктааҕын өйдөөҥ.

Аныгы оҕо интэриэһэ виртуальнай эйгэҕэ көһөрө олус судургу. Суотабайы, планшеты туттаран кэбиһэр төрөппүккэ эмиэ чэпчэки. Үлэнэн үлүһүйэн, харчы эккирэтиитигэр оҕолоргут саамай көмүс саастарын – оҕо саастарын куоттарымаҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Хотой кырыыhа
Сынньалаңңа | 21.12.2024 | 12:00
Хотой кырыыhа
Аан Ийэ дойдуга алдьархайдаах сэрии уота сатыылаан, киhи-сүөhү, кыыл-сүөл, көтөр-сүүрэр барыта уйулҕата хамсаан, олоҕун укулаата ыhыллан, тыыннаах хаалар кыhалҕатыгар кыпчыттаран, олохсуйбут сириттэн тэлэhийэн, үрүң тыыннарын өрүhүнэр түбүгэр түстүлэр.     Оргуйа турар сэрии кутаатыттан тэскилээн, суттан-кураантан күрэнэн, төрөөбүт дойдутун хаалларан, көтөр кынаттаах бииhин ууhун көрдөhүүлэринэн, чуумпу-уйгу олоҕу көрдөөн, Хотой кыыл хоту диэки...
Ульяна Корякина:  «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Дьон | 20.12.2024 | 10:00
Ульяна Корякина: «Сахам тылын саамай сүмэтин олоҥхоҕо көрөбүн»
Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр түмэл алгыс балаҕаныгар Прокопий Прокопьевич Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта Кыыс Бухатыыр” олоҥхотун оллоонноон олорон толорон истээччилэри мунньар эдэркээн кыыс кимий?   – Ульяна, «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ. – Мин Чурапчы улууһугар Хоптоҕоҕо күн сирин көрбүтүм, улааппытым. Билигин Дьокуускайдааҕы М.Н. Жирков аатынан музыка коллеһын...
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Сонуннар | 20.12.2024 | 18:51
2025 сыл – Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
Ахсынньы 19 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһулааһыныгар кэлэр 2025 сылы Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ийэ дойдуну көмүскээччи сылынан биллэрдэ. Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ Аҕа дойду Улуу сэриитин 9 бэтэрээнэ олорор. «Бу саалаҕа анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара – Арассыыйа дьоруойдара, «Эр санаа» уордьанын, «Хорсунун иһин», «Бойобуой үтүөлэрин...